Дойду үрдүнэн оскуоланы туйгун сыананан, мэтээлинэн бүтэрбит эрээри, орто үөрэххэ киирбит тыһыынчанан оҕо баар. Бүгүн ырааҕынан тэлэһийбэккэ, Саха сирин ыччата тоҕо кэллиэһи, тиэхиньикуму талбытын билсиэҕиҥ. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин, Тырааныспар тиэхиньикумун, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэһин устудьуоннарын кытта кэпсэттибит.
Тимир суол идэтин талбыт Дарияна
Дарияна Нахова Ньурба улууһун Күндээдэтиттэн төрүттээх. 2020 сыллаахха Бүлүү куорат 3-с нүөмэрдээх оскуолатын мэтээлинэн бүтэрбит. Билигин Тырааныспар тиэхиньикумун 2-с кууруһун устудьуона.
“Оскуолаҕа саамай сөбүлүүр биридимиэттэриҥ ханныктар этэй?” диэн ыйтыыбар үгүс оҕо ыарырҕатар математика, физика, нуучча тыла биридимиэттэрин сэргэ, соһуйуом иһин, физкултуура уруога диир. Хайдах? Тоҕо?
— Оскуолаҕа кыра кылаастан туйгуннук үөрэммитим. Нуучча тылын, математика, физика олимпидаларыгар өрүү кыттарым, улууска миэстэлэһэрим. 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан улууска үөрэнээччилэр ортолоругар “Бастыҥ математик” диэн анал ааты ылбытым.
“Космос далекий и близкий” диэн физикаҕа улуустааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттан, Москваҕа сынньанан кэлэр путевканан наҕараадаламмытым. Улуустан биэс оҕо баран кэлбиппит. Гагарин түмэлигэр сылдьыыбыт – оҕо сааһым биир умнуллубат өйдөбүлэ.
Үөрэҕим таһынан Бүлүүгэ көһүөхпүттэн успуорт оскуолатыгар буулдьанан ытыынан дьарыктаммытым, успуорт маастарыгар хандьыдааппын, разрядтаахпын. Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээттэригэр, биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэригэр бастакы, иккис, үһүс миэстэлэрдээхпин. Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. Ону таһынан, “Симэх” модельнай куруһуокка дьарыктаммытым.
Бэйэм даҕаны үрдүк үөрэҕи улаханнык сэҥээрбэт этим. Эбиитин коронавирус дьаҥынан сибээстээн, үрдүк үөрэххэ санаммат оҕолор биир кэлим эксээмэни туттарымыаххытын сөп диэбиттэрин иһин, бэлэмнэммитим эрээри, толкуйдуу түһэн баран, акаастаммытым.
Оскуолабын бүтэрээт Санкт-Петербурдааҕы авиационнай училищеҕа тырааныспар сервиһэ идэҕэ үөрэнэ киирбитим. Онно тэйиччиттэн үөрэнэр буолан, Тырааныспар тиэхиньикумугар (Аллараа Бэстээх) таһаҕаһы, дьону тиэйиини тэрийии уонна тырааныспары салайыы салаатыгар киирэргэ санаммытым. Иккиэннэрин дьүөрэлиир уустук буолан, авиационнайбын тохтоторго санаммытым.
Тырааныспар эйгэтэ хаһан баҕарар сайда турар, тимир суолунан дьон көҥүл айанныыр, хамнаһа да үрдүк. Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн тиэхиньикэни сэҥээрэбин. Кууруспутугар 14-пүт, кыргыттарга барсар биир эрэ исписээлинэс баар буолан, тиэхиньикумҥа аҕыйахпыт.
Тустаах тиэхиньикум уопсайа, орто үөрэх кыһаларыттан, мин санаабар, биир бастыҥнара быһыылаах. Үчүгэйэ диэн, хас биирдии блок аайы туспа душтаах, тахсан киирэр сирдээх. Атыттар курдук көрүдүөр уһугар этээскэ биир буолбатах. Кыргыттар олорор “Б” блокка туспа куукуналаахпыт, бэйэбит кыттыһан астанабыт, морозильнигар тиийэ барыта баар. Истипиэндьийэм тиийэр, — диэн кэпсиир.
Кулун тутар бүтүүтэ Алдаҥҥа “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэҕэ быраактыкаҕа бараары оҥостор. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, идэтинэн үлэлиир былааннаах. Онтон салгыы көстөн иһиэ диэн санаатын этэр.
Сиэстэрэ буолар ыралаах Юнна
Сэдэх ааттаах сэһэргэһээччим Юнна Томская ырыаһыттар уутуйан үөскээбит кэрэ сирдэриттэн — Бүлүү улууһун Тылгынытыттан төрүттээх. Былырыын Бүлүүтээҕи гимназияны бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр сиэстэрэ идэтигэр туттарсан киирбит.
Кэпсэтиибитин аатын туоһулаһыыттан саҕалаабыппар: “Эһээм Василий Васильевич Егоров эдьийин оҕото Юнна диэн ааттаах. Миэхэ эһээм кини аатын иҥэрбит. Мэлдьи эдэр “юная” диэн суолталаах. Ааппын ыйытар киһи элбэх, ол иһин улаатан баран интэриниэтинэн анаан-минээн көрдөөн аахпытым”, — диэн быһаарар.
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сүрүн болҕомтобун, иллэҥ бириэмэбин үөрэхпэр аныырым. Биология, химия, саха тылын олимпиадаларыгар кыттан улууска миэстэлэрдээхпин.
“Хас биирдии киһи курдук инникибин ыраланан көрөбүн. Букатын кыра сылдьан байыаннай буолуом диирим. Кэлин онтум сыыйа уларыйан, сэттис кылаастан хирург буолар, мэдиссиинэ хайысхатын тутуһар эбиппин диэн бигэтик толкуйдаабытым. Хирургия, уопсайынан, мэдиссиинэ үнүстүрүмүөннэрин интэриэһиргиибин. Онтон туттарсарым саҕана толкуйдаан-толкуйдаан баран Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр “сиэстэрэ дьыалата” уонна “эмчит дьыалата” (биэлсэр) исписээлинэстэргэ сайабылыанньабын биэрбитим. Иккиэннэригэр киирбитим эрээри, үлэтинэн бэйэбэр ордук чугаһын иһин сиэстэрэ үөрэҕин талбытым. Мэдиссиинэттэн атын салааҕа сананан да көрбөтөҕүм. Баҕар, ийэм да, аҕам даҕаны өттүнэн аймахтарбар миэдиктэр бааллара дьайбыта дуу… Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, эдьиийим эмиэ сиэстэрэ идэтигэр үөрэнэр, быйыл бүтэрэр.
Кэллиэскэ туттарсарбар аттестаты эрэ көрбүттэрэ уонна тест ааспытым. Тест үксэ уйулҕа өттүнэн, киһи быһыытынан хаачыстыбалары бэрэбиэркэлиир, идэҕэ сөп түбэһэр дуу, суох дуу диэн ис хоһоонноох ыйытыктар этэ, — диэн кэпсээннээх.
“Орто үөрэх үчүгэй, туох даҕаны куһаҕана суох, үрдүктэн хаалсыбат. Миэдиктэр хаһан, ханна баҕарар ирдэнэллэр, хамнастара да үрдүк”, — диэн санаатын үллэстэр. Юнна үөрэҕин бүтэрдэҕинэ талан ылбыт идэтинэн байыаннай сиэстэрэ эбэтэр травматология салаатынан дьону эмтиир, көмөлөһөр баҕалаах.
“Кэллиэскэ үөрэтэллэрэ үчүгэй эрээри, олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэнэр өссө үчүгэй буолуо этэ. Үөрэх иитинэн устудьуоннар балыыһаларынан элбэхтик сылдьаллар, ыарыһахтары кытта алтыһаллар эбит. Биһиэхэ билиҥҥитэ оннук кыалла илик. Мэдиссиинэ киинигэр волонтер быһыытынан холонон көрбүппүт”, – диэн устудьуон олоҕун өссө үчүгэйдик иҥэн-тоҥон билэ илик туйгун үөрэнээччи Юнна санаатын үллэстэр.
Уруһуйдуур баҕата баһыйан
Үһүс сэһэргэһээччим Света Платонова маҥнай Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэммит, тиэхиньиичэскэй лиссиэйи бүтэрбит. Лиссиэй кэнниттэн тута М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет математика уонна информатика институтугар программист идэтигэр киирбит. Билигин университеты сэргэ Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба училищетын (кэллиэс) живопись салаатыгар үөрэнэр.
— Информатикабыт учуутала олус үчүгэйдик үөрэтэрэ. Кини курдук учуутал идэтин баһылыахпын баҕаран, программист идэтигэр туттарсан киирбитим. Киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһатын улаханнык сэҥээрбэт буолан, маннааҕы университекка туттарсарга санаммытым.
Уруһуй өттүгэр үөрэммит киһи диэн толкуйдаабытым син ыраатта. Бэйэбин өйдүөхпүттэн араас хайысхаларынан дьарыктаммытым: үҥкүүнэн, уруһуйунан, ырыанан, пластилины, тиэстэни мэһийиинэн… Олус көхтөөх, сытыы этим. Итилэртэн ордук уһуннук уруһуйунан дьарыктаммытым. Атын куруһуоктарга көннөрү хобби курдук сылдьарым. Муусуканы истэрбин сөбүлүүбүн эрээри, үлүһүйбэтэҕим. Уруһуй ордук табыллар. Бэйэбин өйдүөхпүттэн кумааҕы, харандаас тутуурдаахпын. Кыралаан куонкурустарга кыттан миэстэлэһэбин. Аймахтарым бары кэриэтэ үчүгэйдик уруһуйдууллар. Мэтириэти уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Үөрэҕэ да суох уруһуйдуохха сөп дии саныырым. Ол эрээри, дууһам сытар, сайдарга син биир үөрэх ирдэнэр. Ол иһин былырыын живопись салаатыгар туттарсан киирдим. Үөрэтэллэрэ үчүгэй. Ол гынан баран, икки үөрэххэ тэҥинэн үөрэнэр бириэмэни эрэйэр эбит.
Инникитин олохпун оҕону үөрэтиигэ аныахпын баҕарабын. Бу диэн чопчу былааннана иликпин, көстөн иһиэҕэ.
Түмүк
Ити курдук, урут орто үөрэххэ оскуоланы үс сыананан бүтэрбиттэр эрэ киирэллэр диэн толкуй баар эбит буоллаҕына, кэлин ити санаа тосту уларыйда. Сыллата сүүһүнэн, тыһыынчанан оҕо орто анал үөрэҕи талар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru