Туйаара Стручкова: «Кырдьан истэҕим ахсын Огдооччуйабар майгынныам»
Былаат бааммыт, халаат кэппит эмээхсин сыанаҕа тахсан кэпсии-ипсии, күллэрэ-үөрдэ олорорун, арааһа, үгүскүт “батсаабынан” тарҕаммыт видео-устууга көрбүккүт буолуо. Хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр дьону күллэрэр аналлаах Туйаара Стручкова – Огдооччуйа ыалдьыттыыр. Туйаара хайдах Огдооччуйа буолбутун, артыыстаан саҕалаабытын туһунан кэпсэтиибитин саҕалыыбыт.
ОЛОҔУН ОЛУКТАРА
СТРУЧКОВА ТУЙААРА ЯКОВЛЕВНА
1967 сыллаахха Уус Алдан Дүпсүнүгэр күн сирин көрбүт.
1984 сыллаахха Дүпсүн орто оскуолатын бүтэрбит.
1984-85 сс.-га “Дүпсүн” сопхуоска ыанньыксыттаабыт.
2006 сыллаахха Майатааҕы тыйаатырга быстах үлэлиир.
2014 сыллаахха Дьокуускайга “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр маҥнайгы айар киэһэтин тэрийбитэ.
2016 сыллаахха Огдооччуйа уобараһын айбыта.
— Туйаара, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
— Мин Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр баар Остуойка диэн учаастактан төрүттээхпин. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн саамай кыра оҕо буолабын. Дьонум миигин кырдьан баран оҕоломмуттар, онон саамай улахан эдьиийбиттэн сүүрбэ сыл балыспын. Кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына, дьонум оскуолаҕа кэллэхтэринэ оҕолор: “Туйаара, эһээҥ кэллэ”, — дииллэр этэ. Эдьиийдэрим, убайым оскуоланы эрдэ бүтэрэн барбыттара, онон мин эмээхсиннээх оҕонньорго хааламмын, олус атаахтык иитиллэн улааппытым. Оскуоланы бүтэрэн бараммын оччотооҕу оҕо сиэринэн ыанньыксыттаабытым, онтон тута оҕоломмутум. Үөрэммэтэҕим, ону билигин күлэммин, ийэлээх аҕам институттарын бүтэрбитим диибин. Дьонум Бөрөлөөх диэн сиргэ сайылыыллара. Онно сайылаан, куруук ыаллаах буола оонньуурбун өйдүүбүн. Бу санаатахпына, олохпун барытын онно оонньоон кэбиспит эбиппин. Дьон оҕото бэйэтэ-бэйэтигэр оонньуу сылдьар буоллаҕына, “салайан биэриҥ” диэн сүбэлиибин. Оттон мин дьиэм аана наар хатааһыннаах, иһэ кураанах, оҕом суох, бэйэм наар куоракка кэнсиэрдии сылдьарбын оонньуурум. Сайылыгы биир гына арааһынай куруһубанан симэнэ-симэнэ, сымыйанан даҕаны буоллар, нууччалыы ыллыырым, эмис баҕайы да буолларбын үҥкүүлүүрүм.
Оҕотун кэриэһэ
— Оҕо эрдэххиттэн артыыстыыр буоллаҕыҥ, бастакы оруолгун өйдүүгүн дуо? Хайдах барыта саҕаламмытай?
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыллыырым, хоһоон ааҕар, суруйар этим. Ол быыһыгар литературнай куруһуокка сылдьыбытым. Аны драматическай куруһуокка дьарыктанан, “Оотуй уонна Тоотуй” айымньыны туруоран, эмээхсин оруолунан сыанаҕа бастакыбын тахсыбытым. Оскуоланы бүтэрэн, оҕолонон даҕаны бараммын “артыыстыырбын” тохтоппотоҕум. Аны монолог тиэкиһин суруйар буолбутум. 2006 сыллаахха кыыһым ыарахан ыарыыга ыалдьа сытан: «Ийээ, эн хайаан даҕаны биллэр-көстөр, дьону күллэрэр, үөрдэр киһи буолуохтааххын. Эйигин тэлэбиисэргэ көрдөрөр, эн тускунан араадьыйаҕа кэпсиир буолуохтара. Мин суох буоллахпына даҕаны, биир-үс сылы кэтэһэн олорумаар, тута сөбүлүүр дьарыккар ыллараар, сыанаҕа тардыһаар», — диэн кэриэһин эппитэ. Онон оҕом кэриэс тылын толорон, онтон тирэхтэнэн, билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлии-хамныы сырыттаҕым… Икки оҕолооҕум иккиэн билигин суохтар… Дьиэбэр-уоппар миигин туох даҕаны туппат, онон сири-дойдуну көрө, дьону үөрдэн, күллэрэн, этэргэ дылы, “олохторун уһатан”, кэнсиэрдии, гостуруоллуу сылдьабын. Ол сыл эдьиийим оҕотун Рома Жиркову кытта эбээлээх сиэн буолан сыанаҕа оонньообуппут. Кэнсиэр бөҕөтүн тэрийбиппит, гостуруолга айаннаабыппыт. Табыллыбыт оруоллар буолбуттара. Тастыҥ эдьиийим кыыһын Марианна Илларионованы оонньуурга үөрэтэн, бэйэбит бөлөх буола тэриммиппит. 2005 сыллаахха эдьиийим Лена Ивановна Бээди кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьан дэриэбинэ олохтоохторун кытта “Бээди бэтиэхэтэ” диэн бөлөх тэрийбитэ. Бөлөхпүтүнэн бэстибээл, күрэхтэһии бөҕөтүгэр кыттыбыппыт, мин хаста даҕаны гран-при буолуталаабытым. Ол быыһыгар бэйэбит кэнсиэр, гостуруол тэрийэрбит. Ол сырыттахпына Аркадий Новиков бэлиэтии көрөн, Майатааҕы тыйаатырга дуогабарынан үлэлэтэ ыҥырбыта. Мирнэйгэ тиийэ улахан гостуруолга сылдьыбыппыт. Аркадий Михайловичтыын “Кыһын дуу? Сайын дуу?” диэн сыанканы айан, сыанаҕа табыллан оонньообуппут. Саха дьахталларыттан көр-күлүү маастара Валентина Чирковалыын бииргэ үлэлээбиппитин билиҥҥэ диэри олус истиҥник саныыбын. Ол сылдьан элбэххэ үөрэммитим, уопутурбутум. Ол эрээри, тыйаатыр миэнэ буолбатах эбит. Дьокуускайга кэнсиэргэ ыҥырдахтарына даҕаны, гостуруолга айаннаары гыннахпына даҕаны хайдах ыллым даҕаны баран хаалыахпыный? Үлэлээх киһи үлэбэр сылдьар буоллаҕым дии. Онтон “манна тутар дьиэлээх- уоттаах, оҕолоох-уруулаах киһиэхэ дылы хаайтаран олордохпунуй” диэт, бүтэн хааллым. Көҥүл айартан-тутартан ордук туох даҕаны суох диэн санааттан, онно артыыстаан бүппүтүм. Аны “Бээди бэтиэхэлэрин” таһынан өссө “Дьээбэ-хообо” диэн саҥа бөлөх тэриммиппит.
Батсаап сулуһа
— Быйыл олус элбэхтэ гостуруоллаабыккын истибитим. Батсаапка сотору-сотору Огдооччуйа күлүүлээх устуоруйалара кэлэн күллэрэллэр. Аны биир күн иһигэр үстэ кэнсиэрдээбит үһүгүн дуо?
— Ааспыт күһүҥҥүттэн бу тэриммит бөлөхпүтүнэн үлэлээтибит. Салайааччым, туох баар суолбун оҥорооччум – эдьиийим Лена Жиркова. Аны Клим Федоровтыын эмиэ үлэлэһэбин. Өлөөнүнэн, Ньурбанан гостуруоллаан сырыттыбыт. Кыһын Нам уонна Горнай улуустарыгар сылдьыбыппыт. Биир нэһилиэккэ түөрт хонобут. Сыалай бырайыак оҥорон үлэлэтэн, олохтоохтору сэргэхситэбит. Ырыа үөрэтэбит, кэпсэтэбит-ипсэтэбит. Мин монолог ааҕарга үөрэтэбин. Ааспыт ыйга биир күн үс кэнсиэри биэрдим. Дьиҥэ, иккинэн даҕаны сөп буолуохтаах этим. Ону көрөөччүлэрим көрдөһүүлэрин ылынан, үһүс кэнсиэрбин эмиэ тэрийдим. Онтон өссө көрдөһөннөр, аны Кулаковскай аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр икки кэнсиэри туруордубут. Онон Дьокуускай куораппар биэс кэнсиэри ньиргиттим. Дойдубар Бороҕоҥҥо сэттэ, Майаҕа түөрт кэнсиэри биэрдим. Үбүлүөйдээх үөрүүбүн бар дьоммунаан үллэһинним. Мин үлэм айантан айан, гоструолтан гоструол, кэнсиэртэн кэнсиэр буолар.
Өрүү — эмээхсин
— Огдооччуйа уобараһа хайдах айыллыбытай? Хайдах Туйаараттан эмискэ Огдооччуйа буоллуҥ?
— Огдооччуйам уобараһа көннөрү өйтөн ылыллыбыт уобарас. Мин урут-уруккуттан, оннооҕор оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн сыанкаларга наар эмээхсин оруолун толорор этим. Кэнсиэргэ уон нүөмэргэ кыттар буоллахпына, барытыгар эмээхсин буолар этим. Маайа, Даайа, Алааппыйа… Эмээхситтэрим ааттарыгар, оруолларыгар бэйэм даҕаны буккуллар этим. Оннук сырыттахпына, Аркадий Новиков: “Туйаара, биир халааты кэт, сыанаҕа кэтэр анаан биир көстүүмнээх буолуохтааххын”, — диэбитэ. Сыанатааҕы уобараспар Валентина Чиркова өй укпута: “Эн биир ааты ылын”, — диэн. Итинник диэбитэ син ыраатта, ону бу соторутааҕыта өйдүү биэрэммин, аны Огдооччуйа буолан хааллым. Биир эмээхсининэн даҕаны сылдьыахха сөп. Ол иһин сыанкаларбын, монологтарбын барытын Огдооччуйа тула оҥоробун, толкуйдуубун. Онон Огдооччуйам оннук баар буолбута. Билигин арай иһиттэҕим аайы, эмээхситтэр бары Балбааралар, Маайалар, Даайалар курдук. Саха сирин биир гына кэрийдим, гостуруоллаатым даҕаны, Туйаара диэн ааттаах эмээхсини истэ, көрсө иликпин. “Туйаара эмээхсин” диэн буолуом дуо диэн санаан ылааччыбын. Баҕар, Огдооччуйа диэн аатым кэлин бэйэбэр хаалыа диэммин ылыммытым.
Куттанан дьээбэлээбэттэр
— Огдооччуйа бэйэҕэр майгынныыр дуо? Дьээбэлэргин хайдах толкуйдуугунуй?
— Төбөм биир өттө тараҕай, муодунайдаан оннук кырыйтарбытым. Быйыл 50 сааһым буолла даҕаны, кырдьар санаам суох. Ол урут дьахтар 50-чэ саастаах буолла даҕаны, тута эмээхсин диэн ааттыы түһэллэрэ. Куруук көр-күлүү эйгэтигэр сылдьар буоламмын, олохпор тугу даҕаны ыарырҕаппаппын. Барытын чэпчэкитик ылына сатыыбын. Доруобуйам эрэ этэҥҥэ буоллун. Аны күһүн Огдооччуйабын өссө тупсарыаҕым. Кырдьан истэҕим ахсын, Огдооччуйабар майгынныыр буоларым буолуо дии саныыбын.
Мин син биир бэһиэлэйбинэн хаалыаҕым. Наһаа бэлэстээхпин, биир даҕаны аймахпар батан олорботум буолуо диэн күлэ саныыбын, дьээбэм-хообом элбэх. Күннээҕи олохтон, дьүөгэлэрбин кытта кэпсэтииттэн дьээбэлээһиннэрим тахса тураллар. Сыанаҕа ардыгар онтон быһа тардан көрдөрөөччүбүн. Хата, ол оннугар миигин атын дьон сатаан дьээбэлээбэт. Мин хардатын биэрэбин, эппиэттэһэн, аны бэйэлэрин хаадьылаан киирэн барабын, онон миигин дьээбэлии сатааччылара суох. Дэриэбинэбэр дьүөгэлэрим ыалдьыттыы кэллэхтэринэ, мин дьиэбиттэн арахсыбаттар. Аны ийэм кэпсээннэриттэн табыллыбыт монологтар, сыанкалар элбэхтэр, ону көрөөччүлэр ылыммыттара. Уопсайынан, биир монологу элбэхтэ ааҕаҕын, төһөнөн дьон иннигэр кэпсиигин даҕаны, соччонон бу нүөмэр табыллар, тыла-өһө чочуллар. Сыанка, монолог өр буһар. Наһаа өр “сиикэй” сылдьыан сөп. Аны туран, миигин сорох дьон сыанатааҕы таҥаһын олох уларыппат диир эбит. Сыанатааҕы уобараһым, имиджим буоллаҕа, ырыаһыттар курдук хас тахсыым аайы халааппын, таҥаспын уларыппаппын. Бу соторутааҕыта чугас улуус биир нэһилиэгэр гостуруоллуу тахсаары гыммыппар: “Сыанатааҕы таҥаһыҥ уларыйбат, сыанкаларгын норуот ылыммат”, — диэн култуура дьиэтин үлэһитэ бүтүн норуот аатыттан аккаастаата. Онтон олус хомойдум.
— Кэнсиэртэн кэнсиэргэ сылдьан, дьон сынньалаҥын тэрийэр буоллаҕыҥ. Оттон бэйэҥ хаһан сынньанаҕын? Гостуруолтан гостуруолга сылдьар эбиккин дии.
— Гостуруолтан гостуруолга сылдьан киһи, кырдьык, сылайар. Хас күн аайы саҥаттан-саҥа ыал, тымныы кулууптар, спорт саалалара… Айан уһуна-киэҥэ… Доҕотторум, дьонум: “Сынньан, сылайбытыҥ буолуо”, — диэччилэр. Онуоха мин сатаан өрөөн олорбоппун, сынньанары сатаабаппын. Олус сылайдахпына, икки күн бэйэм-бэйэбэр өрөбүл биллэрээччибин. Биир күн, чэ, син тулуйабын. Онтон иккис күнүгэр номнуо бырагыраама толкуйдаан, гостуруол тэрийэн, кэпсэтиитин ыытан, монолог айбытынан барабын. Ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Холодильнигым иһэ толору ас баар буоллаҕына, миэхэ онтон ордук наадата суох.
— Киинэҕэ уһуллуоххун баҕарбаккын дуо?
— Киинэҕэ устаарылар этии бөҕөтө киирэр. Прокопий Федоров Огдооччуйа олоҕуттан быһа тардыыны киинэ оҥорон таһаарыахтаах. Бу киинэ мин сыанаҕа кэпсии-ипсии турарбын сатаан көрбөт, кулуупка кэлбэт дьоҥҥо ананыаҕа. Билиҥҥитэ былаана баар, устуохпут.
— Кылгас кэм иһигэр Интэриниэт сулуһа буолбутуҥ. Оттон кириитикэлээччилэр бааллар дуо?
— Баччааҥҥа диэри бэйэм аадырыспар кириитикэни истэ иликпин даҕаны, кэннибиттэн саҥарааччылар бааллара буолуо. Ол эрээри, сирэйбэр кэлэн ким даҕаны туох даҕаны дии илик (күлэр). Сахаҕа наһаа куһаҕан биир хаачыстыба баар – ымсыы. Оннооҕор тэҥҥэ аттыбар сылдьыспыт, күлбүт-үөрбүт дьоммор оннук баар буолааччы. Дьону күллэрэр-үөрдэр — мин аналым. Бу дьарыкпын сыыһа талбыппын диэн хаһан даҕаны кэмсиммэтэҕим, оннук санаа даҕаны киирэн ылбыта суох. “Үлэбин сөбүлээбэппин, кирэдьииппин, ипотекабын төлөөрү эрэ үлэлиибин”, — дии-дии күн аайы үлэлии барар дьону олох өйдөөбөппүн.
СЭМСЭ ТЫЛ
Алексей Павлов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта:
— Туйаара Стручкова – Огдооччуйа кэлиҥҥи кэмҥэ утумнаахтык дьарыктанан, дьон-норуот биһирэбилин ылан иһэрэ киһини үөрдэр. Огдооччуйатын уобараһа олус табылынна, норуот ылынна. Кырдьык даҕаны, көр-күлүү жанрын маастарыстыбатын сатыыр, норуоту күллэрэр аҕыйах ахсааннаах дьонтон биирдэстэрэ буолар. Саха сиригэр маннык талааннаах дьон ахсаанын уон тарбах иһинэн ааҕыахха сөп. Сыанаҕа таҕыстахха, көрөөччү ылыныан наада, Туйаараны ханна баҕарар, хаһан баҕарар көрөөччү ылыныа, күүтүө дии саныыбын.
Кэпсэттэ Айтана АММОСОВА.