ТСЖ-лар уонна салайар хампаанньалар иэстэрин пенята суох төлүөхтэрин сөп
Хомунаалынай өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр электрическэй уот уонна итии уу иһин мунньуллубут иэстэрин пенята суох төлүүр кыахтанныллар. «Якутскэнерго» тэрилтэ муус устар 16 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн анал аахсыйа биллэрдэ.
edersaas.ru
Күн бүгүн элбэх салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар уотунан туһаныы иһин иэстээхтэрэ биллэр. Ол курдук, электрическэй уотунан уонна итии уунан туһаныы иһин энергетиктэргэ 352 мөл. солк. тахса иэскэ киирбиттэрэ биллэр. Оттон пенялара 44 мөл. солк. тэҥнэспит.
«Сороҕор салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар иэстэрэ олохтоохтор хойутаан төлүүллэриттэн сылтаан үөскүүр. Ол иһин биһиги хомунаалынай өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэргэ анаан аахсыйа биллэрдибит. Бу аахсыйанан туһанан салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар иэстэрин ыстарааба суох төлүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Хас биирдии тэрилтэҕэ иэстэн босхолонуу улахан көмөлөөх буолуоҕа», – диэн Энергосбыт дириэктэрэ Наталья Корягина санаатын үллэстэр.
Бу аахсыйа туһунан Энергосбыт салааларыгар уонна учаастактарыгар тиийэн сиһилии билсиэххэ сөп.
Саргылана Савватеева, edersaas.ru сайтка анаан