Цифровой сэртипикээт бырайыак кыттааччыларыгар эбии үөрэхтэр аһылыннылар

Ааптар: 
26.12.2019
Бөлөххө киир:

Тус цифровой сэртипикээт бырайыак кыттааччыларыгар эбии үөрэх бырагыраамалара аһылыннылар. Ити туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров иһитиннэрдэ.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Цифровой экэниэмикэҕэ ирдэнэр идэлэринэн үөрэх бырагырааматын испииһэгэр саҥа бырагыраамалар киирэн биэрдилэр. Инньэ гынан, уопсайа, 100-чэкэ идэ таһымын үрдэтэр бырагыраама баар буолла.

Тус цифровой сэртипикээттээх киһи “системнай администрирование” үөрэҕиттэн саҕалаан, “быраамыысыланнас дизайныгар”, “3D моделированиеҕа”, “көмпүүтэр оонньууларыгар”, “мультимедийнэй дизайҥҥа”, “цифровой дизайҥҥа уонна маркетиҥҥа”  тиийэ  бэйэтигэр чугас, интэриэһинэй идэни талан ылан үөрэнэр кыахтанна.

Бу идэ таһымын үрдэтиигэ, сайдыыга, бэйэ дьыалатын арыныыга, эбии дохуоту киллэриниигэ уһулуччу кыах буолар. Манна үөрэнэн дьон дьиэтиттэн тахсыбакка эрэ үлэлиэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран бэйэтэ сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктаныан, үлэ ырыынагар атыттары кытта күөн күрэстэһэргэ идэтин таһымын үрдэтиэн сөп”, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, цифровой экэниэмикэ компетенцияларын сайыннарыыга судаарыстыбаттан көрүллэр тус цифровой сэртипикээккэ сайабылыанньаны 2019 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри ылаллар.

Сэртипикээттэр “Цифровой экэниэмикэ” национальнай бырайыак “Цифровой экэниэмикэҕэ каадыра” федеральнай бырайыак иитинэн бэриллэллэр.  Саха сиригэр, уопсайа, 1000 киһи сэртипикээтинэн босхо үөрэниэн сөп. Билиҥҥитэ 600 киһи номнуо бигэргэтиини ааста.

Саха сирэ Башкортостаны, Татарстаны, Ростовскай уонна Тульскай уобаластары сэргэ пилотнай бырайыакка кыттар. Үөрэх босхо, сэртипикээт 18-60 сааһыгар диэри кимиэхэ баҕарар бэриллэр. Маныаха орто анал эбэтэр үрдүк үөрэх диплома ирдэнэр уонна Саха сиригэр мэлдьи олорор буолуохтаах”, — диэн Владимир Егоров этэр.

Сайаапканы цифровой сертификат.рф ссылканан биэриэххэ сөп. Хандьыдааттар онлайн тест ааһаллар. Үөрэх 2020 сыл тохсунньутуттан саҕаланар.

Сиһилии цифровойсертификат.рф  уонна 8-800-700-20-35 (босхо, элбэх ханааллаах) төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп. Ону тэҥэ, туох баар иһитиннэрии барыта @copp_ykt Инстаграмҥа тута тахса турар.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0