ТСЖ-лар уонна салайар хампаанньалар 315 мөл. солк. иэстээхтэр

Бөлөххө киир:

«Якутскэнерго» Энергосбыта сэтинньи түмүгүнэн Дьокуускай куорат, Алдан уонна Ленскэй улуустарын бастыҥ үлэлээх салайар хампаанньаларын уонна ТСЖ-ры быһаарда. Ону тэҥэ иэстээхтэри эмиэ ааттааталаата.

edersaas.ru

Ол курдук, Алдантан «Железные дороги Якутии», Ленскэйтэн «Луч» ТСЖ, Дьокуускайтан «Прометей+», «Солидарность» уонна «Солидарность+» салайар хампаанньалар атыттарга холобур буолаллар.

Оттон антирейтиҥҥэ «Якутскэнергоҕа» уопсайа 315 мөл. солк. иэстээх 48 салайар хампаанньа уонна ТСЖ киирдэ. Алдантан «Жилремстрой», «Жилсервис» 15 мөл. солк. иэстээхтэр. Ленскэйгэ 10 салайар хампаанньа 25 мөл. солк. төлөөбөккө сылдьаллар. Бу испииһэккэ «Ленское предприятие жилищного хозяйства (6,6 мөл. солк), «Комфорт» (4, 1 мөл. солк.), «ПромЭкология» (3,5 мөл. солк.), «Град-сервис» (2,6 мөл. солк.), «Теплый дом» (2,6 мөл. солк.), «Респект» (2 мөл. солк.), «Партнер» (1,2 мөл. солк.), «Сапфир» (1,2 мөл. солк.), «Максим» (1,2 мөл. солк.) бааллар.

Дьокуускай куораттан 16 салайар хампаанньа уонна 20 ТСЖ энергетиктэргэ уопсайа 274,8 мөл. солк. иэстээхтэр. Онтон ордук элбэх суумманы «Портовское» (35,5 мөл. солк.), «Центральное» (24,2 мөл. солк.), «Столичное» (22,2 мөл. солк.), «Университетское» (19,4 мөл. солк.), «Вера» (15,4 мөл. солк.), «Штурвал» (13, 8 мөл. солк.), «Ильинка» (13,7 мөл. солк.), «Ренессанс» (12,8 мөл. солк.), «Сайсарская» (10,6 мөл. солк.) төлүөхтээхтэр.

Рейтинг уонна антирейтинг туһунан сиһилии «Якутскэнерго» сайтыгар киирэн ааҕын https://yakutskenergo.ru/Urid_lic/debt-for-energy.php.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0