Чэгиэн: Туһалаах уонна буортулаах ас

01.05.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Бэс ыйын 2 күнүгэр Арассыыйаҕа Доруобуйаҕа туһалаах аһааһын күнүн (День здорового питания) бэлиэтииллэр. Бу күнү 10 сыллааҕыта АХШ-ка ыытыллар “Моҕус күнүн” (“День обжорства”) утаран, бэлиэтиир буолбуттара.

Манна даҕатан эттэххэ, Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) дааннайынан, 2030 сылга АХШ хас иккис олохтооҕо сиэри таһынан уойан, доруобуйатыгар араас кэһиллиилэри көрсүөн сөп.

Оттон билигин Арассыыйаҕа уонна Европа дойдуларыгар нэһилиэнньэ 20%-на, АХШ-ка — 36,2%-на олус ыарахан ыйааһыннаах, сиэри таһынан уойбут дьон. Ыйааһыннара нуорматтан таһынан тахсыбыт эмис дьон ахсаана: Арассыыйаҕа — 60 %, АХШ-ка — 70 %. Саамай аҕыйах ахсааннаах эмис дьон Индияҕа (3,9%) уонна Японияҕа (4,3%) бааллар.
1975 сылы кытта тэҥнээтэххэ, уойбут дьон ахсаана 4 төгүл эбиллибит. Бэл диэтэр, аан дойдуга 5-гэр диэри саастаах 41 мөлүйүөн оҕо, 5-18 саастаахтар – 340 мөлүйүөн оҕо нуорманы таһынан ыарахан ыйааһыннаах (19%). Оттон 1975 сыллаахха оҕолор 1%-ра эрэ эмис эбит.
Дьэ, бу төрүөтэ туохханый?

Фаст-фуд содула

Мексиканецтар бары да лаппыччах уҥуохтаах, лис курдук эмис дьон. Омос көрдөххө, бу уруккуттан удьуордаабыт быһыылара-таһаалара диэх курдук. Ол эрэн, 30-40 сыллааҕыта Мексикаҕа эмис дьон диэн суоҕа үһү. Бу кэнники сылларга астарын, аһыыр үгэстэрин уларытан баран, бары уойан барбыттар. Ол кистэлэҥэ – түргэнник сиэниллэр фаст-фуд аһылыгар, “Кока-колаҕа” көспүттэрин содула эбит. Дьиэлэригэр ас буһарыммат буолбуттар, бары уулуссаттан атыылаһан, түргэнник уобалаан аһыыллар. Күнү быһа саахардаах, гаастаах утаҕы ыймахтыыллара үгэскэ кубулуйбут. Бэл диэтэр, 1 саастаах оҕолоругар уу оннугар гаастаах утаҕы бытыылкатыгар кутан биэрэллэрин күнү быһа соппойоллор эбит. Онон бу оҕолор кыра эрдэхтэриттэн эндокриннай кэһиллиилээх улааталлар.

Маннык курдук холобуру Вьетнамҥа бара сылдьан көрбүтүм. Улахан дьоҥҥо биир да эмис киһи суох. Оттон уончалаах оҕолортон саҕалаан, хас төрдүс-бэһис оҕо эмис этэ. Бу кинилэргэ уонча сыллааҕыта фаст-фуд аһылык киирбититтэн эбит. Чахчы, хас хардыы аайы гамбургердары, наггетстары, хот-догтары, “коланы” атыылыыр кафелар элбээбиттэр этэ.
Биһиэхэ да фаст-фудунан, саахардаах аһынан үлүһүйүү, кып-кыра оҕолору күн аайы кэмпиэтинэн, чипсынан, гаастаах утаҕынан хадаҕалааһын баар буолбат дуо? Оҕолор тоҕо уойаллар? Бу кинилэр доруобуйаларыгар охсуулаах дуо?

Омук албын аһа

Үксүгэр сыыһа аһыырбытын өйдөөбөт, билбэт эбиппит, өбүгэлэрбит аһыыр үөрүйэхтэрин умнубуппут. Кыра эрдэхпитинэ хайдах аһаппыттарай да, оннук аһыахтаахпыт дии саныыбыт, чэпчэки суолу батыһабыт. Урут сэрии кэннинээҕи аччык кэмҥэ улааппыт төрөппүттэр: “Оҕолорбут аччыктааһын диэни билбэтиннэр, тугу баҕарбыттарын аһаатыннар” диэн, ааспыт үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан, элбэх кэмпиэти, бэчиэнньэни сиэтэр буолбуттара.

90-с сылларга омук аһа-үөлэ тоҕо анньан кэлбитэ. Сонуҥҥа үчүгэй да курдук этэ: чаҕылхай суута, ураты амтана… Бу кэмтэн саҕалаан, омук албын аһыгар көспүппүт.
Оттон билигин хайдаҕый? Аһыыр аспыт үксэ хиимийэ буолла: араас эбиликтэр, консерваннар, о.д.а. Ханнык баҕарар бородууктаны ылан састаабын ааҕан көрөөрүҥ эрэ? Маҕаһыынтан атыылаһар аспыт хиимийэтэ суох буолбат.

Сахалар күннээҕи аспыт-үөлбүт олус элбэх углеводтаах (килиэп, бурдук ас, мокоруон, хортуоска), саахардаах буолла. Бу маннык ас киһи эндокриннай систиэмэтигэр күүскэ дьайар, ыарыылары үөскэтэр. Арай, ону сэргэ олохтоох эт-үүт бородууксуйата, сибиэһэй балык, сымыыт баар буолан, тулуктаһан эрдэхпит.

Инсулин ойуоккалааһына

Дьэ, бу үгүс хиимийэлээх, саахардаах, судургу углеводтаах ас туох буортулааҕый?

Ноор оҥорон таһаарар инсулин диэн гормона глюкозаттан эниэргийэни ылар. Аһаатахха, куртах ферменнэрэ углеводы глюкозаҕа араараллар. Глюкоза синньигэс оһоҕоһунан хааҥҥа киирэр. Бу кэмҥэ инсулин үлэлээн барар, килиэккэлэр глюкозаны иҥэринэн баран, эниэргийэни оҥорон таһааралларыгар күһэйэр.

Ону тэҥэ, инсулин хааҥҥа глюкоза таһымын хонтуруоллуур. Глюкоза аһара элбээтэҕинэ, быарга мунньуллар. Ол онтон быар сыаланар, “гепатоз” диэн ыарыыга кубулуйар. Эмтээбэтэххэ, аһыыр үгэһи уларыппатахха, циррозка да тиэрдиэн сөп. Олус элбээбит глюкоза, быартан ураты, сыа буолан мунньуллар. Бу эмиэ “хаһаас” буолар.
Углеводы, саахары чаастатык сиэтэххэ, инсулин олус элбэхтик оҥоһуллан тахсар, ойуоккалыыр, онуоха аны килиэккэлэр “сылайаллар”, кинини “истибэт” буолан хаалаллар. Оччотугар глюкоза килиэккэлэргэ кыайан киирбэккэ, быарга, сыаҕа барарыгар тиийэр. Ол иһин сыа эбиллэн иһэр, киһи уойан барар. Ордук саахар уонна арыы-сыа холбостохторуна (туорт, пирожнай, бэчиэнньэ) киһи түргэнник уойар.

Сыыйа ноор эмиэ “сылайар”, онон инсулины оҥорон таһаарара аҕыйыыр. “Инсулинорезистентность” диэн ыарыы үөскүүр. Бу – диабет иннинээҕи турук. Эмтээбэтэххэ, саахары, боростуой углеводу сиири аҕыйаппатахха, хамсаныыны элбэппэтэххэ, бэссэстибэлэр атастаһыылара (метаболизм) кэһиллэр, салгыы 2-с көрүҥнээх диабет, сүрэх-тымыр ыарыылара, атеросклероз, о.д.а. үөскүүллэр.

Сыл аайы аан дойдуга саахар диабетын содулуттан 2 мөлүйүөн киһи өлөр. Ол иһин саахардаах уонна судургу углеводтаах аһы чаастатык сиэ суохха наада. Килиэп, үрүҥ бурдуктан ас арааһа, мокоруон, хааһы, о.д.а. – бу судургу углеводтар. Олус түргэнник умайаллар, онон киһи түргэнник аччыктыыр, өссө аһыан баҕарар. Үксүгэр туох да иҥэмтиэтэ, туһата суох «кураанах» калорийдар буолаллар. Уустук углеводтар диэннэр эмиэ бааллар (куруппалар, эриэхэлэр, оҕуруот аһа). Бу балар эниэргийэни өр кэмҥэ биэрэллэр уонна инсулины олус хамсаппаттар. Онон туһалаах аска киирсэллэр.

Саахар буортута

Саахар маҕаһыын аһыгар барыларыгар кэриэтэ кистэнэ сылдьар – кэнсиэрбэҕэ, халбаһыга, соустарга, кетчупка, майонезка, бурдук аска, утахха, о.д.а. Холобур, 1 л “колаҕа”, муоруска, суокка  1 ыстакаан саахар баар. Ол иһин бу астар бары инсулины ойуоккалаталлар.

“Чэ, күҥҥэ биир-икки ньуоска саахартан өлбөтүм биллэр. Туох ааттаах куттаан хааллаххытый?”, — диэхтэрэ сорохтор.

Саахар эмиэ наркотик курдук, киһиэхэ тутулугу үөскэтэр. Саахары сии сылдьыбыт киһи тута аккаастанара олус уустук. Ону тэҥэ, минньигэһи сиэтэххэ, эндорфин диэн үөрүү, астыныы гормона үөскүүр, ол иһин киһи настарыанньата тута көтөҕүллэр. Ол эрээри, куруук саахарынан эндорфины көтөхтөххө, ол гормон бэйэтэ саахара суох оҥоһуллубат буолан хаалар эбит. Онон саахары сиэбэтэҕинэ, киһи санаата түһэр, кыыһырар, ньиэрбинэйдиир, сиэтэ да, уоскуйар. Олоҕор сатамматах, кыһалҕалаах, истириэстии сылдьар киһи бэйэтин уоскутаары олус элбэхтик аһыыр, минньигэһи сиир, ол онтон уойар.

Дьэ, ол эрээри, саахар буортута итинэн бүппэт. Саамай сүрүнэ, организмҥа иһиини (воспаление) үөскэтэр, В битэмииннэри суурайан таһаарар буолан, дэписсиит үөскүүр, уорганнар үлэлэрин кэһэр. Сыыйа ыарыылар үөскүүллэр, диабеты таһынан, сүрэх-тымыр, быар-бүөр, сүһүөх, ис-үөс, оһоҕос ыарыылара.

Кураанах калорийдар

Аһы калорийынан ааҕалларын билэбит. Бу ас төһө эниэргийэни биэрэрин ааҕыы буолар. Ол эрээри, “кураанах калорий” диэн өйдөбүл баар. Ас калорийын биэрэр – эниэргийэ оҥоһуллар, ол эрээри, бу ас туох да иҥэмтиэтэ, битэмиинэ суох, эккэ-хааҥҥа туһаны аҕалбат. Холобур, үөһэ этиллэр фаст-фуд аһа “кураанах калорийдаах”. Ол иһин киһиэхэ битэмииннэр, туһалаах эттиктэр тиийбэккэ, дэписсиит үөскүүр, доруобуйатыгар оҕустарар.

Үрүҥ бурдук кураанаҕын аанньа, хиимийэнэн маҥхатыллыбыт уонна глютеннаах буолан, оһоҕос ис салыҥын килиэйдээн кэбиһэн, туһалаах эттиктэр иҥэллэрин мэһэйдиир, ыарытар. Бу мантан иммунитет мөлтүүр. Онон бүтүн бурдуктан (цельнозерновой) буһарыллыбыт аһы сиир туһалаах.

Сөпкө аһааһын быраабылалара

Оччотугар, доруобуйабытыгар туһаны аҕалар курдук хайдах аһыахтаахпытый?

консерваннаах, элбэх саахардаах, туустаах, сыалаах, үрүҥ бурдуктаах, доруоһалаах, рафинированнай арыылаах, “кураанах калорийдаах” аһы аҕыйатыы, эбэтэр, төрүт аккаастаныы;
— хиимийэнэн хос-хос оҥоһуллубатах, тупсарыллыбатах, сибиэһэй, олохтоох аһы аһааҥ;
— күннээҕи аска уустук углеводтар, белок, сыа дьүөрэлэһиитэ баар буолуохтаах;
— элбэх оҕуруот аһын, отоннору, күөх оттору, клетчатканы сиэҥ;

— 2-3 лиитирэ ыраас ууну иһиҥ (чэй, кофе, утах киирсибэт);
— аһыыр эрэсиими тутуһуҥ, тута сылдьан чаастатык аһаамаҥ;
— аһыыба-солох дьүөрэлэһиитин (кислотно-щелочный баланс) тутуһуҥ, эт-хаан тоҕо аһыйарын, ол туох ыарыыга тиэрдэрин, онно ханнык ас көмөлөөҕүн билиҥ;

— «уустук» углеводтары сии үөрэниҥ;
— ханнык аһылык иҥэмтиэлээҕин, туох туһалааҕын, ханнык ас буортулааҕын быһаара үөрэниҥ;
— эбии битэмииннэри, минераллары иһиҥ (анаалыс туттаран баран). Киһиэхэ тимир, дьуот, цинк, “Омега-3”, Д, А, Е, С, В битэмииннэр, о.д.а. тиийбэтэ да, ыарыылар (анемия, гипотиреоз, о.д.а.) үөскээн бараллар.
Дьиҥинэн, ис суолтатын өйдөөтөххө, олус уустуга суох, саамай сүрүнэ, доруобуйаны тупсарар, чөл, уһун үйэлэниигэ тиэрдэр быраабылалар. Киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата. Онон туох түбэһиэх аһы айахха симпэккэ, өйдөөн-төйдөөн аһаатаххытына, аҕыйах ыйынан эккит-хааҥҥыт махтаныаҕа, ыйааһыҥҥыт түһүөҕэ, доруобуйаҕыт тупсуоҕа.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1