«Туймаада» акционернай буолар, «Бичик» бакаа буолбат

Бөлөххө киир:
«АЛРОСА-Ньурба» ААУо акцияларын солуок ууран баран, «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП иэһин-күүһүн төлүүр туһунан Ил Түмэҥҥэ кэпсэтии тахсыбыта. Аны Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар «Бичик», «Сахабулт» тэрилтэлэри приватизация барыллааһын былааныгар киирбиттэриттэн  соһуйдубут.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

«Бичик» бакаа приватизацияламмат

«Бичик» кинигэ кыһата социальнай суолталаах бородууксуйаны, ол иһигэр кыра оҕолорго, оскуола үөрэнээччилэригэр анаан кинигэ бэчээттээн тааһарар. Онон бу сыалга анаан аҕыйаҕа суох үп-харчы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тыырыллар. Инникитин тэрилтэ судаарыстыбаннай-унитарнай тутулун сүтэрэн, акционернай уопсастыбаҕа кубулуйдаҕына, бүддьүөттэн көмө ыларыгар ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Бу туһунан пленарнай мунньахха үгүстүк кэпсэтэн, уопсай куоластааһынынан, «Бичик» кинигэ кыһатын онуоха-маныаха диэри приватизация былааныттан таһаарбыттара.
Оттон «Сахабулт» хампаанньа акцияларын атыылааһынын дьокутааттар утаран, уопсай куоластааһынынан, испииһэккэ киллэриллибэтэ. Хампаанньа сүүрбэттэн тахса сыл устата олохтоох оҥорон таһаарааччылар ырыынактарыгар үлэлээн, аатын ааттатан кэллэ. Саҥа салайааччы кэлиэҕиттэн, тэрилтэ иккиһин тыын ылбыттыы, билигин бигэ туруктаахтык үлэлиир.

ГУП-тар акционернайга кубулуйуохтара

«СӨ судаарыстыбаннай баайын-дуолун приватизациялааһын туһунан (саҥа эрэдээксийэтэ)» сокуоҥҥа олоҕуран 2017 – 2019 сылларга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай баайын-дуолун приватизациялааһын барыллаан былаанын бигэргэтэн, чугастааҕы сылларга «Телевидениенэн уонна араадьыйанан биэриилэр техническэй кииннэрэ», «Туймаада» үп-агропромышленнай хампаанньа, «Сахамедпром», «Стройсельгазификация» нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын Дирекцията» судаарыстыбаннай-унитарнай предприятиелар акционернай уопсастыбаларга кубулуйуохтара. Маны таһынан приватизациялааһын былааныгар «Беркакит – Томмот – Дьокуускай» тимир суолу тутуу Дирекцията» ААУо уонна «Нерюнгритааҕы көтөр фабриката» АУо акциялара киллэрилиннилэр.

Бүддьүөт «хайаҕастарын» бүөлүө дуо?

Сыарҕаҕын сайын, тэлиэгэҕин кыһын оҥоһун диэн өс хоһооно баар. Бары бэркэ диэн билэр буолуохтааххыт. Сорох хампаанньалар акцияларын атыылаан баран бүддьүөт «хайаҕастарын» бүөлүүр сыаллаах ыытыллыахтарын сөп диэн санаа эмиэ кэлэр. Кэлиҥҥи сылларга дойду үрдүнэн ыытыллыбыт судаарыстыба бас билиитин приватизациялааһыны РФ Ааҕар-суоттуур палатата көдьүүһэ суоҕун хаһан эрэ этэн турардаах. Бу туһунан киин иһитиннэрэр-көрдөрөр ситимнэр ыһа-тоҕо суруйан тураллар. Аны приватизация бүддьүөт дефицитин сабыыга сүрүн источниктартан биирдэстэринэн буолара саарбахтаммат. Биитэр хайа эрэ тэрилтэ иэһин-күүһүн сабыыга. «Саха сирэ» хаһыат сэтинньи 24 күнүнээҕи нүөмэригэр «ОДьКХ» ГУП «АЛРОСА-Ньурба» акцияларыгар дураһыйар» диэн ыстатыйабар эмиэ суруйан турабын.
СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыан­наһыыларыгар министиэристибэтин исписэлиистэрэ, төттөрүтүн приватизацияламмыт тэрилтэлэр көдьүүстэрэ үрдүө диэн этэллэр. Дьэ, хайдах буолар. Оччотооҕу быһаарыа.

Эксперт:

Барыта атыылааһын буолбатах

Евгения Григорьева, СӨ баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ:
Үс сылга болдьохтоох сабаҕалыыр былааны аан бастаан оҥордубут. Приватизация 10 көрүҥнээх. Онон, атыылааһын эрэ буолбатаҕын өйдүөхтээхпит. Өссө ити иһигэр ГУП-ры акционернай уонна хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбаларга кубулутуу диэн баар. Онон приватизация 11 көрүҥнэнэн тахсар. Бу бастатан туран, салайыы систиэмэтэ дьэҥкэ буоларын уонна хаачыстыбата үрдүүрүн туһугар оҥоһуллар. Акция 100% судаарыстыба бас билиитигэр киирэр.
Судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ акционернай уопсастыбаҕа кубулуйар түгэнигэр, бас билээччи уларыйбат. Холобур, судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ үлэтэ быһаччы генеральнай дириэктэртэн тутулуктаах буоллаҕына, акционернай уопсастыбаҕа дириэктэрдэр сэбиэттэрэ диэн баар буолар. Ол аата бүттүүн быһаараллар. Маны таһынан ревизиялыыр хамыыйа үлэлиир.
Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар судаарыстыба баайын-дуолун 2019 сылга диэри приватизациялыыр былаанын киллэрбиппит. Ол иһигэр судаарыстыбаннай биэс унитарнай тэрилтэни (ГУП) АУо-ҕа кубулутуу итиэннэ сорох акционернай уопсастыбалар акцияларын атыылааһын туһунан киллэрбиппит. Уһун кэпсэтии, сүбэлэһии кэнниттэн, дьокутааттар «Бичик» кинигэ кыһатын испииһэктэн таһаардылар.
Анивера АКИМОВА.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0