Куруук буоларын курдук араас мисстэр куонкурустарын кэннэ кыттааччылары хаһыакка, күөх экраҥҥа, Интернеккэ арбаан таһаарыы, киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии үгүс буолааччы. Сыл-хонук ааспытын кэнниттэн бу мисстарбыт ыал буолбуттарын, туспа дьиэлэммиттэрин-уоттаммытарын, туох дьылҕаламмыттарын үгүстэр билбэттэр. Кинилэр санааларыгар мисстэр корона кэппит киэһэлэриттэн ханна эрэ ыраах былыкка эбэтэр атын эйгэҕэ олорор курдуктар. Биһиги бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыта – уонча сыллааҕыта «Мисс Якутия» титулун ылбыт Алаас Туйаара.
-
«Эдэр саас» ааҕааччыларыгар эҕэрдэ! 2000 сыллар бүтүүлэригэр таҥас дизайнын оҥоруунан дьарыктаммытым. Илин кэбиһэр ойуулаах, сахалыы суруктаах таҥастары аан бастаан оҥорон, сүүрээни киллэрбитим.
-
Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Дьонум бары Канадаҕа Ванкуверга көспүттэрэ син быданнаата. Мин номнуо туспа дьиэ кэргэннээх киһи Канадаҕа кинилэри батыһан барбатаҕым. Кэргэмминээн Михаиллыын Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ үөрэнэ сылдьаммыт билсибиппит. Билигин икки оҕолоохпут. Улахан уолбут Арчылаан – 8 саастаах, үһүс кылааска үөрэнэр. Кырабыт Тимир – 11 ыйдаах. Ыал буоларбытыгар, дьиктитэ диэн, кэргэним Михаил «эн араспаанньаҕын мин ылыахпын сөп» диэн этии киллэрбитэ. Мин тута сөбүлэһэн, билигин биһиги дьиэ кэргэн Алаас-Макаровтар диэн буолабыт.
-
«Мисс Якутия» буолбутун кэннэ 11 сыл ааста. Айдааннаах куонкурус хайдах ааста этэй? Эйиэхэ Сардаана Корякина коронатын уонна титулун биэрбиттэрэ.
-
2004 сыллаахха буолбут «Мисс Якутия» куонкуруска бастакы вице-мисс аатын ылбытым. Ол саас, куонкурус кэнниттэн аҕыйах ый ааспытын кэннэ, кыайыылаах Сардаана Корякинаны мисскэ эппиэттээбэт быһыыны-майгыны оҥордо диэн айдаан таһаарбыттара. Онно тута норуокка мин Сардаанаттан коронаны былдьаан ылбытым курдук сурах тарҕаммыта. Дьиҥэ, оннук буолбатах этэ. Миигин «Айыы Куо» модельнай агенство салалтата, оччотооҕу «Мисс Якутия» күрэхтэһии тэрийээччилэрэ ыҥыран ылан кэпсэппиттэрэ. «Маннык быһыы-майгы таҕыста, онон бастакы вице-мисс быһа кыайыылаах буолаҕын» диэн быһаарбыттара. Оннук 2004 сыллаах «Мисс Якутия» аатын сүкпүтүм. Мин күүспүнэн кимтэн да, тугу да былдьаабатаҕым. Сардааналыын көрсө түстэхпитинэ кэпсэтэбит, бэйэ-бэйэбитигэр кэтэх санааны туппаппыт.
-
Оччотооҕу араас мисс куонкурустарын кыайыылаахтара үгүстэрин кэриэтэ Россия модельнай агенстволарыгар, Аан дойдуга тиийэ аатыра барбыттара… Эйиэхэ маннык этиилэр киирбэтэхтэрэ дуо?
-
«Мисс Якутия» буолбутум кэннэ «Мисс Дальний Восток» диэн куонкуруска сахалартан аан бастаан кыттаммын, биэс бастыҥ иһигэр киирбитим. Улахан подиумҥа тахсар, биллэр модель буолар баҕам суоҕа. Бэйэм уҥуохпунан кырабын, уһунум 172 см эрэ. Модель буолан онон бүппүтүм диэххэ сөп.
-
Оттон билигин тугунан дьарыктанаҕын?
-
Үгүс дьон мисс буолбут кыргыттары «былыкка олорор» туспа эйгэлээх курдук саныыллар. Оннук буолбатах. Мисс буолуохпуттан төһө эмэ сыл аастаҕа дии. Билигин олох атын дьарыктаах киһибин. Дьахталларга аналлаах иһитиннэрэр-биллэрэр уонна сынньалаҥ сыаллаах «Кэрэ куо» диэн сайт үлэлэтэбин. Онно үлэлэһэбин. Манна дьахталларга аналлаах туһалаах сүбэлэр тахсаллар. Ол быыһыгар муода, спорт, ас, доруобуйа, косметика уо.д.а. арааһы суруйабын, матырыйааллары угабын. Сайын «Сүүрэр Өлүөнэ» диэн акция тэрийбиппит. «Кэрэ куо» сайт сыала-соруга – дьахталларга туһалаах информацияны тиэрдии буолар. Билигин биллэр интернет сайтарын арыйдын даҕаны, өлөрсүү, охсуһуу, сүтүү, уоруу туһунан суруйбут буолаллар. Ол иһин олохтон наар куһаҕаны күүтэр курдук. Сорох дьон ону ааҕан олус хараастар, хомойор. Биир бэйэм маннык сонуннартан олус хараастабын, ардыгар ытааччыбын даҕаны. Туох эмит куһаҕан сонун номнуо Интернет ситимигэр тахсыбыт буоллаҕына, кэргэним: «Туйаара, бүгүн баһаалыста, Интернеккэ кииримэ» диэччи (күлэр). Хас биирдии күнү үөрүүллээх, туһалаах сонунтан саҕалыахтаахпыт. Ийэ, дьахтар уйулҕата олус чараас, кини туругуттан дьиэ кэргэн олус тутулуктаах. Онон «Кэрэ куо» дьахтары куһаҕан, хараҥа эйгэттэн харыстыыр сыаллаах буолар.
-
Билигин сатаабыт эрэ сайт айар. Сайткын дьон төһө интэриэһиргиирий?
-
Бу кэрэ аҥардарга анаан 2009 сылтан үлэлэһэбин. Ол саҕана дьахталларга аналлаах биэрии оҥорор санаа киирбитэ. Ааспыт сыллар мисстэрэ Сардаана Сыромятникова, Виолетта Дьячковская буоламмыт биэриибитин бэлэмнээн иһэммит, уопута суохпут атахтаан, дьыала тохтоон хаалбыта. Дьиҥэ, күөх экраҥҥа тахсыахпытын баҕарбыппыт. Маннык дьалхааннаах, түргэн тэтимнээх олоххо бэрт былдьаһыы, сирэй көрбөх буолуу, хомойуох иһин, олус элбэх. Сорох дьон киһи үтүөнү, ис сүрэхтэн кэрэни айыаххын-тутуоххун баҕараргын өйдөөбөт. Кинилэр санааларыгар киһи барыһырар, харчы-үп киллэрэр сыаллаах-соруктаах тугу эрэ саҥаны саҕалыыр дии саныылларыттан мин ардыгар хомойобун. Онон былырыын ким да өйөбүлэ суох бэйэбит күүспүтүнэн биэриилэрбитин устубуппут. Ол эрээри, син биир туох эрэ тиийбэт курдуга. Онон сайт оҥордубут. Биир күҥҥэ сайтка сүүсчэ киһи киирэр. Бүтэһик үс нэдиэлэ көрдөрөрүнэн, тыһыынча кэриҥэ киһи киирэн ааспыт этэ. Дьоҥҥо үтүөнү аҕалабын дии саныыбын. Үтүө хаһан баҕарар кэскиллээх буолар. Онон бырайыагым инникилээх. Бэйэм бу сайты үлэлэтэрбиттэн астынабын. Кимҥэ эмит туһаны аҕаларбыттан олус дьоллонобун. Бу сиргэ туһаны аҕалыахпын баҕарабын.
-
Наһаа элбэх кэрэ кыргыттар, оннооҕор уолаттар куонкурустара ыытыллар. Маны туох дии саныыгын?
-
«Мисс Якутия» урут сылга биирдэ ыытыллар соҕотох куонкурус буолан олус күүтүүлээх уонна үрдүк таһымнаахтык ыытыллара. Оттон билигин ахсаана биллибэт эгин араас куонкурус элбээтэ. Ол эрээри сылтан сыл дьон көрүүтэ уларыйан иһэр, араас кыргыттар кытталлар. Маннык хабааннаах куонкурустар наһаа киһи сыратын-сылбатын ылаллар. Онон мээнэ киһи ылла да кыттыбата буолуо. Дьон бэйэтин кыанар буолан кыттар. Ону биһириибин, ким кыахтаах күрэхтэстин ээ. Эр дьон маннык куонкурустарга кыттарын эмиэ утарбаппын. Хас да сыллааҕыта «Мистер ВУЗ» диэн үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр уолаттар күрэхтэһиилэрэ буола сылдьыбыта, биир сыл тэрийсэ сылдьыбыттааҕым. Онно биллэр суруналыыс Алексей Соколов, артыыс Сергей Егоров («Мотуо», «Остров» киинэлэргэ оонньообута) кыттыбыттара. Эр дьон кыттара туох да куһаҕана суох. Кинилэр эмиэ бэйэлэрин көрдөрүөхтэрин наада дии саныыбын.
- Сорох кыргыттар кэргэн тахсан, оҕолонон баран бэйэлэрин көрүммэт, оҥостубат буолан хаалаллар. Эн икки оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ бэйэҕин хайдах көрүнэҕин?
-
Уруккуттан сүүрүүнэн дьарыктанабын. Бэйэҕэ анаан дьарыктанабын, кимниин эмит күрэхтэһэр, чемпион буолар баҕаттан буолбатах. Оннооҕор кыра уолбун оҕолоноору, сэттэ ыйдаах ыарахан сылдьаммын стадиоҥҥа сүүрэр этим. Онтон дьон «бу дьахтар хайдах буолбутуй?» диэбиттии дьүүллүү көрөллөрүттэн тохтообутум. Бу сайыҥҥыттан йоганан дьарыктанан саҕлаатым. Йога үчүгэйэ диэн киһи дьиэтигэр Интернеттэн көрөн, бэйэтэ дьарыктаныан сөп. Бу олус туһалаах. Сирэй мааскаларын олус сөбүлүүбүн. Оҕобун көрөн олорор буоламмын дьиэбэр биир илиибинэн оҕобун көтөҕөбүн, биирбинэн ас астыыбын диэххэ сөп. Барытын тэҥҥэ оҥоробун. Араас муодунай таҥастары сөбүлүүбүн. Таҥаһы бэйэм быһыылаан, матырыйаал булан тиктэрэрбин ордоробун. Дьоммор Канадаттан сакаастаан үксүгэр таҥнааччыбын. Иистэнэ үөрэниэхпин наһаа баҕарабын. Бэйэтин ис-тас өттүттэн көрүнэр дьахтар күнтэн күн тупсар, киэркэйэр дии саныыбын.
Мин урут «Мисс Якутияҕа» кыайбыт кыргыттары остуоруйа дойдутугар короналарын кэтэн баран олороллорун курдук саныырым. Туйаараны кытта кэпсэтэн баран сыыһа саныы сылдьыбыппын өйдөөтүм. Туйаара саха дьахталларын түмэр улахан үлэни оҥоро сылдьарыттан сөхтүм. Кэрэ куолар сайтара сайыннын, ситиһиилэри баҕарабын!
Айтана АММОСОВА