Ордук быйыл, цифровой үөрэхтээһин диэн тыл элбэхтэ иһиллэр буолла. Цифровой үөрэхтээһин диэн тугуй? Ол оҕолорбут үөрэхтэригэр төһө көмөлөөх буолуой? Онно интэриниэт эппиэттиир дуо? Ити уонна да атын ыйытыыларга хоруйдары СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров биэрдэ.
edersaas.ru
Аныгы үөрэҕи цифровой үөрэхтээһинэ суох киһи хайдах даҕаны толкуйдаабат. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэҕэ саҕаламмыта быданнаата эрээри, сүрүннээн киин куорат олохтоохторо туһаналлар. Ыраах сытар улуустарга, интэриниэт мөлтөҕө атахтыыр. Онон миниистир бу кыһалҕаны бастатан туран ыйар. “Интэриниэт бары оскуолаларга баар диэххэ сөп эрээри, бытаан, үлэлииргэ уустук. Онон Бырабыыталыстыба нэһилиэктэргэ, оскуолаларга түргэн интэриниэти киллэрэри толкуйдуур. Оттон министиэристибэ үөрэх өттүн судургутутар туһугар бэйэтин этиилэрин киллэрэр”, — диэн Владимир Егоров кэпсиир. Ону таһынан араас бырайыактар бааллар эбит. Холобура, Япония спутниктарын кытта үлэлэһэр тэрилтэни кытта кэпсэтэ сылдьаллар эбит. “Ыраах оскуолаларга бэйэтин тэрилин босхо туруоран биэрэр. Онтон трафигын, биллэн турар, оскуолалар уйуналлар. Холобура, итинник систиэмэ Андрюшкино дэриэбинэҕэ киирбитэ. Атын даҕаны хоту улуустарга тарҕанан эрэр”, — диэн быһаарар.
Педагогтарбыт цифровой үөрэхтээһин киирэригэр төһө бэлэмнэрий диэн ыйытыыга миниистир маннык хоруйдаата: “Биһиги тутулуга суох мониторинг оҥорторбуппут. Ол көрдөрөрүнэн, учуутал 80-90 % эппиэттэһэр. Онон инфраструктура баар буоллаҕына, педагогтарбыт үлэлиэхтэрэ”.
Оччотугар цифровой үөрэхтээһин көдьүүһэ тугуй диэн ыйытыы күөрэйэр. “Администированиеҕа, үөрэх бырагырааматыгар, дистанционнай үөрэххэ. Москваҕа цифровой үөрэхтээһин киирбитэ быданнаата. Москва уопута көрдөрөрүнэн, административнай-салайар аппарат аттарыыга туһалаах. Москва 1000-8000 үөрэнээччилээх оскуолаларыгар дириэктэри солбуйааччынан үс-түөрт эрэ киһи олорор. Өскөтүн докумуон электроннай хамсааһына суоҕа буоллар, солбуйааччыта быдан элбиэх этэ. Ити үбү-харчыны даҕаны аттарыыга көдьүүстээх, учууталга тиксэрэ үгүс буолар. Бу күннэргэ Москваттан кэлэ сылдьар оскуола дириэктэрдэрэ, билигин салалта да, учууталлар даҕаны илиинэн отчуоту толоруулара суоҕун кэриэтэ дэһэллэр. Барыта электроннай систиэмэҕэ киирэ турар”, — диэн быһаарар.
Иккиһинэн, миниистир, контент баазата киэҥ диэн этэр. Ирдэбилгэ эппиэттиир контеннар бары бааллар. Маны учуутал уруогар, дьарыгар туһаныан сөп. Онтон айар дьоҕурдаах учууталлар аныгы технологияны туһанан бэйэлэрэ толкуйдаан, аттаран таһаарыахтарын сөп диэн эбэн этэр.
Сыыппаралар
— 2012 сылтан үөрэх порталыгар 376 тыһ. киһи регистрацияламмыт.
— Күҥҥэ 2000 киһи туһанар.
— 2017 с. электроннай сурунаалы, дневниги 2 мөл. 239 тыһ. киирэн көрбүт.
— 1 оҕоҕо 6 көмпүүтэр тиксэр.
— 8,5 тыһ. педагогтан 80-90% аныгы технологияҕа быһаарсар.
Үсүһүнэн, дистанционнай үөрэх. Кэлин күүскэ сайдан эрэр. Оҕолор даҕаны дьиэлэриттэн тахсыбакка үөрэнэллэр. Оттон педагогтар оскуолаҕа олорон араас куурустары ааһыахтарын сөп.
Цифровой үөрэх үлэни чэпчэтэр эрээри, кутталлаах түгэннэрэ эмиэ бааллар. Холобура, оҕо хараҕын мөлтөтүөн, саҥарар, тарбахтарын сайыннарар (мелкай моторика) дьоҕурдарын аччатыан, уопсастыбаҕа алтыһыыларын намтатыан сөп. Онон миниистир нэмин көрөн туһанар ордугун ыйар.
Ааспыт сыл бүтүүтэ Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ Москва куорат үөрэҕин департаменын кытта бииргэ үлэлэһиигэ илии баттаспыттара. Ону таһынан цифровой үөрэхтээһини өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрэр инниттэн, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2018-2022 сс. Кэнсиэпсийэ ылыммыта. Онон күүскэ ылсан эрэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.