«Сырал тулааһына» диэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин киинигэр турар балаҕаҥҥа тэрээһин арааһа тиһиктээхтик тэриллэр. Бу күннэргэ манна эмиэ бэртээхэй туһалаах көрсүһүү буолбут. Ол туһунан М.А.Петров аатынан нэһилиэк бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Галина Другина кэпсээтэ.
—Дьокуускайтан дойдулаахпыт, СӨ норуот маастара Ксения Иванова кэлэн ыалдьыттаан, маастар-кылаас оҥорон, олохтоохтору сэргэхситэн барда. Ол курдук, бастатан туран, СУ-ДЖОК диэн чөл туруктаныы, уһун үйэлэнии, организм туочукаларынан ыарыыны, ыалдьар сири мүлүрүтүү, эмтээһин туһунан билиһиннэрдэ. Ксения Ивановна элбэх көрдөрөр матырыйааллардаах буолан, көрөн-истэн үөрэнэргэ олус табыгастаах буолла. Манна сылдьыбыт дьон доруобуйаларын көрүнэллэригэр, харыстаналларыгар сүбэ-ама ыллылар. Ыарытыйдахха эмп үрдүгэр түспэккэ, киһи бэйэтин хайдах чэбдигирдиниэн сөбүгэр үөрэппитин сэргээтилэр.
Салгыы күлүү киһи олоҕор улахан суолталааҕын туһунан кэпсэтии болҕомтону тарта. Ис сүрэхтэн үөрэн күлүү доруобуйаҕа оруолун туһунан сэҥээрэн иһиттибит.
Ол кэнниттэн Саҥа дьылга уонна уопсайынан, ханнык баҕарар бырааһынньыкка карвинг ньыматынан туһанан остуолу оҕуруот аһынан, фруктанан киэргэтэргэ үөрэннибит.
Бэртээхэй маастар-кылааска элбэх үөрэнээччи баар буолла. Оҕурсуттан, моркуоптан, минньигэс биэрэстэн, апельсинтан, мандаринтан үчүгэйкээн сибэккилэри, сэбирдэхтэри, араас бэйэлээх киэргэли оҥорорго үөрэттэ. Хас биирдии хаһаайка кыһаллан-мүһэллэн оҥорбут, киэргэппит ураты бүлүүдэтин дьиэтигэр дьонун үөрдэр баҕалаах илдьэ барда.
Маны сэргэ, Ксения Ивановна оҥорбут куукулаларын быыстапкалаата. Куукулаларын кини хайдах оҥорорун кэпсээтэ.
Маастар-кылааска сылдьыбыт дьон улаханнык астынан, үөрэн тарҕастылар. Дойдулаахтарыгар, К.И.Ивановаҕа, махтаннылар. Аны да кэлэн сонуну билиһиннэрэ, маастар-кылаас тэрийэ турарыгар баҕардылар. Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Изабелла Жараева ыалдьыкка Махтал сурук туттарда.