Туймаадаҕа оҕуруот хаһаайыстыбата элбиир

Ааптар: 
14.07.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат дьаһалтата улахан болҕомтотун уурар буолан, кэнники биэс сылга Туймаада туонатыгар тыа хаһаайыстыбата тэтимнээхтик сайдар.

Edersaas ru.

Үлэни-хамнаһы тэрийэргэ улахан оруолу, бастатан туран, сир ылар. Ити иһин, куорат дьаһалтата туһата суох быраҕыллан сыппыт тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин муниципальнай бас билиигэ төннөрүүгэ күүскэ үлэлээбитэ. Урукку «Маҕан» сопхуос 1 тыһ. 169 гектардаах сирин докумуоннатан, хаһаайыстыбаларга арендаҕа биэрэн, саҥаттан таҥастатан, туһаҕа таһаарда. Итинник өйөбүл баар буолан, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ оҕуруокка, хортуоппуйга, бурдукка, уопсайынан, сиртэн үүнээйини ылыыга идэтийэр хаһаайыстыбалар үлэҕэ интэриэстэрэ күүһүрэн иһэр. Сиртэн үүнээйини ылыы көрдөрүүтэ сыллата тупсарыллар, тыа хаһаайыстыбатын куораттааҕы управлениетын чахчытынан, 2011 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 2016 сыл түмүгүнэн бурдук үүнүүтэ 544 %, хортуоппуй 144 %, оҕуруот аһа 106 % улааппыт. Бурдук 2011 сыллаахха 193 гектарга ыһыллыбыт буоллаҕына, билигин 480 гектарга ыһыллар, хортуоппуй 1 тыһ. 348 гектарга (2016 с. – 1 тыһ. 100 гектар), аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһа 684 гектарга (2011 с. – 567 гектар) олордуллар.

Киин куорат олохтоохторун сибиэһэй хортуоппуйунан уонна оҕуруот аһынан хааччыйыыга күн бүгүн 60 бааһынай хаһаайыстыба, сорохторо урукку сыллартан, сорохторо саҥа тэриллэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биһиги ааҕааччыларбыт кинилэр кэккэлэригэр урукку сыллартан таһаарыылаахтык үлэлиир “Эм”, “Ким” курдук хаһаайыстыбалары үчүгэйдик билэллэр. Тулагы Киллэмҥэ үйэ чиэппэрин кэриҥэ утумнаахтык үлэлээбит “Сыырдаах” бааһынай хаһаайыстыба базатыгар тэриллибит Япония технологиятынан үлэлиир саҥа хаһаайыстыба быйыл кыһыны быһа помидорунан аһатта. Билигин араас оҕуруот аһын кэмэ суох үүннэрэ турар.

Хатас олохтооҕо Леонид Чусовской хаһаайыстыбатын 2008 с. тэриммитэ. Табаҕаттан 20 гектар сири түүлэһэн, хортуоппуйу үүннэриигэ идэтийэр, кэнники кэмҥэ сүөһү аһылыгар ылыста. АПК-ны өйүүр пуонда көмөтүнэн, быйыл саҥа тыраахтары ылынан, үөрүүтэ улахан.

Табаҕаҕа олорор Хамидулла Исматуллаев биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан, үс гектар сири түүлэһэн, оҕуруокка идэтийэр бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ алта сыл буолла. Базатын кэҥэтэн, тупсаран иһэр, сыллата 5-7 туонна оҕурсууну, 80 туонна хаппыыстаны хомуйан ырыынакка атыылыыр уонна сабыылаах тэрилтэлэри хааччыйар. Билигин сүүрбэ тэпилииссэнэн оҕурсууттан, помидортан саҕалаан хаппыыстаҕа, баклажаҥҥа тиийэ араас оҕуруот аһын үүннэрэр.

Ити курдук, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ аныгы хааччыллыылаах үлэ базалара, тирэх бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллэн, ырыынагы олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга дьоһун хардыы оҥоһуллар.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.

Үүнүү үчүгэй!

«Эм» үүнүүтүн бааһынаҕа үрдүттэн уонна куоракка хас да сиринэн атыылыыр

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0