Туһах

Ааптар: 
24.11.2022
Бөлөххө киир:

Былыр, дойдубар Мэҥэҕэ, окко полумехзвеноҕа оттуу сылдьабыт. Көйүү үрэҕэр. Мин сэттис кылааһы бүтэрбит сылбар. Сайыны быһа сопхуос биэрэр эт кэнсиэрбэтэ хабарҕабытыгар туора турбут кэмэ —  атырдьах ыйын эргэтэ. Биир киэһээ звеневодпут Устуручукуоп Өлүөскэ ДТ тыраахтарын көрүнэригэр илии-атах буола сылдьан  бардачоктан биир куобах туһаҕын булан ыллым. Куобахха туһах баайаллар диэни истэн билэбин эрээри, бэйэм туһахтаан көрө иликпин.

— Туһаҕы ылабын дуо?” — диэн ыйытааччы буоллум Өлүөскэттэн.  Киһим үөрдэ. — Хата, сатаатар эрэ ыл! — диэтэ. Мин омун-төлөн бөҕө, тутан турбут уон сэттэлээх гаечнай күлүүспүн сонно быраҕан, ойуурга ойоору гыммыппын киһим тохтотто. “Биир туһаҕы баайыллыбат, кырата сүүрбэччэни иилиэххэ наада”, — диэтэ. Эбии хантан да туһах булар кыаҕым суох, санаабар, бардачогу  өссө хаһан көрдүм да, мэлийдим. Бара сатаан илдьирийбит тыраахтар олбоҕун кэннин, аннын хаһа сатаатым…Бүттэҕим ол…Ол онон хаалла.

Сарсыныгар үлэ кэнниттэн Өлүөскэ мустарар тыраахтар Дьуонааскытыныын сабыс-саҥа торуос түрбэтиттэн балтараа миэтэрэ курдугу ыһыынан үнтү эттээн быһаннар, утахтарын араардылар. Мин дьоммун батыһа сылдьабын. Туһах оҥоробут диэтилэр. Үөрүү бөҕөлөрө, хата, хара сиэхпит диэн. Биирдии утаҕы тус- туһунан эрийэ туттулар уонна кутаа чоҕор кытарыахтарыгар диэри сытыардылар. Уйадытабыт дииллэр. Өр сытыарбатылар, төбөтө токурдаах боробулуоханан барыларын иилэн ылан чох үрдүгэр салгыҥҥа  сойуттулар. Сыыйа кутааттан тэйитэн бүтэһигэр диэри тутан туран баран киһи илиитин сиэбэт буолуута боруобаҕа биири өһүлэн мускуйан көрөн баран, дьэ табыллыбыт диэн буолла.

Үс буолан торуоспут утахтарын начаас өһүлтэлээн аһыыр остуолбут атаҕар сыыйа тардан көннөртөөтүбүт. Өлүөскэ болоскогуубсаланан тиэрбэстэрин оҥортуур. Биһиги сонно тута хоһуттан эрийэн иһэбит. Бүтэрэн баран аахтыбыт, сүүрбэ икки туһах буолбут. Туһахтарбын иитэ бараары гыммытым номнуо борук-сорук буола охсубут, сотору хараҥарар. “Сарсын бараар”, — диэтилэр. Тугу да утары этэр кыаҕым суох, сөбүлэһэбин эрэ. Сарсыныгар бу бириэмэ баран биэрбэтин оҕото! Санаабар күммүт олох сыҕарыйбат, кыһыылаах баҕайы.Сатаатар, бу бүгүн болдьоон-хаһаан туран мунньар сирбит киэҥэ-куоҥа…Санаам барыта ойуурга.

Кэмниэ-кэнэҕэс күннээҕи үлэбит син түгэҕэ көһүннэ. Бүттүбүт. Отууга кэлэн сып-сап аһыы охсон баран туһахтарбын бинсээгим сиэбигэр уктуталыы турдахпына Өлүөскэ: “Ол отуу утары үрэххэ түһэр үрүйэ аппатынан тахсан иит”, — диэн сүбэлээтэ. Арай, дьэ хоҥноору туран өйдөөбүтүм туһах иитин төһө киэҥ гынарбын билбэт эбиппин.”Туһахпын төһө киэҥ гынабын?” — диэбиппэр Дьуонааскы: “Ол миискэ саҕа гын!” — диэтэ. Остуол үрдэ лабыай курдук кирдээх миискэ толору, улахан да баар, кыра да баар. Ханныгын саҕа эбитэ буолла? “Бу миискэ саҕа!”- диэн баран киһим биири ыйда. Ол миискэ төһө улаханын өйбөр тутаары көрбөхтүү түһэн баран сулбу-халбы үрүйэм диэки сүүрэ турдум.

От үрэх сыыһын өр гыныам дуо, куула тыа саҕатыгар биирдэ баар буола түстүм. Ходуһа бүттэ, охсуллубатах оттоох үрүйэм бэлэһигэр тиийдим. Үрүйэ да диэн, сис тыаны хайа солоон соҕурууттан үрэххэ түһэр аппа буоллаҕа дии. Туората муҥутаан сүүрбэ-отут хаамыы кэтиттээх дулҕа сиэлинэн саба үүммүт, ойуурун саҕата киһи батан киирбэт ат  талахтаах эбит. Туруору икки сирэй сыырдара хаһааҥҥы эрэ баһаар кэннэ хара лааҥкы көстөр ычыкына. Талах саҕатын тутуһан үрүйэ устун үөһээ диэки хаамабын. Арай, биир сиргэ талахтар анныларыгар куобах саахтара тэлгэнэ сыталлар. Эчи элбэҕин!..Лаппаакынан да баһыахха сөп! Төҥкөйөн биири ылан тарбахпынан илдьи туттум. Онтум инчэҕэй курдук,»Хайа,ноо! Сибиэһэй саах дуу!?»Хаһы да ылан ыстааным сиэбигэр угуннум, дьоммор көрдөрүөм, куобах баарын дакаастабыла! Ээ, хата, манна туһахта баайыахха! Бинсээгим сиэбиттэн биир туһаҕы хостоору гыммытым бэйэ-бэйэлэриттэн иилистэн биэс-алта туһах оронон таҕыстылар, иккини тутан хааллым, атыттара талах төрдүгэр таммалаатылар. Олору хомуйан сиэппэр уган биир туһаҕы өһүлэн  манан куобах кэлиэ диэбит сирбэр талахха баайа сатаатым. Туһаҕым иитин оруобуна, били, миискэ бачча быһыылаах этэ диэн син майгыннаттым эрээри, туһаҕым талахха толугуруу сылдьар. Кытаанахтык тардыллыахтаах  быһыылаах, сүөрэн иккиһин эрийдим, син майгынныыр буолла.Үчүгэй! Биир куобах иҥнэр буолла! Ханна ииппиппин быһа холоон өйдөөн көрө түстүм, аттыгар ол көстөр улахан дулҕа баар эбит. Үчүгэй! Өссө бардым, көрдөхпүнэ талах быыһа барыта куобах сааҕа. Бастакы туһахпыттан биэс хаамыылаах сиргэ эмиэ талахха иккис туһахпын «эрилис» гыннаран кэбистим. Бу сырыыга туһах баайарга уопуттаахпын. Түргэнник бүтэрдим. Үчүгэй!Эрэллээх туһах буолла! Иккис куобах баар!

Өссө бардым. Арай, эмиэ биэс-алта хаамыылаах сиргэ үһүс туһахпын иитээри туран эмискэ баҕайы Өлүөскэ сирэйэ харахпар көстөн кэллэ. Орох! Матаһыыкыл суола! Төннөн тиийэн ииппит туһахпын өҥөйөн көрдүм. Матаһыыкыл суолун курдук көнө буолбатах, мэнээк талах төрдө. Мунааран тура түһэн баран эмиэ үрүйэбин батан тахсан истим. Өр барбатым, кэллэ ээ, матаһыыкыл суола! Үрүйэни туора быһа охсон тыргылла сытар ыллык курдук эбит куобах ороҕо диэннэрэ…Сүрэҕим битигирии түстэ. Манна иитиэххэ! Орох талахтарга киирэр сиригэр ,били, бардачоктан булбут «собоскуой», саамай күндү, эрэллээх туһахпын иитэн кэбистим. Оччотооҕу оҕо хантан билиэхпиний, ол «собоскуой» туһаҕы ханнык да завод станога буолбакка, хараҕа суох инбэлииттэр болоскобууссанан оҥороллорун. Ол эрийэллэригэр туһах тиэрбэһин бүтүннүү эрийэн боробулуохатын кэбирэтэллэрин, ол кэбирээбит сиринэн туһахтара быстарын? «Хотуобай» диэн тыл «хаачыстыба» диэни кытта ыксары сибээстээх курдуктара оччотооҕу оҕолор санаабытыгар.

Онтон салгыы дьиҥнээх орохтор бииртэн-биир кэлэн истилэр, туһах иил да иил. Бэрт да бэрт! Бииртэн биир эрэллээх туһахтар! Биирдэ өйдөммүтүм туһаҕым бүтэн хаалбыт. Борук-сорук буолбут. Хараҥарара чугаһаата, кэлбит сирбинэн, аппа устун, төттөрү бардым. Баран иһэн туһахтарбын көрөбүн, бүтэһиктэн таҥнары ахсааннарын ааҕабын. Сүүрбэ үс туһах буолуохтаах. Аллараа, били, бастакы туһаҕым, сүүрбэ биирис буолан хаалла. Икки туһахпын итэҕэс аахпыппын. Ээ, чэ, сарсын көстүөхтэрэ…Оол курдук көстөр отуубут диэки сүүрэр-хаамар былаастаах анньынан кэбистим.

Отууга кэлбитим кулуһун таһыгар Ньайгы диэн хос ааттаах биэс уончалаах, биһиги, бугулдьуттар хамандыырбыт оҕонньор табааҕын туора уобан олорор, аттыгар уола Алеша быһыччатынан мэнээк талах кыһан кыччайар. Ньайгы: “Оо, туһахчыппыт кэллэ! Хайа,хас куобаҕый?- дии көрүстэ.Эргии да эргэ МТЗ-50 тыраахтар таһыгар мин туһахха «аптарытыатым» Дьуонааскы, саҥа армияттан кэлбит уол мичээрдии- мичээрдии оҥунуох- сэлээркэ буолбут илиилэрин өҥө көстүбэт буола киртийбит тирээпкэнэн сотто турар. Мин Ньайгылаахха кыһаммакка «аптарытыаппар» тиийдим. Чугас оҕолор балааккаларын иһигэр «тыһыынча биир» үгэнэ быһыылаах, Бөдүөккэ:»Она !Он!»-диэн хаһыытыыра иһиллэр, ньиргиэр күлсүү сатарыыр.

— Көр, бу!..-Дьуонааскыга куобаҕым саахтарын ытыспар ылан уунабын. —Сип-сибиэһэйдэр! Куобах элбэх эбит!Туһахтарбын барытын ииттим!..

Киһим, били, мин «сибиэһэй» саахтарбыттан биири ылан баран: “Мантыҥ кыһыҥҥы саах, олунньу сүүрбэ биэһигэр саахтаабыт!- диэн кэбистэ. -Инчэҕэй дии, сибиэһэй быһыылаах…- диэн көрдүм.-Сайыҥҥы сааҕа оту сиир буолан от күөҕэ, хараҥа өҥнөөх уонна размера кыра буолар, мантыҥ,көр эрэ бу,талах дии, сырдык уонна улахан!»Аптарытыат»…Пахай, кыһыҥҥы-сайыҥҥы  сааҕы араарбаппыттан бэйэм да кыбыһынным. Өлүөскэҕэ көрдөрбөтөҕүм үчүгэйин!

— Орохторо ынырык элбэх! Матаһыыкыл суолун курдуктар! Сарсын…Сарсын…Сүүрбэччэ куобаҕы аҕалыам диэри гынан баран нэһиилэ туттуннум… — Биэс куобах иҥнэр ини…- диэтим. Аттыбытыгар Өлүөскэ кэлэн турарын көрбөтөхпүн. — Ээ, бу да киһи, доҕоор! Никакая ловушка не действует в первую же ночь! — диэтэ Өлүөскэ. Армияҕа сылдьыбыт буолан быһыылаах, сотору-сотору нууччалыы этиилэри оҥортуурун сөбүлүүр. — Биэс куобах иҥниэҕэ!- диэтим, эрэллээх баҕайытык. Санаабар туһаҕым аайы куобах иҥниэ дии саныыбын, ынырык үчүгэй орохтор, хайдах иҥниэхтэрэ суоҕай?

Кулуһун таһыгар биэдэрэ быһаҕаһа сойбут чэйтэн иһэн киллиргэтэн баран балааккабар бардым. Ньайгы сарсыарда эрдэ уһугуннарыах буолла. Сыыйа хабыс-хараҥа сатыылаата. Мин үрүйэм бэлэһэ көстүбэт, харахпар иитиллибит туһахтарым көстөллөр. Төһө эрэ куобах иҥнэр? Өөр да өр уум кэлбэккэ, сатаан утуйбакка эргичиҥнии сыттым, хаһан эрэ сарсыарда буолар?..

Олохпор саамай абааһы көрөр суолум-сарсыарда соһутан уһугуннарыылара…

Саамай үчүгэйдик, арай, утуйа сыттахпына атахпыттан тардыалаатылар.

— Сэбиэт уола-а! Сэбиэт уола-а! Тур, тур! Туһахтарыҥ диэки суор бөҕө көтө сылдьар !Тур! — Ньайгы миигин туруора сылдьар эбит.Туһахтарым! Сулбу ыстанан туран таҥнан хачыгырайдым. Аттыбар Болуодьа, Бөдүөккэ утуйан титирэтэ сыталлар, эчи хаарыаны! Балааккаттан тахсыбытым отууга Ньайгыттан ураты ыт охсор киһи көстүбэт. Ньайгы кулуһуна умайбыта ырааппыт, биэдэрэлээх чэйэ оргуйара чугаһаабыт, үрүҥ күүгэн аллан эрэллэр.Туһахтарбар торҕо сэлиинэн түһүннүм.Үрүйэбэр кэллим. Уу чуумпу. Биир да суор халаахтыыра иһиллибэт, көтө сылдьаллара көстүбэт…Ньайгы киһини туруорар албаһа эбит дии санаатым. Бастакы туһаҕым баайыллыбыт сиригэр чугаһаатым. Улахан дулҕа баар этэ. Баран иһэбин. Улахан дулҕа баар этэ. Дулҕа барыта улахан курдук буолбут. Манна…Туһах көстүбэт…Өссө барыахха!..Баран иһэбин.Улахан дулҕа…Манна…Суох атын эбит…Өссө барыахха. Арай, матаһыыкыл суолун курдук орох тиийэн кэллэ. «Собоскуой» туһаҕым! Талах төрдүн көрбүтүм, пахай, туһаҕым үчүгэй баҕайытык тэрбэйэн баран турар…Иҥнибэтэх!

Төттөрү баран иккис, бастакы туһахтарбын булаттаатым, чугастар этэ. Тураллар,бэҕэһээ хайдах баайбыппынан. Пахай! Дьэ, онтон саҕалаан туһахтарбын син өйүн-төйүн булан көрөттөөн истим. Ииппит ороҕум кэллэҕин аайы сүрэҕим битигирэччи тэбэр. Эрээри, «никакая ловушка не действует в первую же ночь!»-Өлүөскэ этиитэ кулгаахпар хатыланара элбээтэр-элбээн истэ. Уон биирис, уон иккис…»Никакая ловушка не действует в первую же ночь!..» Били сүүрбэччэ куобаҕы ылыахтаах киһи биэскэ дылы нэһиилэ түһэрсэн баран биир да куобахха сөбүлэһэр турукка тиийдим…Уон сэттис, уон ахсыс…»Никакая ловушка…в…первую же…»Сүүрбэһис…Үс туһах хаалла.Ээ, ити сүүрбэһис туһаҕым бүтэһик туһаҕым этэ дии! Итэҕэйбэккэ өссө бара түстүм.Чахчы бүтэһигим эбит. Чуолкай өйдүүбүн ити муҥулах тииттэн төннүбүтүм…Үс туһахпын булан көрбөтөхпүн. Арай, олорго куобах иҥнэн өлбүт буоллун? Төннөөрү туһахтарбын эмиэ ааҕан төнүннүм. Уон тоҕус туһаҕы аахтым. Аны түөрт туһах итээтим. Хайыахпыный, тэҥнэһиэм дуо, кыбыста-кыбыста отуубар тиийдим. Дьонум, киһи кыһайыах бары чэйдии олороллоругар түбэстим. Ньайгы: “Оо,сэбиэт уола куобах бөҕөнү сүгэн-көтөҕөн аҕалла!-диэн күлүү-элэк гынна. Хата, Дьуонааскы,түүнэ сылааһа бэрт этэ, куобах сүүрбэтэҕэ буолуо диэн син быыһыы сатаата. Оҕолор харахтарыгар утуйа сыппакка эрдэ туран барбытым да улахан суолталаах быһыылаах, сыыһа-халты туттууну мүччү туппат бэйэлэрэ тугу да саҥарбатылар.

Эмиэ унньуктаах уһун күн туһахтарбын эрэ саныы сырыттым.Тугу эрэ сыыстым быһыылаах диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Икки бастакы туһахтарбын, арааһата, сыыһа ииппиппин быһыылаах, сарсын сарсыарда көһөрдөхпүнэ табыллар…Түөрт туһахпын хайдах сүтэрдим ити? Арай, олорго куобах иҥнибит буоллун? Сарсыҥҥа дылы буорту буолаллар…

Күнү быһа итинник толкуйга мэрэкэйдэнэн үлэ бүппүтүн өйдөөбөккө да хааллым. Сарсыарда эрдэ турбут киһи киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн хаартылаан ампаалыктаһар оҕолор айдааннарыгар кыһаммакка утуйан хаалбыппын.

Сарсыарда эмиэ: “Суор бөҕөтө көтөр, куобахтаргын бүтэрэн эрэллэр, тура оҕус!- диэн Ньайгы тардыалыырыттан уһугуннум, ойон туран сирэй суунар да бокуойа суох үрүйэбэр сүүрдүм. Бу сырыыга бастакы, иккис туһахтарбын ааһа түспэтим. Өһүлтэлээн  ыллым. Атын сиргэ иитиэм. Үһүс, били, саамай эрэллээх туһахпар чугаһыырбар сүрэҕим эмиэ тиҥиргэччи тэптэ. Баар буол эрэ! Баар буол эрэ! Суох…Туһаҕым тулаайах оҕо курдук турар.Турдун. Ааһа турдум.Төрдүс, бэһис тураллар…Куобаҕа отой да суох сиргэ сылдьабын дуу, тугуй?..Алтыс туһаҕым арай көрбүтүм суох…Эс, чуолкай манна баар этэ…Тохтоон сирийэн көрбүтүм туһаҕым орох устатынан сыыйылла тардыллан хаалбыт.Тиэрбэһэ ньоймойон баран сиргэ сытар.Түү сыста сылдьар! Куобах түүтэ! Туһахпын иһинэн киирэн барбыт, бүтэһигэр кэлин атаҕын түүтэ тиэрбэскэ кыбыллан хаалан-хаалбыт! Кыһыйан өлө сыстым. Иҥнибитэ буоллар дии!Куобахтаах тиийиэм этэ дьоммор…Атын өттүттэн эмиэ да үөрэ санаатым, куобах чахчы баар эбит! Туоһу гынаары туһахха хаалбыт түү сыыһын ырбаахым сиэбигэр угуннум уонна салгыы бардым.

Ити аата куобах баар эбит! Куһаҕан баҕайы үктэллээх номнуо саһарарга барбыт сэбирдэхтээх талахтар кытыыларынан мүччү-хаччы үктэнэн иһэн толкуйдуубун. Куобах баар эбит! Сатаатар, биир куобаҕы ылбыт киһи! Били, бэҕэһээ мыынар биэс куобаҕым номнуо ситтэрбэт ыра санааҕа кубулуйбут. Хайдах да буоллун, кыра-улахан, суолтата суох. Иҥнибит эрэ буоллун!

Туһахтарбын көрө-көрө ааһан иһэбин.Тураллар…Өссө биир туһах ньоймойбут. Биир туһах тиэрэ анньыллан турар…

Туһахтарым бүтэллэрэ чугаһаата, муҥулах тиитим ол курдук тэйиччи иҥнэри түһэн турара көһүннэ. Икки эрэ туһаҕым хаалла…Бииргэ суох…Бүтэһик туһахпар чугаһаатым. Иҥнибит буол эрэ! Муҥулахха уонча хаамыы чугаһаан баран, тоҕо эбитэ буолла, харахпын быһа симэн баран бүтэһик туһаҕым диэки хаамтым. Харахпын астахпына куобах иҥнэн олорор буолуохтаах…Хардыыбын ааҕабын: биир, икки, үс…тоооҕус! Уон!!! Харахпын аһан туһахпын көрөбүн.Туһаҕым суох! Сүрэҕим эмиэ тиҥиргээтэ. Манна баар этэ! Туһаҕым көстүбэт.Аҕылыы-аҕылыы талахтар истэрин диэки киирэн иһэн эмискэ сирэйбинэн сиргэ дэлби кэлэн түспэтэх үһүбүн дуо!? Талах силиһигэр илиибин дьукку түһэн кэбиспиппин. Атахпын көрбүтүм…Пахай!Туох куобаҕа кэлиэй!? Туһахпар бэйэм иҥнэн сытар эбиппин.Туһахпын атахпыттан арааран чөлүгэр түһэрдим. Онтукам киһилии төгүрүк буола сылдьыыһы дуо, муччуйан- иччийэн хаалбыт.Оннук бадьарай курдук туһаҕы орохпор хаалларан төнүннүм.

Тиийбитим дьонум чэйдээн бүтэн эрэллэр. Хата, Ньайгы тылга тииспэтэ. Өлүөскэлээх Дьуон оллоон аттыгар дүлүҥҥэ табахтыы олороллор. Оҕолор көстүбэттэр .Балааккаларыгар киирэн сыталлар быһыылаах. Тойотторбор отчуоттуу тиийдим.

— Хайа, туох сибики баар?

— Бу!.. Ырбаахым түөһүн сиэбиттэн түүбүн кымаахтаан таһааран көрдөрөбүн .Дьонум куобах түүтүн ылан сирийэн көрдүлэр.Диагноз туруорар  быраастар курдуктар иккиэн. Консилиум…Өлүөскэ бөлөмүөрүн уоһун икки өттүгэр хачайдыы олорон: “Интересно девки пляшут!По четыре ходят в ряд!»- диэтэ. Дьуонааскы олох да киһи өйдөөбөтүн курдук:”Тыыннаахтыы өлбүт куобах түүтэ!” -диэннээх.

Мин тугу да өйдөөбөтүм. Икки туһаҕы иһинэн ааспыттарын, биири тиэрэ аспыттарын кэпсээтим.Дьуонааскы остуолга баран сол да сууйуллубатах хара лаҕыай кирдээх икки миискэни аҕалла. Биирэ, били, бастакы күн бэйэтэ ыйбыта, иккиһэ оннооҕор кыра соҕус араҕас хаймыылаах Бөдүөккэ чэй иһэр миискэтэ.

— Туһахтарыҥ киэҥ буолбуттар. Бачча буолуохтаах.

Өлүөскэ: “Туһаҕыҥ баар дуо?” — диэн ыйытта. Бинсээгим сиэбин хаспытым, хата, мин дьолбор, били бастакы, иккис туһахтарым сылдьаллар эбит. Олору сулбу таһыйан таһаардым.

-Баар!Баар!

Өлүөскэ биир туһаҕы ылла: “Бэйэҥ хайдах гыммыккыный? Оннук оҥорон көрдөр”, — диэтэ.Сонно тута кулуһун таһыгар иккиэн туһах хайдах буолуохтааҕын оҥордубут. Мин кыһаллыы-мүһэллии бөҕө. Эксээмэн…Бүтэрэн баран иккиэн туһахтарбытын тэҥнии тутан көрдүбүт. Миэнэ төгүрүгэ оһуобай эрээри, киһим киэнинээҕэр икки илии киэҥ буолбут.

— Мэ!..Маннык буолар!..

Өлүөскэттэн туһаҕы ыламмын Дьуонааскы сиргэ уурталаабыт миискэлэригэр тэҥнии тутуталаатым. Кыра миискэ саҕа эбит. Мин оҥорбут туһаҕым иккиэннэриттэн улахан буолла.Ол иһин даҕаны иҥнибэттэр эбит куобахтар. Били, эрэллээх баҕайы туһахтарым санаабар дьаабы баҕайы буолан хааллылар. Өлүөскэ оҥорбут туһаҕын сэрэнэн хамсаппакка илдьэн киһи-сүөһү тэпсибэт тэйиччи турар баараҕай тиит төрдүгэр ууран баран аны хамсаан хаалан иэдээн буолуо диэн обургу соҕус хатырык сытарын ылан баттатан кэбистим. Киэһээ хаһан эрэ буолар!

Бу күн эмиэ биллибэккэ ааста, үлэ хаһан баҕарар буоларын курдук элбэх этэ эрээри, сүрэҕэлдьиир солото суох туһахтарбын хайдах кыччаталыырбын, туһахха иҥнэн олорор куобахтары харахпар ойуулаан көрө сырыттым.

Үлэ кэнниттэн туох да бокуойа суох үрүйэм диэки таластым. Били, Өлүөскэ оҥорбут туһаҕын хамсаппакка тута сылдьабын. Ол туһахха тэҥнии-тэҥнии туһахтарбын кыччаталыыбын.Ыксал- тиэтэл бөҕө, ортолоон иһэн алҕаска мутукка иилэн кээмэй туһахпын сыыйа тардан кэбистим. Пахай! Бастаан уолуйбут санаабар: “Бүттэҕим ити!»- дии санаатым. Кээмэйэ суох хааллым. Биир сиргэ хайдах да буолуохпун билбэккэ өрө тэпсэҥэлии туран сытыы баҕайы өй төбөбөр көтөн түстэ. Бу иннигэр кээмэйдээн ииппит туһаҕым турдаҕа дии. Онно төннөн кээмэйбин чөлүгэр түһэрдим да тута сылдьабын буоллаҕа. Сытыы өйбүттэн бэйэм бэйэбин хайҕана- хайҕана төттөрү сүүрэн тиийэн оруобуна ол туһах киэнин үтүктэн ыллым.Бүттэ. Боппуруос быһаарылынна. Ол курдук туһахтарбын барыларын  кыччаталаан, бу сырыыга баҕас,  дьэ, эрэллээх отуубар төнүннүм. Сүүрбэ,биэс куобах туһунан умнубутум ырааппыт, баҕарар баҕам-биир куобах. Халлаан эмискэ баҕайы сөрүүдүйэн хаалбыт, үрүйэм бэлэһигэр тахсыыбар үрэхтэн тымныы салгын иэдэспин саба охсон ылла. Дьагдьайбыппын аһараары отуум диэки сүүрэ турдум.

Кэлбитим кулуһун  кытыастан олорор, тулатыгар ким тэлэгириэйкэ, ким халыҥ сибиитэрэ кэппит, тоҥмут сибиэннээх дьон уокка сыраллан тураллар.

«Сэбиэт уола эмиэ куобаҕа суох кэллэ!» 

Ньайгы:

—  Бу сэбиэт уола эмиэ куобаҕа суох кэллэ! Хоргуталаан өлөрөрө чугаһаата!- дии тоһуйда. Испэр ынырык кыһыйдым:»Кини да уола баар дии.Тоҕо туһахтата ыыппат онтукатын! Наар сэбиэт уола буоларбынан киирэн хааллаҕай!?»

Дьуонааскы уокка икки илиитин саратан туран:

— Дьэ, тоҥороору гынна, сарсын куобах өҥүн көрдөрүөҕэ!- диэтэ. Мин эгди буола түстүм. Өлүөскэ саҥарбата. Бөдүөккэлээх Болуодьаны тыраахтары сапараапкалаан диэн дьаһайда. Бу балааккаларыгар сибилигин «тыһыынчалыы» бараары турбут уолаттар сэлээркэлээх буочукалар диэки “дьөгдьөрүс” гынан хааллылар. Мин уопсай дьыала туһугар сүүрэ сылдьар киһи сиэринэн кулуһун таһыгар хааллым. Бороҥуйга Бөдүөккэ балааккаттан көмөлөһөөччүлэри ыҥыртыыр саҥата, кураанах биэдэрэ буочукаҕа охсуллар тыаһа бүтэҥитик иһиллэр. Сотору баҕайы хараҥаран, кутааттан ылбыт итиибитин харыстыыр моһуоннаах балааккаларбытыгар тарҕастыбыт.

…Арай, туохтан эрэ тэһэ астарбыт курдук уһуктан кэлбитим номнуо сырдаабыт. Балаакка иһэ тыбыс- тымныы…Туһахтарым!..Таҥнан хачыгырайдым.Туох аанньа таҥас үһү? Саамай ичигэс таҥаһым-сайын устата сиэхтэрэ кыччаан хаалбыт халлаан күөҕэ эргэ оскуолаҕа кэппит бинсээгим.Онтукабын ордон хаалбыт икки тимэхтээҕин кэтэрдэн балааккабыттан оронон таҕыстым. Дьэ, тоҥоруу да тоҥоруу. Күһүҥҥү бастакы хаар хаһыҥ түспүт. Ычча да ычча! Ньайгы уолунаан биир миэстэлээх ыт уйатын саҕа балааккаларын ойоҕоһо эйэҥэлиир. Ньайгы саҥа тура сатыыр быһыылаах. Атын балааккалар биир да ибир гынар суох, утуйа сыттахтара.Эчи хаарыаны! Туораттан көрдөххө мин сирэй-харах, таҥас-сап түктэри көстүү буолуохтаах. Зомби курдук кулуһун аттыгар тиийэн тура түстүм. Абырыыр уот суох. Хара чоҕунан, күлүнэн көрөн баран сытар.Тэҥнэһиэм дуо, үөл-дьүөлгэ хойуу туман быыһынан үрүйэм диэки сүүрэ турдум.Сотору сылыйан хаалбыт курдук буолла. Хаһыҥ эрэ туох эрэ, эргиллэн көрдөхпүнэ хаар хаһыҥҥа атаҕым суола чуолкай баҕайытык биир тэҥ сыыйа оҕуруо курдук ойууланан иһэллэр эбит. Оннук сүүрүүкэнэн буурдаан ыла-ыла туһахтарбар тиийдим.Тэйиччиттэн көрбүтүм, арай, бастакы, били, хотуобай туһаҕым тулата ото-талаҕа үнтү тэпсиллибит!Урраа-а! Биир баар!!! Биэс-алта хардыыны биирдэ ойон кэбистим…Тугуй бу?..Куобах иҥнэрин иҥнибит эрээри, көстүбэт. Иҥнибит…..Суох…Туһаҕым бу сыыйыллан турар…Аттынааҕы талахха эрийбит. Пахай! Туһаҕым быстан хаалбыт! Ыксаан хааллым, сүрэҕим айахпынан тахсыах үлүгэрэ буолла. Талахтары силэйэ-силэйэ үөһүгэр дылы киирэн баҕар сытара буолуо диэн көрдүү сатаатым…Булбатым…Малыйдаҕым ол! Баран хаалбыт.Ынырык кыһыы. Ытыы сыстым, харахпар ыгыллан тахсар харах уутун туора-маары сотто-сотто көрдөөн көрдүм да туһаламматым. Били, саамай эрэллээх «собоскуой» туһахпын ханнык эрэ нуучча хараҕа суох инбэлиитэ сордоох илиитин иминэн тиэрбэһин быһа эрийэн кэбиспитэ тулуйбатах. Хайыахпыный,үнтү имиллэн хаалбыт туһахпын өһүлэн кум- хам тутан бинсээгим сиэбигэр астым. Хаарыан куобах бардаҕа. Хаарыан куобах!Арай, быһа илигинэ кэлбитим эбитэ буоллар, саҥа иҥнээтин кытта. Дьоммор куобахтаах тиийиэхтээх этим.

Ороҕум таһыгар турбахтыы түһэн баран хайыахпыный, салгыы бардым.

Иккис туһахпар чугаһаатым.Эрэл суох. Харахпар куобах иҥнэн үнтү тэпсибит талаҕа, быстыбыт туһаҕым көстөллөр. Хайдах эрэ: «Ээ, куобах иҥнибит сирэ эрдэттэн биллэр эбит ото- маһа  үнтү тэпсиллэн,»-дии саныы-саныы туһахпар кэллим. От -мас үлтү тэпсиллибит сибиэнэ биллибэт, иҥнибэтэх диэн ороҕу атыллаан ааһыах курдук гынан истэхпинэ, арай ойоҕоспор туох эрэ харатыҥы-сиэрэй тыаһа-ууһа суох икки атаҕар туран уунаҥалаата. Бастакы санаа «куоска!»- диэн элэс гынна…Пуобар Муоча мэлдьи оһох үрдүгэр сытар күтүр улахан сиэрэй куоската мэйиибэр элэс гынан иһэн сүттэ…Манна хантан куоска кэлиэй? Куобах дии!    Үөрүү- көтүү суох…Туһаҕы быһыа. Куотуо!- бастакы санаа быстаҕаһа элэс гынна…Бүтүн бэйэбинэн тымныы ууну уулаабыт сылгы курдук титирии түһээт куобах диэки ойон иһэрим баара…Туох да атыны санаабыппын өйдөөбөппүн, бытаардыллыбыт киинэҕэ  ойоҕоспуттан көрөр курдукпун, салгынынан туох да сүрдээх уһун ойуу…Туох талахтары,титириктэри үнтү солообутунан сирэйбинэн сып- сымнаҕас тилигирии мөхсөр куобах үрдүгэр биирдэ баар буола түстүм да кулгаахтарын бобо харбаабытынан биирдэ өрө ыйаан таһаардым. Куоттарбатым. Миэнэ! Куобах!

Куобаҕым мөхсөрө сүрдээх.Түүрүллэ-түүрүллэ тэбиэлэнэр да тэбиэлэнэр. Ол сылдьан куобахпын өйдөөбөккө бэйэм диэки эргилиннэрэн кэбиспиппин түөспүн тэбиэлээн биллиргэттэ…Айака!..Иһим уот аһыйа түстэ, куобахпын мүччү тутан кэбистим. Куота сатаан чыраахтаһыы…Илиибинэн сатаан өлөрөр кыаҕа суохпун диэн куттаммыт санаа элэҥнээтэ. Куотар буолла. Маһынан. Маста ылыахха! Охсуохха сөптөөх маһы тулабар көрө сатыыбын да, киһи кыһайыах оннук бэлэм мас баар буолууһу дуо!? Үлүбээй биир сонос титириги тоһута сатаатым…Кыайбатым…Силиһиттэн туура тардан көрдүм, кыайтарбат…Ол тухары өрө титирии сылдьабын, тыын быһаҕаһынан тыынан аҕылас өлүү буоллум, хараҕым кырыытынан куобаҕым туһаҕын талахха кылгас баҕайытык эрийэн баран ойуоккалыы сылдьарын көрөбүн. Быһаары гынна!  Чугаһынан сөптөөх мас көстүбэт…Олус ыксаатым. Арай көрбүтүм, кэлбит сирим диэки тэйиччи соҕус киһи илиитин суонун саҕа кылгас мас дулҕа сиэлин быыһыттан “бу баарбын!”- диэбиттии туора түһэн сытар эбит. Онно сүүрдэхпинэ куобахпыттан ыраатабын, куобахпыттан тэйиэхпин олох баҕарбаппын…Ылбатахпына куобахпын өлөрөр кыаҕым суох! Синэ биир диэтим да, маһым диэки ыстанан кэбистим.Чыпчылыйыах түгэн ойон тиийээт сулбу таһыйан баран күөрэччи туппутунан төттөрү сүүрдүм.

Һуу!..Быспатах, хата…Биир кэлимсэ мөкөчөк буолан сытар…Үнтү барчалаан сүүрэн киирэн истэхпинэ эмиэ ойуоккалаан чыраахтаста да, үөс батааска биэрбэккэ, далайа түһэн баран саайдым.Талахтартан мэһэйдэтэн сыыһа охсон кэбистим.Куобаҕым аны туран үкчү кыһыл оҕо ытыырын курдук иэрийэ- иэрийэ бэбээрдэ. Аттыгар икки тобукпунан “сарк” гына олоро түһээт, дьэ, олохтоохтук саайталаан биирдэ төбөҕө табаммын тыла суох ыыттым. Уу чуумпуга сүрэҕим тэбиэлиирэ эрэ иһиллэр буолла…Ханныы-ы эрэ ып- ыраахтан, тилэхтэрбиттэн саҕалаан, муҥутуур үөрүү күөдьүйдэр-күөдьүйэн тахсан бүтүн бэйэбин толорон мэйиибэр тиийэн тэһитэ кэйиэлээтэ. Куобах, куобахтаабыппын! Сулбу ыстанан туран өрүтэ ойуоккалаатым, куобахпын икки кэлин атахтарыттан тута сылдьабын. Онтон сыыйа уоскуйан туһахпын талахтан сүөрэн баран куобах моонньуттан өһүлэн салыбырас буолбут илиибинэн кум- хам тутан сиэппэр симинним. Атаҕым сири билбэт. Көтө сылдьар курдукпун. Сонно тута отууга сүүрүөхпүн санаталаатым. Онтон хайдах эрэ саҥа  иккис эрэ туһаҕым, атыттары көрүтэлиэххэ диэн  өй киирдэ. Куобахпын түөрт атахтарыттан холбуу тутан иһэбин, хараҕым куобахпыттан арахсыбат. Сырдаан көстөр түүлээх куталдьыйбыт иһэ эйэҥэлиир. Сотору сотору дулҕа үрдүгэр ойоҕоһунан биллэхтии ууран астына көрөбүн, моонньуттан тутан сирэйин утары тутабын, хас биирдии түүтүн, бэйэтин өҥүн уһуннук өйдүү

сылдьаары мэйиибэр дириҥник хатыы сатыыбын. Бастакы куобаҕым!

Үһүс,төрдүс…Бэһис тураллар…Алтыс турар…Турдуннар…Билигин баҕас холкубун — куобахпын тута сылдьабын.Сэттис туһахпар чугаһаан иһэн эмиэ бэҕэһээҥҥи балаһыанньа уларыйбытын сэрэйдим.Туһах баайбыт синньигэс талаҕым иҥнэри түһэн турар. Ол аайы, били, куобах өлөрөр бойобуой маспын хаҥас илиибэр тута сылдьабын, уҥабар куобахтаахпын. Туһаҕым аттыгар ойуоккалыыр, куота сатаан икки атаҕар уунаҥалыыр сиэрэй дьүһүн көстүбэт. Өссө чугаһаатым. Арай көрдөхпүнэ, иҥнэри барбыт талаҕым туһунан сиргэ туох  эрэ хара сытара көһүннэ. Эмиэ сүрэҕим өрө тэбиэлээбитинэн киирэн барда. Харам хамсаабат…Айылҕаҕа суох хара…Түү дуу? Куобах, оһо, куобах!-диэбитинэн турбут сирбэр бастакы куобахпын мүччү тутаат, бойобуой, куобах өлөрөр маспын уҥа илиибэр күөрэччи туппутунан атаакаҕа ыстанным. Куобаҕым куота сатаабата, ойоҕоһунан, мин диэки көхсүнэн буолан өлө сытар эбит. Эмиэ салыбырас өлүү буолан туһахпын сүөрэн букунастым. Сүөрэн ылан эмиэ кум-хам тутан сиэппэр симтим, куобахпын кэлин атахтарыттан тутан талах быыһыттан сыыйа тардан ылан күөрэччи туттум. Эчи ыараханыын! Бэйэ куобах эбит!  Бастакы куобаҕым иккитин саҕа. Көхсүнэн эргилиннэрэн синньигэс биилиттэн тутан ыараҥнатан көрө-көрө илдьэн бастакы куобахпар аттыгар сыһыары сытыаран кэбистим.

Салгыы бараары гынным. Хаҥас илиибэр маспын туттум, уҥабынан куобахтарым кэлин атахтарыттан холбуу, сиртэн өндөччү  соҕус тутан баран хааман киирэн бардым. Өр барбатым , куобахтаах илиим сылайан хаалла. Маспын уҥабар ылан хаҥаспынан туттум да, эмиэ өр барбатым, хаҥаһым сылайда. Тохтоон балаһыанньаны үөрэтэн көрөн баран саамай сөптөөх быһаарыныы ылынан, илин-кэлин атахтарыттан туһаҕынан баайан ноторуускалыы сүгэр эбиппин диэтим да, түргэн үлүгэрдик санаабытым курдук оҥорон кэбистим.Чахчы үчүгэй эбит. Киһи илиитэ сылайбат. Санныбар синньигэс туһах боробулуохата быһа киирэрин аахсыбатахха туох да ааттаах. Икки куобах баар буолла.  Итэҕэйбэккэ сөп-сөп мас туппатах иллэҥ илиибин кэннибэр илдьэн куобахтарым төбөлөрүн тутан көрөбүн. Оннук үрүйэбин үөһээ тахса турдум. Туһахтарым тураллар. Уон бэһис уонна уон алтыс туһах икки ардынан ааһан истэхпинэ ойоҕоспор талах иһиттэн туох эрэ өрө көтөн тахсыбатах үһү дуо!? Соһуйан бэйэм өрө эккирии түһүөхпэр дылы. Туох да тыас-уус суох, туһахха иҥнибит куобах өрүтэ ойуоккалыы сылдьар эбит.Үгүс элбэх толкуй киирбэтэ, саҥата- иҥэтэ суох талах быыһыгар сулбу хааман киирдим да маспынан биирдэ эрэ охсон кэбистим. Куобаҕым өлөөрү иҥиир- ситиитин таттаран талах кыһыл силистэрин тэбиэлээн турдурҕатан иһэн тохтоон хаалла…Бастаан туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө тура түстүм. Атын киһи туһаҕа буолуо дуо, ама? Манна миигиттэн ураты ким туһахтаабыт үһү?.. Куобахпын ылбакка кэлбит сирим диэки көрөбүн. Онно уон бэһис туһаҕым турар. Эргиллэн баран иһэр туһаайыыбын көрөбүн. Ол лоппоҕор силистээх чөҥөчөк аттыгар уон алтыс туһаҕым…Ээ,бээ!.. Тохтоо эрэ! Бу онтон бастакы күнтэн сүтэрбит бэйэм туһаҕым дии. Мин куобаҕым, ураа, үһүс куобах баар. Ойон киирэн арааран куобахпын сулбу таһыйан таһаардым. Эмиэ отууга бара охсуохпун баҕардым эрээри, туһахтары барытын көрүөххэ наада. Куобахпын туһаҕынан атахтарыттан баайан үһүөннэрин  биир-биир сүгэн кэбистим. Ыараханнара тута билиннэ.»Ээ, үһүөннэрин манна хаалларан баран кэлэн иһэн ылыам,»- дии санаатым.Төттөрү ылаттаан суолум кытыытыгар тэлгэтэ сытыартаан, чэпчээбит киһи сиэринэн бара турдум. Өр барбатым. Эмискэ хорус гына түстүм. Арай, барарбын кытары туох эмит кыыл кэлэн куобахтарбын илдьэ баран хааллын?Мэлийэбин дии! Туох да бокуойа суох төттөрү сүүрэн кэлэн куобахтарбын сүгүтэлээн баран биирдэ уоскуйдум. Хааллартаан бэрт. Ол курдук өрө тахсан истим. Бүтэһик туһаҕым иннинээҕи туһахха биир куобах өлө сытар. Оһо! Өссө биир эбит.  Бу иннинээҕи куобахтар курдук уһулуччу үөрүү тоҕо эрэ суох, тилэхпиттэн саҕалаан туох да дьырылаабат. Буолуохтаах буолуохтааҕын курдук тиийэн арааран ыллым. Өссө туһахпын маска тардан көннөрөн баран иккиһин иитэн кэбистим.

Бүтэһик туһаҕым хаалла. Түөрт куобахтаахпын. Муҥулах тииппэр дылы биэс уонча хаамыы баар. Ыраах. Түөрт куобах ыарахан ыйааһыннаах. Бүтэһик туһахха бэйэм иҥнэн баран иккиһин иитэрбэр куһаҕан баҕайытык ииппитим.Туох да суоҕа буолуо.Төннүөххэ диэн саараан тохтоон тура түстүм. Баран көрүөххэ, көрдөххө табыллар. Куобахтарбын сүкпүтүнэн муҥулахпар тиийдим.Туһах…Ханна этэй…Туһах…Манан, манан. Уун-утары куобах харахтарыгар хараҕым кэтиллэ түстэ. Тыыннаах сытар эбит. Сэрэниин-сэрэнэн, били, бойобуой маспын охсордуу күөрэччи көтөҕөн истэхпинэ куобаҕым иннин хоту ыстанан кэбистэ да, туһахха тардыллан тиэрэ баран истэҕинэ сиргэ хаптаччы охсон кэбистим. Бэһис куобах баар! Туһахпын арааран көннөрдөх буолан баран иккиһин иитэн кэбистим.

Бүтэһик куобаҕы ырбаахым иһигэр уктан бүрүүкэбинэн туттаран, түөрт куобаҕы көхсүбэр ноторуускалыы сүгэн, уҥа илиибэр куобах өлөрөр бойобуой мастаах үрүйэ устун таҥнары анньынан кэбистим. Атаҕым сири билбэт,көтүөх курдукпун…

Үрүйэм бэлэһигэр таҕыстым. Отуум оол-ол курдук син көстөр, кулуһун таһыгар биир киһи хараарыҥныыр, Ньайгы чэй өрө сылдьар быһыылаах. Сулбу-халбы хааман иһэбин. Ис-испиттэн сылыйан хааллым, мэктиэтигэр итииргээтим. Куобахтарым санныбын быһа түстүлэр. Хаҥас илиибинэн сүгэн иһэр куобахтарбын ааҕабын: биир!., икки!., үһүс! Оо!..Бу улахан баҕайы төбөлөөх бэйэ куобаҕым — төрдүс! Ырбаахым нөҥүө бэһис куобахпын бигээн көрөбүн. Отууга чугаһаан иһэн биир куобаҕы иннибиттэн көстөр курдук сыҕарыттым. Кулуһун аттыгар Ньайгы эрэ самналлан турар, атын биир да киһи көстүбэт, тура иликтэр. Эрдэ туран барбыт киһи эрдэ кэлэн хааллаҕым дии. Кэлэн иһэн дьону хайдах курдук сөхтөрөрбүн харахпар ойуулуу испитим биирдэ сотуллан таҕыста. Ньайгым таһыгар кэллим.Түөспэр иилинэ сылдьар куобахпын ылан киһим атаҕын анныгар бырахтым. Ньайгым саҥата суох турар. Онтон биир-биир куобахтарбын кэккэлэтэ ууран истим. Түөрт куобаҕы ууран баран ырбаахым тимэхтэрин сүөрэн бэһис куобахпын хостоон истэхпинэ киһим балааккалар диэки эргиллэн ыһыытаан тоҕо барбатах үһү дуо!?

-Туруҥ,туруоооҥ!.. Балыаккабыт, булчуппут кэллиээ-ээ! Сонохтоон аҕай кэллэ,туруоо- оҥ!!! Олох Байконур!..Биэс куобахтаах!!!

Истибэтилэр дии санаата быһыылаах, балааккалар диэки бэдьэйэ турда. Онно тиийэн балааккалар быаларын илигирэтэн дьону уһугуннартаан, айдаара сырытта. Өтөр соҕус буолан баран Өлүөскэ бөппүрүөскэ уобуулаах тахсан кэллэ. Дьуон таҕыста, онтон сыыйа, тоҥоннор, араастаан өкөччү туттубут, атыттар оронон таҕыстылар. Оҕолор таҕыстылар, мин улуу булчут киһи сиэринэн дуоспуруннана сатыы-сатыы кулуһуҥҥа иттибитэ буолабын.Төһө да боччумнаах дьүһүнү ыла сатаатарбын, уоһум ыпсыбат, дьоллоох мичээргэ кубулуйа турар…

Ол күн дуоннаах үлэ буолбатаҕа. Түөртүүртэн үлэлээбэтэхпит. Ньайгы күтүр улахан олгуйга биэс куобаҕынан миин буһарбыта. Миигин Балыаккаттан атыннык ыҥырбат. Саамай истиҥ доҕорум курдук буолбута. Санныбын таптайа сылдьар. Өлүөскэ:”У победы много родителей, только поражение-сирота!» -диэбитэ да, өйдөөбөтөҕүм. Киэһээ кулуһун таһыгар сэһэргэһиилэриттэн билбитим, били, мин «аптарытыаттарым»- Өлүөскэлээх, Дьуонааскы уйэлэригэр бэйэлэрэ туһахтаан биир да куобаҕы ылбатах дьон буолан биэрбиттэрэ. Киэһээ хараҥарыыта, били, түрбэ торуостан иккиэн эмиэ балтараа миэтэрэ курдугу ыһыынан үнтү сынньан быһа туран Өлүөскэ мин диэки хайыһар:

— Доо, ити Уу Сүүрдэр эҥээригэр эмиэ үрүйэ баар, онно эмиэ иитиэххэ.

Хара сиир үчүгэйиэн! Аттыгар,мин,улахан дьоҥҥо тэҥнэспит санаабыттан үөрэн, сүөм үрдээн, үрэх куулатын үөл-дьүөл буола болоорбут тыатын одуулуу турабын…

Валерий Сергучев.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0