Ѳттүк харалаах, илии тутуурдаах

Ааптар: 
28.08.2021
Бөлөххө киир:

Ѳбүгэлэрбит бултуйбут киhи туhунан  «ѳттүк харалаах, илии тутуурдаах»  диэн этэллэр. Бүгүн бу ѳс хоhооно миэхэ анаммыт курдук.

Атырдьах ыйа ортолоон, кус сиэнэр кэмэ.

Киэhэ оттоон кэлээт, үрүксээкпиттэн аҕыс куhу утуу-субуу оротолоотум.

– Оттообокко, кустуу сылдьыбыттар дии, бу дьон! – ийэм бэркиhээбит куолаhын кулгааҕым таhынан аhардым.

– Ханнык сааны илдьэ сырыттыгыт? Уон алталааҕы дуо? –  Айталин, кустары ылан кѳрѳттүү туран, улахан киhилии  токкоолоhор.

– Суох, кыраны, сүүрбэ аҕыстааҕы, – аҕам таһырдьаттан суунан киирэн, сотто туран, быhаарар, – ити Максим булда. Биир эрэ омурҕан кустаата. Дьэ, үчүгэй доруоп эбит, доҕор, сүүрбэ ахсыс. Кыратын кѳрүмэң.

Мин сүүрбэ аҕыстаах саа хайдах биhиэхэ баар буолбутун санаан кэллим.

… Биир күн ийэм күнүс саа тутуурдаах киирбитэ. Тыый! Сабыс-саңа, сүүрбэ ахсыс калибрдаах, биир уостаах саа! Килиэп ыла таарыйа, рабкооптан ылан кэлбит. 19 солкуобайдаах үhү. Оччолорго саа көҥүл атыыланара. Ийэбит булчут дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбит буолан, биһиги сааланарбытын биһириир. Онон, саа атыыга тахсыбытыгар, хата, оруобуна түбэһэ түһэн, биир доруобу ылбыт эбит.

– Маама, барыбытыгар биирдиини ылыаххын, – Айталин сааҕа ымсыыран кылап-халап кѳрбүтэ.

– Ол-бу буолумаң! Бу да сѳп! – ийэбит тимир-тамыр курдук этэн кэбиспитэ.  «Барыбытыгар биирдии» боппуруоhу салгыы кѳтѳҕѳ сорумматахпыт. Дьиңэ, сыаната, син чэпчэки да соҕус эбит ээ. Аҕам туруору уостаах ТОЗ-34ЕР саата үс мѳhѳѳктѳѳх дии. Онно холоотоххо, уон тоҕус солкуобай диэн, быдан чэпчэки. Онон, барыбытыгар  биирдиини ылыахтарын да сѳп курдук эбит…

Эбиэттии олорон ийэбит кэпсээбитэ:

– Эргэ ыскылааттарыгар муостаҕа бугул курдук кыстана сыталлар. Уоhун, тулаайаҕын, луоhун, нүѳмэринэн кѳрѳн, бэйэӊ талаҕын. Мантыбын хомуйаары, чаас аңаарын ыыттым. Уруккуттан сыппыт табаар эбит. Тоҕо да урут атыыга таhаарбатах бэйэлэрэй?! Дьон бѳҕѳ ыла сатаата.

– Орто дуу, биир эмэ? – Кыдаан туохха эрэ эрэңкэдийэрдии ыйыппыта.

– Ээ, элбэх… Ол гынан баран эбии ылыллыбат. Бу да сѳп буолуо. Уон тоҕус солкуобай да баhаам харчы, оннук буолбат дуо, доҕо-ор? – аҕам диэки саhарчы кѳрѳн ылла ийэм.

– Оннук, Еля, оннук. Тугун үрүт-үѳhэ ыла турдахпытый? Максим икки айахтаах уон алталаах, Кыдаан киэнэ биир уостаах уон алталаах буолуо. Бу сааны, улааттаҕына, Айталин ылыа, – ађам ачыкытын курдат хараҕа чаҕылыңнаан, ѳрѳ кѳтѳҕүллүбүт куолаһынан  быhаарбыта.

Сүүрбэ аҕыстаах саабыт ыскылаакка уhуннук сыппыт эбит. Устубуолугар, кыӊыыр планкатын үрдүнэн, 1957 диэн суруктаах. Хата, хойуу уңунуохтаах  буолан, ханан да дьэбин ылбатах. Килэбэчийэн, кѳрѳргѳ астык. Луоhа полупистолет, онон олус табыгастаах. Санныгар даҕайдың да, кѳрбүт сиргэр сыалын була охсор, ол аата «прикладистай». Кыңыыр планкалаах буолан, олорор да, кѳтѳн иhэр да куска табыгастаах буолсу. Устубуолун иhинээҕи иилэрэ сүрдээх симметричнэйдэр, олдьу барыыта, ньолбойуута суохтар. Маамабыт үчүгэй да сааны талан ылбыт. Арай, куhаҕана диэн, саңа саабытыгар биир да  ботуруоммут суох этэ.

Сотору соҕус буолан баран, хата, маҕаhыыңңа сүүрбэ аҕыстаах алтан гильза атыыламмыта. Сааны бѳhүѳлэк ыала үксэ ылбыта, онон ботуруон ыларга уочарат сүрдээх этэ. Υѳрүѳхпүт иhин, киhи аайы сүүрбэлии устууканы атыылааннар, биhиги эмиэ тииспиппит.

Эргэ, элбэхтик ытыллыбыт ботуруоңңа бѳстүѳн саайар  уустук. Хаапсыл уйатыгар нагаар туолан, бѳстүѳнү ылбычча саайбаккын. Бастаан ыраастыаххын наада. Ыраастаабакка ииттэххэ эпчиэскэлиэн сөп. Оттон сабыс-саңа, килэбэчийэ сылдьар гильза барахсаны иитэр астыга бѳҕѳ. Хаапсыл холкутук киирэр, быыс эмиэ иңнибэт.

Биэс ботуруону иитэн баран, сыал ытан кѳрбүппүт. Саабыт уоhа «цилиндрическая сверловка» бириинсибинэн оңоhуллубут эбит, кыратык ыспыт этэ. Ол эрээри, отучча хаамыыттан тэтэрээт илииhигэр син биэс-алта доробуунньа түспүтүттэн үѳрбүппүт…

…«Мутук» диэн дьиибэ ааттаах, Отордообут кип-киэң сыhыытын киэргэлэ буолбут кѳлүкэ кытыытыгар аҕабынаан оттуу сылдьабыт. Кыдаан звеноҕа оттуур. Табаарыстарын Хабах Өлүөсэни, Кутукаайы, Чыккыйы кытта Тарыӊ Үрэххэ Иннокентий Васильев – Соччо звенотугар оттообута хаһыс да сайына. Айталин кыра, оттоhуо эрдэ.

Күнүскү омурҕан чугаhаата. Итир былыттар кыырай халлаан оройугар хамсаабакка турарга дылылар. Тоноҕосчуттар тэлээрэ кѳтѳллѳр. Күѳлбүт кытыытыттан аңыр кѳтѳн тахсан, кынаттара кытарымтыйан элиэтии түhээт, чугас түhэр. Ѳссѳ да улаата илик күөх дабыдал буолбут оҕолорун батыhыннарбытынан, умсаах кус күѳл ортотугар уста сылдьар. Дьону кытта ыксалаhан сайылыырыттан дьулайбатыан!

– Махсыым, ойуур иhинээҕи күл уутугар кус мустубута буолуо. Баран, ытан кэл эрэ, – диэтэ аҕам, чаhытын ылан кѳрѳн баран. «Күл уута» диэн, урут уот сиэбит сиригэр үѳскээбит кѳлүкэни этэллэр.

Υѳрэ түстүм. Сып-сап хомуна охсон, оттуур сирбититтэн чугас, тыа иhинээҕи кѳлүччэҕэ тэбинним. Сүүрбэ аҕыстаах саам булка-алка хайдаҕын билиллиэ.

Ыраахтан уу үрдүгэр үѳр кус тѳттѳрү-таары уста сылдьарын кѳрѳн, үѳмпүтүнэн бардым. Күѳс быстыңа сыыллан, ууга лаппа чугаhаатым. Кустарым, мин дьолбор, киhи баарын сэрэйбэттэр, бэрт холкутук аhаан ньэмигирэтэллэр. Моонньоҕоттор. Уонтан тахсалар.

Сэрэниин-сэрэнэн, ѳндѳйѳн, от быыhынан саам уоhун кустар диэки туhаайдым. Миигиттэн адьас чугас, баара-суоҕа уонча эрэ хаамыылаах сиргэ, уста сылдьар кустар хоhулаhалларын кэтэhэн сыппахтаатым. Күhүңңү кустар буолан, ѳңнѳрѳ бары биирдэр. Күллүңү кугдархай дьүhүннээхтэр. Утары-таары устан кэлэн, икки моонньоҕон хоhуласта. Саам чыыбыhын аа-дьуо тардан кэбистим. Кыра калибрдаахпын диэбэтэ, доруобум бэркэ «сѳтѳллѳн» доргутта. Санныбын да биллэрдик аста. Кус бѳҕѳ кѳтѳн таҕыста, кынаттарын тыаhа лаhыгыраан олорор. Уңуоргу ѳттүттэн үѳр чыркый мээтиргээбитинэн кѳтѳн тахсаат, Кыыс Υңкүүлээбит сыhыытын диэки түhэ турда.   Кынаттара дьиримнэhэн, ѳңнѳрѳ-түүлэрэ ырааhа, кѳтѳллѳрѳ түргэнэ, тоҕо үчүгэйдэрэй, барахсаттар! Уубун кѳрбүтүм, арай, үс моонньоҕон сытар. Тыый! Оттон мин иккини эрэ холбоон ыппытым дии! Биир отой да туора олорбут кус табыллыбыт. Саам ыспалыыр эбит.

Υс моонньоҕону моонньуларыттан туппутунан отууга кэллим. Аҕам чэйдээх солуурчаҕын, буруолаппытынан огдоонтон таhааран уурда.

– Ок-сиэ! Υhү таптың дуу? Оттон сааң биирдэ эрэ тыаhаабыта дии?! – кустары кѳрѳн, сѳҕѳн, саңа аллайда.

– Ээ, биирдэ ыттым. Иккини хоhулаан ыппытым. Онтум үhү табан кэбистим, – ѳттүк хараланан, илии тутуурданан, киэн тутта  быhаардым.

– Сүүрбэ аҕыстаах баар эбит дии, үчүгэй саа! – аҕам үѳрэр, кустары эргим-ургум тутан кѳрѳттүүр. – Эмистэр эбит. Киэhэ мииннэниэхпит.

Мин, кус ытан, бултуйан, отой кыырдым киирдэ. Омурҕаннаан баран, аҕабыттан салгыы кустуу бараары кѳңүллэттим. Мунньар оппут бүтэрэ чугаhаабытынан, аҕам кѳңүллээтэ. Бэйэтэ бэртээхэй кусчут, булт умсулҕанын билэр буоллаҕа эбээт!

Кыыс Υңкүүлээбит сыhыытын күѳлүн кытыытынааҕы оту тэпсэн, биир чѳркѳйү ойутан туруоран, кэнниттэн батыhыннардым. Куhум ѳс киирбэх табыллан түстэ. Хойуу от быыhыттан чопчу булан ыллым.

Салгыы, тѳннѳн, Солооhуннаах Суол кытыытынааҕы маары кѳрѳ бардым. Маарга киирэн, кус бѳҕѳнү кѳтүттүм. Уонтан тахса чыккымай эргийэ кѳтѳн кэлбититтэн, ортолорун кѳрѳн баран ытан саайдым. Хара буорах хойуу буруота дьайҕарбытыгар алтаны түhэрбиппин көрдүм. Иккитэ хойобууннатан, окко тахсан куотта. Түѳрдүн ыллым. Итии күн буолан, уу сылаас, кеданан тѳhѳ баҕарар кэhэ сылдьабын. Бултуйан, атаҕым сири билбэт буолан, аҕабар тѳнүннүм.

Киэhэлик, оттоон бүтэн, «Планетабытынан» дьиэлээтибит.

Дьоммор хайдах үстэ ытан аҕыс куhу бултаабыппын тоҕо-хоро кэпсээтим. Аан бастаан бачча табыллан бултааммын, үѳрүүм кэмэ суох. Саабын хайҕаатым.

Ийэм, бастаан утаа, «оттообокко кустуу сылдьыбыттар» дии санаабытын, аҕам: «Ити – Максим булда. Биир эрэ омурҕан кустаата», – диэн уоскутта.

Остуолга аhылыгын бэлэмнии туран, ийэм уоhах араҕас сибэкки ойуулаах фланель халаатын сиэбиттэн платогун ылан, Айталин сэңийэтигэр тугу эрэ сотто. Онтон үѳрбүт-кѳппүт быhыынан:

– Мэхээлэчээн булчут курдук бултуйбуккун дии! – диэтэ, – уол оҕо барахсан ѳттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэрэ тоҕо үчүгэйэй!

– Улааттахпына, мин эмиэ кустуом, – Тыгырыйар мытырыйда.

Ийэм мичилийэр, бырааппын тѳңкѳйѳн сыллаата:

– Биллэн турар, оҕом ааттаах булчут буолуоҕа, – диэн унаарыйда.

Урут кус-хаас элбэх этэ. Бэл, 28 калибрдаах кыра доруобунан, ити курдук, бултуурбут.

Максим Ксенофонттов.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0