2006 сыллаахха “Саха сирин нэһилиэктэрэ” сиэрийэҕэ Ньурба улууһун Бордоҥун туһунан улахан кинигэни Н.Н.Лыткин биһикки “Бичик” кинигэ кыһатынан 1500 тиражтаах таһаарбыппыт.
Бу кинигэ ахсыс түһүмэҕэр “Нэһилиэк дьоно литература, искусство, духуобунас сайдыытыгар кыттыылара” диэн салааҕа бэйиэт, суруйааччы, публицист, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Н.И.Харитонов-Николай Чуор “Литературнай бэлиэтээһиннэр” диэн дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүт суруйааччылар, бэйиэттэр тустарынан бэрт кэрэхсэбиллээх санаалары эппитэ. Онно бэйиэт, литературовед, үтүөкэн учуутал Василий Кириллович Ксенофонтов “Күөрэгэй” диэн хоһооннорун кинигэтэ 1996 сыллаахха ол бириэмэҕэ Степан Васильев аатынан сопхуос дириэктэрэ Нестор Климович Антонов көҕүлээһининэн, үбүлээһининэн Бүлүү куорат типографиятыгар бэрт аҕыйах экземплярынан (500 экз.) таһаартарбытын бэлиэтээбитэ. Бу кинигэ Василий Кириллович 65 сааһын туолуутугар тахсыбыта.
Кырдьан, 80 сааспытын ааһан баран, 2014 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатынан “Ньурба Маалыкайын хомоҕой тыллаах хоһоонньуттара” диэн тэттик кинигэни хомуйан таһаартарбытым. Ол хомуурунньукка Василий Кириллович 35 талыллыбыт хоһооно, 10 “хатыылаах строкалар” диэн хоһоонноро, 14 анабыл хоһооно уонна “Оҕолорбут барахсаттарга” диэн 11 хоһоон, ону тэҥэ 6 тойук киллэриллибиттэрэ.
1979 сыллаахха суруйбут “Күөрэгэй” диэн хоһоонугар сахалартан бастакы композитор-дьахтар Полина Иванова айбыт мелодиятыгар ырыаны аан бастаан Маалыкайга ыалдьыттыы кэлэ сылдьан ССРС норуодунай артыыската Анегина Ильина сыанаттан ыллаан иһитиннэрбитэ көрөөччүлэр улахан биһирэбиллэрин ылбыта.
Саха революционердарыттан биирдэстэрэ Степан Васильев төрөөбүтэ 110 сыла туолуутугар анаммыт хоһооно Петр Попов мелодиятыгар ылланар буолбута.
Василий Кириллович 1955-1959 сылларга Дьокуускайдааҕы пединститукка, онтон Саха государственнай университетыгар кэлин биллиилээх бэйиэттэр, суруйааччылар буолбут Николай Босиковы уонна Василий Сивцеви кытта биир бириэмэҕэ үөрэммитэ, доҕордоспута.
Кэлин кини саха биллэр-көстөр суруйааччыларын кытта алтыһан, кинилэр айымньыларын үөрэнээччилэригэр, эдэр ыччаттарга сиһилии билиһиннэрбитэ, сорохторугар анал хоһооннору анаан-минээн суруйбута.
2001 сыл муус устар 12 күнүгэр тахсыбыт “Умнубаппын” диэн “Кыым” хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйатыгар 1985 сыл күһүнүгэр саха литературатын уонна ускуустубатын күннэрэ буолалларынан сибээстээн, Маалыкайынан, Хатыынан, Малдьаҕарынан П.Н.Тобуруокап, С.И.Тимофеев, В.С.Яковлев-Далан, И.К.Данилов кэлэн ыалдьыттаан, ааҕааччыларын кытта көрсүспүттэрин туһунан кэрэхсэбиллээх ыстатыйаны суруйбута. Онно Маалыкайга киэһэ кулуупка көрсүһүүгэ дьон бөҕө “лыык” курдук мустан олордоҕуна, Петр Тобуруокап айар үлэнэн үлүһүйбүт бастакы сылларын киһи эрэ үөрэ-сөҕө, хайгыы истэ олорорун курдук кэпсээбитин бэлиэтээбитэ. Онтон үс сыл буолан баран Петр Николаевич Маалыкайга тиийэн кэлбит, ааҕааччыларын, ыччаттары кытта көрсөн баран, хонугар Василий Кирилловичтаахха хонон ирэ-хоро кэпсэппиттэрин уонна “Эрдэһиттэр” диэн хоһоонорун кинигэтин бэлэхтээбитин үөрэ ахтар. Кэлин 1993 сыллаахха Петр Тобуруокап Үөһээ Бүлүү Намыгар сайылаан олорон, Василий Кириллович “Кэскил” хаһыакка киниэхэ анаан суруйбут “Хомус тыаһа” диэн хоһоонун ааҕан, сэргээн суруйбут: “Эн миэхэ анаабыт хоһоонуҥ кэлбитин ааҕан, астынан, үөрэн бу суруйабын. Кырдьык, хомус барахсан тыаһыы түстэ да, саха санаатыгар туох кэрэ баара, дьиҥнээх сахалыы иэйии ханнык эрэ нарын кыла охсулларга дылы гынар!”
Василий Кириллович Ксенофонтов бэйэтин бириэмэтигэр аҥаардас суруналыыс, публицист, талааннаах бэйиэт эрэ буолбатаҕа. Кини кылгас бириэмэҕэ Ньурбаҕа хомсомуол райкомун аппараатыгар уонна Степан Васильев аатынан сопхуос комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээринэн үлэлии түһэн баран, олоҕун бүтүннүүтүн – түөрт уонча сылы Маалыкай орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын үөрэтэр учуутал үлэтигэр анаабыта. Онто үтүө түмүктэрдээх буолбута. Сүүһүнэн, тыһыынчанан да буолуо, эдэр ыччаты төрөөбүт тылларын ытыктыыр-таптыыр тыыҥҥа ииппитэ. Кэккэ ыччаттары бэйэтин туйаҕын хатарар умсулҕаннаах айар үлэ ыллыгар киллэрбитэ. Ол курдук, Маалыкай оскуолатын үөрэнээччилэрэ бырааттыы Юрий уонна Яков Тыасытовтар өрөспүүбүлүкэ үгүс ааҕааччыларыгар биллэр-көстөр, талааннаах хоһоонньуттар буола үүммүттэрэ. Яков Тыасытов “Дойдум дьоно” диэн хоһооно И. Брызгалов мелодиятыгар дьон-сэргэ таптыыр ырыата буолан күн бүгүнүгэр диэри ыллана сылдьар. Оттон Юрий Тыасытов 1961 сыллаахха суруйбут “Комсомол” диэн хоһооно өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс лауреата буолбута.
Василий Кириллович ааспыт үйэ алта уонус сылларыттан суруналыыстыка эйгэтигэр киэҥник биллэр буолбута. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ уонна төрөөбүт оройуонун хаһыаттарыгар кини хоһоонноро, ыстатыйалара үгүстүк бэчээттэнэр буолбуттара.
Кини үөрэппит, такайбыт, уһуйбут оҕолоруттан уонунан, сүүһүнэн ыччаттар саха тылын уонна литературатын учууталларынан үлэлээн үөрэнээччилэр, төрөппүттэр махталларын ылбыттара, киниэхэ үөрэммит кыргыттар Сардаана Кузьмина, Туйаара Нутчина, Ида Саввинова, сытыы бөрүөлээх Александр Егоров-Ильин онтон да атыттар суруналыыстыка эйгэтигэр бигэтик киирдилэр, тапталлаах учууталларын, Василий Кириллович аатын түһэн биэрбэт курдук айа-тута сылдьаллар.
Василий Кириллович дьиэ кэргэн дьоһун аҕа баһылыга буолан, бу Орто бараан дойдуга толору дьоллоох олоҕу олорон ааста. Тапталлаах кэргэнэ Елена Васильевналыын түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннартаан, үлэһит, үөрэхтээх дьон оҥорбуттара.
Оҕолоруттан улахан уола Максим Васильевич аҕатын туйаҕын хатаран, аҕата таптаан талан ылбыт идэтин – учуутал идэтин – баһылаан улахан ситиһиилэннэ: ол курдук “Технология” номинацияҕа “1996 сыл бастыҥ учуутала”, “Дети Саха-Азия” фонда стипендиата, 2000 сылга “Учитель ученических признаний” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа буолбута, онтон 2001 сылга СӨ Бэрэсидьиэнин гранын хаһаайына буолбута. Василий Кириллович иккис уола Кыдаан элиэктирик идэлээх, үһүс уола Айталин – бэтэринээринэй быраас, кыыһа Саара – буҕаалтыр. Василий, Елена Ксенофонтовтар элбэх сиэннээхтэр, уонча хос сиэннээхтэр.
Төрөппүттэрин туйаҕын хатарар, кинилэр үтүө дьыалаларын утумнаахтык салгыыр, сайыннарар ыччаттар баалларыттан биһиги, Василий Кириллович уонна Елена Васильевна биир дойдулаахтара, атастара-доҕотторо, үөрэбит, улаханнык астынабыт. Кинилэргэ толору дьоллоох олоҕу, туйгун доруобуйаны, үлэҕэ-үөрэххэ үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Э.Ф.ДАНИЛОВ,
үлэ, тыыл, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Ньурба, Горнай улуустарын, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.