«Туймаада-Нефть» хампаанньа отчуттарга уматыгы иэс кутар

26.07.2017
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ от үлэтин харгыһа суох ыытар инниттэн “Туймаада-Нефть” НХ ААУо-ҕа тиэхиньикэ уматыгын отчуттарга быйыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри төлөһөр дуогабарга иэс кутарыгар этии киллэрбитэ.

edersaas.ru


Онно олоҕуран, билигин хаһаайыстыбалартан 17,63 туонна АИ-92-лээх бензиҥҥэ уонна 345,56 туонна сэлээркэҕэ сайаапка киирэн сытар. Хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Андрей Васильев этэринэн, бу кэмҥэ ити кээмэйтэн 34 бырыһыанын биэрбиттэр. Уматыгы “Туймаада-Нефть” НХ улуустар кииннэригэр уонна улахан бөһүөлэктэргэ үлэлиир АЗС-тан иэс куттуохха сөп. “Суола-ииһэ суох нэһилиэктэри саас эрдэ хааччыйбыппыт. Билигин ыраах гынан баран, суоллаах нэһилиэктэргэ цистерналаах массыыналары графигынан ыыта турабыт”, — диир Андрей Егорович.

Хампаанньа ити сыалга 3,5 кубтаах биир дьоҕус уонна 11-дии кубтаах үс КамАЗ-Сайгак массыыналары сүүрдэр. Сайаапкалаах нэһилиэк массыына илдьибит уматыгын барытын ылыахтаах. АЗС-лаах сиртэн тиэрдэргэ лиитирэтигэр 1-дии солкуобай эбиллэр. Холобур, Тойбохойдооҕу АЗС-тан Дьаархаҥҥа сэлээркэ олохтоммут сыанатыттан 1 солкуобайынан ыараан тиийэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, “Туймаада-Нефть” НХ быйыл сайын от үлэтин кэмигэр уматык сыанатын 2 бырыһыан түһэрэн атыылыыр.

Бу дьаһал, бастатан, ыраах баран оттуур мобильнай биригээдэлэри өйүүргэ туһуланар. Нэһилиэктэр дьаһалталара мобильнай биригээдэлэрин испииһэгин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар киллэрэллэр. Онно олоҕуран хампаанньа дуогабар түһэрсэр. Өскөтүн уматыгы иэс ылааччы үүт туттарбат буоллаҕына, ИП-лаах киһини мэктиэлээччи оҥостуон сөп. Уматыгы иэс ылбыт кэннэ биир ый бырыһыан ааҕыллыбат. Ол кэнниттэн 18-тыы бырыһыан ааҕыллар. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн хойутаттаххына – ыстарааптаах.

Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0