Туймаада кыыһа Өкүүчэ

25.01.2017
Бөлөххө киир:

Лина Акимова быйыл олунньу 8 күнүгэр Саха тыйаатырыгар буолар  “Ырыа – санаам кыната” диэн сольнай кэнсиэрин тапталлаах ансаамбылыгар – “Туймаадаҕа” ыллаабыта 30 сылыгар аныыр. 

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

 Суорҕаҥҥа сууланан – гастролга…

-Лина Николаевна, Эн “Туймаадаҕа”, этэргэ дылы, аан бастакы күнүттэн-чааһыттан ыллыыгын, онон, оруобуна 30 сыл устата, тохтоло суох, билигин Саха сиригэр, бүтүн Россияҕа даҕаны, туох да мөккүөрэ суох, биир саамай үрдүк профессиональнай таһымҥа тахсыбыт ансаамбылгынаан тэбис-тэҥҥэ үүнэн-сайдан кэллэххит… Бу ансаамбыл эйиэхэ анаан тэриллибит курдук ээ… 

Кэмэ-бириэмэтэ кэллэҕэ диибин (мичээрдиир). “Туймааданы” оччолорго, 1987 сыллаахха, Музыкальнай училищеҕа киирэн үөрэнэ сырыттахпытына, сахалыы ырыаны таптаан ыллыыр устудьуоннары түмэн, преподавательбит Светлана Павловна Иванова тэрийбитэ. Бастакы састааптан билигин Саргылаана Бугуловалыын иккиэбит, оттон, олох тохтоло суох отут сыл “Туймаадаҕа” үлэлээбит, соҕотохпун. Ансаамбылбыт 1993 сыллаахха судаарыстыбаннай статуһу ылбыта. Онон, кырдьык, ансаамбылбытын кытта тэбис-тэҥҥэ үүнэн-сайдан, сири-дойдуну көрөн, кэллибит…

— Эйигин, өссө олох, быыкаайык оҕо саадын оҕотун, кыһыннары суорҕаҥҥа суулуу-суулуу, гастролга илдьэ баралларын туһунан истибиттээхпин…

Оо, оннук эмиэ баара, чахчы… Биһиги Уус Алдан улууһун Майаҕас с. олорбуппут. Төрөппүттэрим иккиэн ферма үлэһиттэрэ буолан, миигин эрдэ, 2,5 сааспар детсадка биэрбиттэрэ. Ыллыырбын кырабыттан таптыыбын. Аҕам үөрдэҕинэ ыллыыр этэ. Уонна миигин үөрэтэрэ. Кини ордук Ольга Иванова ырыаларын сөбүлүүрэ. Оҕо саадыгар 4 сааспыттан ыллаппыттара. Аны, оччолорго тыа сиригэр култуура оргуйан олорор. Кэнсиэр, гастрол бөҕөтө. Бөһүөлэкпит чиэһин көмүскээн, ырыаһыт диэннэр миигин, оҕо саадын оҕотун, суорҕаҥҥа суулаан оройуон устун гастролга илдьэ бараллара… Аан бастаан “Дорообо, сарсыарда!” ыллаан чаҕаара турарым бу баар курдук…  Уонна киэһээ утуктуурбун өйдүүбүн. Аны финалга хайаан даҕаны сценаҕа тахсыахтааххын. Дьэ ол дьирээлэһиитэ. Тулуйан-тулуйан баран, финалга сценаҕа тахсан дьааһыйан, дьону күллэртиирим…

“Кэнчээригэ” ыллаары интэринээккэ олорбутум

 — Биһиги бииргэ төрөөбүт сэттиэбит. Мин ортоку – “золотая середина” оҕобун. Элбэх оҕолоохпутунан уонна, биир үксүн, ыллыырбын сөбүлүүр буоламмын, аатырбыт “Кэнчээри” ансаамбылга сылдьаарыбын, Бороҕоҥҥо 6 сыл интэринээккэ олорбутум. Учууталбар Василий Степановичка махталым муҥура суох. Куоласпын чочуйан, репертуарбын көрөн, кини миигин дьиҥнээх ырыаһыт, солистка оҥорбута диибин. “Кэнчээрилэрбин” кытта 7-с кылааска сылдьан үйэбэр аан бастаан Москваны көрбүтүм, бу улуу сиргэ тиийэн ыллаабытым… Интэринээт оҕолоро диэтэххэ, син хоп курдук таҥастаах-саптаах эбиппит – “якутяночка” саҕынньахтаахпыт, сылгы тириитэ унтуулаахпыт… Интэринээккэ олорон, оҕолору көрөн гитараҕа оонньуурга үөрэммитим. Билигин гитарам – олоҕум аргыһа, оттон ырыам — олоҕум сүрүн дьарыга.

“Ырыаһыт үйэтэ” төһө уһунуй?

 — Ырыаһыт төһө үйэлэнэрэ киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Ыллыыргын төһө сөбүлүүргүттэн, үлэҕэр хайдах сыһыаннаһаргыттан… Сорох дьон, фонограмма оҥорторон баран, аҕыйах кэмҥэ сценаҕа күлүмнүү түһэн баран, сүтэн хаалаллара эмиэ баар суол… Итини биһиги “естественнэй отбор” диибит. Аныгы үйэҕэ көмпүүтэринэн куолаһы төһө баҕарар “оҥоруохха” сөп. Ол гынан баран, киһи дууһата ыллаабат, ис-иһиттэн ыллыырга дьулуспат буоллаҕына, өр барбат. Дьиҥнээх фанат, энтузиаст, биирдэ табыллыбатаҕына иккистээн-үһүстээн боруобаланар, күүһү харыстаабакка элбэхтик үлэлиир, айымньылаах киһи тахсар. Онон, ырыаҕа эмиэ, производствоҕа курдук, туох барыта үлэттэн кэлэр. Муусука Үрдүкү оскуолатыгар мин СӨ норуодунай артыыската Мария Евсеевна Николаеваҕа үөрэммиппин олоҕум биир кэрэ түгэнинэн ааҕабын. Кини үөрэтиитэ олохпор олус туһалыыр. Уопсайынан, мин тэрилтэлээх буоламмын, ырыаһыт быһыытынан үйэм уһаата дии саныыбын. Ырыаһыт буолуум миэхэ элбэҕи биэрдэ. Сахам сирин улуустарыгар барыларыгар тиийтэлээтим, киин Россия, Европа куораттарынан сырыттым, аан дойдуну көрдүм-иһиттим, өй-санаа өттүнэн сайынным, үүннүм. Ырыаһыт буолбуппуттан биирдэ даҕаны кэмсиммэтэҕим. Онон, “Туймаадам” – бу мин дьылҕам бэлэҕэ эбит, дии саныыбын. Олус махтанабын “Туймааданы” тэрийбит, атаҕар туруорбут салайааччыбытыгар Светлана Павловна Ивановаҕа. Кини билигин ансаамбыл репертуарыттан 4-с хомуурунньугун бэчээккэ таһаараары бэлэмнии сылдьар.

Саха ырыата инникилээх

— Билигин талааннаах эдэр ыччат “Саҥа ырыа”, “Үрдэл”, “Этигэн хомус” курдук араас бырайыактарга кыттара кэрэхсэбиллээх. Ити саха ырыатын таһымын үрдэтэр. Ырыаһыт тус бэйэтэ айар киһи быһыытынан сайдар, инники хардыылыыр. Элбэх саҥа ырыа суруллар, тылга-өскө, муусукаҕа болҕомто күүһүрэр. Саха ырыата, ансаамбылынан ырыа сайдарыгар “Туймаада” суолтата, өҥөтө эмиэ көстөр дии саныыбын. Билигин хайа баҕарар улууска, ханнык баҕарар нэһилиэккэ тиий – олус үчүгэй ансаамбыллар бааллар. Уопсайынан, элбэх куолаһынан толоруу үксээтэ. Биһиги 2-лии сыл буола-буола “Мелодии белых ночей” диэн ансаамбыллар куонкурустарын ыытабыт, онно кыттааччытын ахсаана элбии, толоруу хаачыстыбата тупса турара биһигини үөрдэр.

Үөрэтэрбин сөбүлүүбүн

Ыллыыргын сөбүлүүгүн, өссө туох сөбүлүүр дьарыктааххын?

— Быйыл биһиги ансаамбылбыт иһинэн “Вокал оскуолатын” астыбыт. Идиэйинэй тэрийээччинэн Мария Соболева буолар. Манна, ыллыан баҕалаах хайа баҕарар киһи кэлэн дьарыктаныан сөп. Ким эрэ корпоратив биэчэригэр “сулустуу чаҕылыйаары”, ким эрэ “кэргэним үбүлүөйүгэр сүрпүрүүс оҥороору” диэн, ким эрэ көннөрү ырыаны таптыыр буолан кэлэллэр.  2 ый устата ыллыырга, сценаҕа хайдах туттарга-хаптарга үөрэтэбит. Түмүгэр отчуоттуур кэнсиэргэ кытталлар. Төлөбүрдээх. Манна, сүрүннээн, эдэр артыыстарбыт үлэлээтилэр. Мин эмиэ үөрэтэрбин сөбүлүүр эбиппин. Ону, “Бичик” кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ көрдөһөннөр, “Умсулҕан” диэн ансаамбылы тэрийэн үлэлии сылдьан,  өссө дьэҥкэтик өйдөөтүм. Быйыл 4-с сылбытын ыллыыбыт, кэнсиэртиибит. Уонна, сөбүлүүр дьарыгым диэтэхпинэ, кыралаан иистэнэбин. Артыыска ол наада даҕаны. Кэнсиэргэ кэтэр көстүүмнэрбин оҕуруонан, бисеринэн араастаан киэргэтэбин. Кыыспар бэргэһэ, саарпык, куопта баайабын, кини миигин хамсатар. Мантан ыла уоппускабар аны даачаҕа  оҕуруотунан, сибэккинэн дьарыктаныахпын баҕарар курдукпун. Суох, тыа сиригэр оннук талаһабын диир кыаҕым суох. Аҕыйах хонукка сир астыы, отоннуу-тэллэйдии барыахпын сөп. Онтон куораппар дьулуһабын…  Туймаада хочотун олохтооҕо буоллаҕым, Дьокуускайбын олус таптыыбын.  Ол гынан баран, дьикти ыра санаалаахпын – сардааналаах хонуу устун хаама сылдьыахпын баҕарабын… Туолбатах ыраларбын ситээри, ардыгар туохха эрэ ыксыыр курдукпун…

“Ырыа – санаам кыната”

 — Олунньу 8 күнүгэр  сольнай кэнсиэргэр көрөөччүгэр тугу бэлэмнии сылдьаҕын?

— Саха классиктарын ырыаларын сөбүлээн толоробун. 30 сыл тухары, биллэн турар, репертуарбар ырыам элбэх. Валерий Ноев, Денис Данилов, Виталий Андросов айымньыларын ыллыыбын. Валерий Ноев “Доҕоччукпар” ырыатын репертуарбар саҥа киллэрдим. Гитаранан, уопсайа, 20-тэн тахса ааптарыскай ырыалаахпын, онтон 3-4 ырыабын толоруом. Уонна, биллэн турар, бииргэ үлэлиир доҕотторум – “Туймаадам” солистара кыттыахтара, ансаамбыл эр дьонун састаабын кытта дуэттар киириэхтэрэ. Интэриэһинэй буолуо дии саныыбын. Онон, ытыктабыллаах көрөөччүлэрбин, бука барыгытын кэнсиэрбэр ыҥырабын!

Лина Николаевна, Эн кыыһыҥ эмиэ ыллыыр дии?

Кыыһым Айыына – “Туймаадаҕа” үлэлии сырыттахпына төрөөбүт оҕо, детсада суох эрдэҕинэ үлэбэр мэлдьи илдьэ сылдьарым, онон, ырыаны истэ улааппыта. Өссө төрүү илигиттэн, ыарахан сырыттахпына, төһөтө “гастролласпыта” буолуой?! Онон, ыллыахтаах киһи ыллыыр дии саныыбын. Айыына Акимова билигин ХИФУ-га үп-экономика институтугар 4-с кууруска үөрэнэ сылдьар. “Сэргэлээх сулустара” диэн СӨ норуодунай артыыһа Алексей Егоров устуудьуйатыгар анаан дьарыктанар. 3-с куолаһы – саамай уустук партияны тутар. Онон, кыыспар эрэнэбин. Ол гынан баран, мин кинини хобби быһыытынан ыллыан баҕарабын. Айыына сольнай кэнсиэрбэр кыттар. Иккиэн ыллыахпыт.

— Кэпсээниҥ иһин махтал! Ыра-баҕа санааҥ туоллун!

Олоҕун олуктара

Акимова Лина Николаевна

1986 с. Уус Алдан улууһун Мүрү орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1981-1986 с.с. РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ В.С.Парников салайааччылаах аатырбыт-сураҕырбыт  “Кэнчээри” Оҕо норуодунай ансаамбылыгар дьарыктаммыта.

1987 сылтан Туймаада ырыа судаарыстыбаннай ансаамбылын солистката.

1992 с. Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены,

2006 с. СӨ Муусука Үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ.

Кэргэннээх, кыыс оҕолоох.

Иллэҥ кэмигэр иистэнэрин, баайарын сөбүлүүр.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0