Үүттүгэннээх сайылыктар сэргэхсийдилэр

20.05.2022
Бөлөххө киир:

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниис­тирин солбуйааччы Артем Александровтуун өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөххэ төһө хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх үктэнэн эрэллэриттэн саҕа­лаан быйылгы тыа хаһаайыстыбатын саҥа мэхэньиисимин уонна сайылыкка тахсыы тустарынан кэпсэттибит.

– Быйыл ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, өрөс­пүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 213828 хороҕор муос­таах күөххэ үктэнэн эрэр, мантан ыанара – 78000, – диэн Артем Александрович кэпсиир. – Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, хороҕор муостаах ахсаана 3%-нан аччаабыт, ол эрээри, ыанар ынах 0,47%-нан улааппыт. Быйыл саас 39977 ынах ньирэйдэммит, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, кыра хойутааһын баар. 51,2%-нара төрөөбүт буоллахтарына, былырыын 54,7% этэ.
Сыспай сиэллээхпит 189491 төбө буолла, былырыыҥҥытааҕар 3,6%-нан аччааһын баар эрээри, биэ ахсаана 2,8%-нан үрдээбит, 120129 биэ кыстыгы туораан эрэр. Билиҥҥи туругунан, 45192 сылга дьиэ таһыгар киирэн аһыы турар. Уопсай ахсаантан 21,7%-нара.

– Билиҥҥи туругунан сүөһү аһылыгынан хааччыллыы хайдаҕый? Син тиийэр быһыылаах.

– Билигин 48432 туонна дороххой эбии аһылык баар. Сенаж уонна сиилэс былырыыҥҥыны кытта эмиэ тэҥ соҕустук хаалан турар. Онон кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут диэн эрэнэбит. Оту уонна эбии аһылыгы тиэйии Уус Алдан уонна Чурапчы улуус­тарыгар бара турар.

– Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сааскы ыһыы үлэтэ күргүөмнээхтик саҕаланна. Быйылгы былааны билиһиннэр эрэ.

– Ыһыы үлэтигэр киирэр буоллахпытына, быйыл барыта 49200 гектар иэннээх бааһыналарга тустаах үлэ ыытыллыаҕа. Ол курдук, Саха сирин бастыҥ аграрийдара 10,7 тыһыынча гектарга бурдук, 30,5 тыһыынча гектарга сүөһү сиир култуурата (ол иһигэр, 16 тыһыынча гектарга биир сыллаахтар уонна 14,5 тыһыынча гектарга элбэх сыллаах­тар), 6,58 тыһыынча гектарга хортуоп­пуй уонна 1,372 тыһыынча гектарга аһаҕас халлаан анныгар үүннэриллэр оҕуруот астара ыһыллыахтара. СӨ Тыатын хаһаа­йыстыбатын министиэристибэтэ 4707 туонна сиэмэни аҕалыыга дуогабар түһэрсибититтэн, ааспыт нэдиэлэтээҕи туругунан, 2859 туонната (61%) тустаах хаһаайыс­тыбаларга номнуо тиэрдиллибит, 651 туонна тиэллэн иһэр.
Сүөһү аһылыгын култууратын үүннэриигэ 4600 туонна уонна 1900 туонна бурдук сиэмэтэ быйыл ыһыллыахтаах. Бу барыта тустаах тэрилтэлэри кытта быһаарыллан турар. Дуогабар быһыытынан бииргэ үлэлииргэ түһэрсиллибит сүрүн тэрилтэлэр сиэмэни иэс биэрэргэ сөбү­лэспиттэрэ. Ол курдук, “Туймаада” ҮАПК, “Агро-туймаада” АУо уонна “Якутагро-трейд” курдук улахан хампаанньалары кытта быһаарсыбыппыт.
Быйыл оҕуруот аһын уонна атын да култууралары үүннэриигэ көмө буолар 1100 туонна уоҕурдууну аҕалыыга дуогабар түһэрсиллибитэ. Холобур, 760 туонна азофоска, 160 туон­на карбамид уонна 180 туонна диаммофоска сакаастаныллыбыта. Ыам ыйын 5 күнүгэр биһиги тустаах тэрилтэлэрбит дуогабардарын баттаһан, 1051 туонна минеральнай уоҕурдууну уопсай былааннаммыттан 94%-нын оператордар көмөлөрүнэн тиэйиини быһаар­сан олороллор. “Сахаагрос”, “Туймаада” ҮАПК уонна “Колос” ТЗЦ курдук хампаанньалары кытта былааннаах үлэни ыыталлар.

– Кэлиҥҥи кэмҥэ ойуур баһаардара элбэхтик туран, тыа хаһаайыстыбатыгар харгыстары үөскэтэллэр. Быйыл итиннэ сөптөөх туох үлэ былааннанна?

– Ааспыт сылларга ойуур баһаардара аһара тураннар тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хоромньуну оҥорбуттара. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэ салалтата аҥаардас тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 80-ча мөлүйүөн солк. кэриҥин ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбиттэргэ көрөрү ситиспитэ. Бу үп үгүс өттө Горнай улууһун Бэс Күөлүн чөлүгэр түһэриигэ туһаныллыбыта. Быйыл саас чугастыы сытар эрэгийиэн­нэрбитигэр баһаардар тураннар тустаах кэккэ уорганнары кытта мунньахтар буола тураллар, өрөспүүбүлүкэ иһинэн сөптөөх сорудахтары ылан үлэлии олоробут.
Холобур, быйылгыттан искус­­ственнай ардаҕы түһэрии­гэ үлэ саҕаланыахтаах. Судаа­рыстыбаннай сакаас быһыытынан СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыс­тыбаннай кэмитиэти уонна СӨ Быыһыыр сулууспатын кытта ойуур баһаарын утары уонна ыһыы үлэтин кэнниттэн оту үүннэриигэ көдьүүстээх тэрээһини былааннаатыбыт. Ол курдук, Саха сиринээҕи гидрометеокиини кытта үлэлээн, илин эҥээр, киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарга былыты “ытар” анал сөмөлүөт көтүүлэрин тэри­йиэхпит. Бу көннөрү көтүү буол­батах. Гидрометеокиин хойуу былыт ханна баарын ыйдаҕына, сөмөлүөт онно тиийэн, ону “ытан” ардаҕы түһэрэр. Бу үлэни бу күннэргэ тэрийиэхпит. Ыам ыйын бүтүүтэ уонна бэс ыйын саҕаланыыта этиллибит улуустарга ардахтары түһэриэхпитин наада. Бу хайысханы инники өттүгэр көдьүүстээхтик туһанар туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта мунньахха үбүн эбэн сөптөөхтүк туһанарга туруорсубута. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бу өттүгэр балай эмит уопуттаахпыт. 2000 сыллардаах­ха өрөспүүбүлүкэбитигэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэрис­тибэтэ бу хайысхаҕа үбүлээһини көрөн, сөптөөх үлэ ыытыллан, көдьүүстээҕин итэҕэппитэ.

– Быйыл былаан быһыытынан төһө үүт туттарыллыахтааҕый? Былырыын олоххо киирбит тыа хаһаа­йыстыбатын саҥа мэхэньии­симигэр туох уларыйыы киирэр буолла?

– Былырыын 2 миллиард 800 мөл. солк. көрүллэн, уопсайа 57393 туонна үүт былааннаныллыбытыттан 60 тыһыынча туонна кэриҥэ соҕотуопкаламмыта. Итини учуоттаан туран, бы­­йылгы былаан 62 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэһэр. Ол уопсай үбэ 3 миллиард 100 мөл. солк. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 4700 туонна үүт эбии ыаныллыаҕа, үбүгэр таһаардахха, эбии 237 мөл. солк. элбэх көрүлүннэ. Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8251 туонна үүт соҕотуопкаланна. Сыллааҕы былаантан 13,3%-нын кээрэттибит. Онон быйыл былааннаныллыбыт 62 тыһыынча туонна үүтү толорор сыаллаах үлэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күргүөмнээхтик саҕаланна. Сайын ордук үүттүгэннээх кэмҥэ үүтү туттарыы хаамыыта үрдүөҕэ уонна, мин санаабар, туолуоҕа диэн эрэнэбин.
Билиҥҥи туругунан, муниципальнай улуустарга 1 мил­­лиард 540 тыһ. солк. үүт харчыта тиэрдиллибитэ. Ол 49,7%-ҥа тэҥнэһэр. Чуолкайдыыр буоллахха, 20 улууска 36 соҕотуопсукка барыларыгар тустаах үп төлөннө.
Быйыл кэтэх ыаллар ыанар ынахтарын аайы 35-тии тыһыынча солк. ылбыттарын таһынан соҕотуопкалааччыга киилэ үүтү 20 солкуобайтан кырата суохха туттарыахтаахтар диэн быһаар­быппыт. Онон суоттаан таһаарбыппытынан 17200 туонна үүт эбиллэн биэрдэ. Итини үбүгэр таһаардахха, 172 мөл. солк. буолар. Бу мэхэньиисим бэрээдэгэ билигин оҥоһулла сылдьар. Онон соҕотуопкаһыттар бэйэлэрин үптэринэн кэтэх ыалтан үүтү тутууну саҕалаабыттара. Манна биири өйдүөххэ наада. Соҕотуопкаһыт кэтэх ыалтан киилэ үүтү 20 солк. кырата суох­ха атыылаһыахтаах. Ол эрээри, бу 25-тэн 30 солк. диэри хамсыан сөп, соҕотуопкаһыт хаска тутарын бэйэтэ быһаарар. Төһө сыанаҕа туппутун туһунан отчуоттуохтаах, ол көрдөрүүттэн 10 солкуобайын бүддьүөт уйунар, ол анал мэхэньиисимин бэлэмнии сылдьабыт.

– Самаан сайыммыт кэлбитин кэрэһилиир Ньукуолун буолара аҕыйах күн хаалла. Түмүккэ сайылыкка тахсыы туһунан билиһиннэр эрэ.

– Сайылыкка тахсыыны этэр буоллахха, Ил Дархан уураа­ҕынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыам ыйын 22 күнэ (Ньукуолун күнэ) Ыанньыксыт күнүнэн биллэриллэн турар. Күн бүгүн нэһилиэктэргэ номнуо сайылыкка тахсыы саҕаланна. Биллэн турар, ыам ыйын 22 күнүттэн самаан сайын кэлбитин уруйдаан-айхал­лаан, бары кэпэрэтииптэр, хаһаайыс­тыбалар сайылыктарыгар тахсыахтара. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 355 сайылык баар. Мантан 339-һа ыанньык уонна 16-та уотууга аналлаах сайылыктарынан буолаллар.
Сайылыкка сайын устата Саха сирин үрдүнэн 750 ыанньыксыт, 237 тиэхиньик-осеменатор уонна 393 бостуук үлэлиэҕэ. Бу күннэргэ үгүс улуустарга сайылыкка тахсыы бэлэмнэниитин үлэтэ күөстүү оргуйар.

Александр ТАРАСОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0