ЦИФРОВИЗАЦИЯ: ИННИКИГЭ ХАРДЫЫ

Ааптар: 
13.04.2021
Бөлөххө киир:

Кэнники 10 сылга Саха сиригэр интэриниэт орто түргэнэ балтараа тыһыынча төгүл улаатта. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбит – IT-салаа сайдыытыгар Уһук Илиҥҥэ, мөккүөрэ суох, инники сылдьар: Саха сирин ирээтигэр IT-өҥө Уһук Илиҥҥи экспортын 80-тан тахса бырыһыана тиксэр.

ХАС БИИРДИИБИТИГЭР – ТҮРГЭН ИНТЭРИНИЭТ

Саха сиригэр сыыппара­лаах технологиялар, Арассыыйа үгүс оройуоннарыгар тэҥнээтэххэ, олус наадалаахтар уонна суолталаахтар. Тоҕо диэтэххэ, Нерюнгри Сааскылаахтан Сочиттан Петербурга курдук ыраахха сытар, оттон Саха сирэ бэйэтин иэнинэн Арассыыйа европейскай чааһыттан – Мурманскайтан Дербеҥҥэ диэри уонна Калининградтан Екатеринбурга диэри олох кыратык эрэ баһыйтарар.

Онуоха МФЦ эбэтэр баан отделениелара бөһүөлэктэргэ барыларыгар баар буолбатахтар. Маннык усулуобуйаҕа интэри­ниэт – чугас дьону кытары алтыһыы, саҥаттан саҥа билии, бэйэ харчытын дьаһайар кыах уонна доруобуйа.

Саха сирин быраастара ­аҥаардас ааспыт сыл биэс ыйыгар теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн ыраахтан олорон 20 тыһыынчаттан тахса сүбэни-аманы биэрдилэр. Интэриниэт сүүһүнэн олоҕу быыһыырга көмөлөстө!

Саха сирин уон киһититтэн тоҕуһа “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” систиэмэнэн туһанар: биһиги өрөспүүбүлүкэбит 406 судаарыстыбаннай тэрилтэтэ номнуо интэриниэт нөҥүө сайабылыанньалары ылар. Түөрт сыл иһигэр Саха сирин олохтоохторо “Судаарыстыбаннай өҥөлөр” порталга хаалларбыт сайабылыанньаларын ахсаана 49 төгүл элбээтэ – 92 тыһыынчаҕа тиийдэ.

Түргэн тэтимнээх интэри­ниэт Саха сиригэр аҕыс сыл анараа өттүгэр кэлбитэ: 2013 сыллаахха Амур уобалаһыттан Саха сиригэр бастакы оптоволокно ситимин тардыбыттара. Онтон ыла биһиги өрөспүүбүлүкэбит ку­­йаарыгар 10 тыһыынчаттан тахса килэ­миэтир сибээс волокно-опти­ческай ситимэ (ВОЛС) тардылынна.

“Аҥаардас ааспыт сылга биһиги 1 200 социальнай эби­йиэккэ сибээс ханаалларын оҥорору уонна Арктика эрэгийиэнигэр, Өлөөн бөһүөлэгэр тиийэ оптоволокно ситимин тардары ситистибит”, – диэн Саха сирин тэлэбиидэнньэнэн уонна ­араадьыйанан биэрии тиэхиньиичэскэй киинин генеральнай дириэктэрэ Андрей Ребров кэпсиир. Өлөөҥҥө ситими тардыы Арассыыйа хотугу эргимтэтигэр бастакы волокно-опти­ческай ситиминэн буолла.

Онон Саха сиригэр интэриниэт орто түргэнэ 10 сыл иһигэр 1500 төгүл: 2010 сылга 64 килобайтан 2020 сылга 100 мегабайтка тиийэ улаатта. Интэриниэтинэн Саха сирин бары олохтоохторо кэриэтэ – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 99,3% хааччылыннылар (сиһилии инфографикаҕа көр).

2024 сыл бүтүүтэ интэри­ниэти сэлиэнньэлэргэ барытыгар, бэл саамай ыраах сытар уонна аҕыйах дьонноох сиргэ, тардар былаан баар.

УҺУК ИЛИҤҤИ ФЕДЕРАЛЬНАЙ УОКУРУККА БАСТЫҤ КӨРДӨРҮҮ

Саха сиригэр кэнники уон сылга IT-хампаанньалар ахсааннара 9 төгүл – 37-тэн 324 тиийэ улаатта. Саха сирин бырагыраама оҥорооччулара оонньуулары, сыыппаралаах эйгэҕэ куттал суох буолуутугар сервистэри, мэдиссиинэҕэ уонна тырааныспарга араас бырагыраамалары оҥороллор. IT-эйгэтигэр Саха сирин 1 500-тэн тахса киһитэ үлэлиир. Аҥаардас икки кэнники сылга сыыппаралаах эйгэҕэ 328 саҥа үлэ миэстэтин таһаардылар.

Былырыын Саха сиринээҕи IT-хампаанньалар 2 миллиартан тахса солкуобайы киллэрдилэр – бу Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастыҥ көрдөрүү. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит IT-таска таһаарыыга кээмэйэ 28 мөлүйүөн дуолларга тиийдэ – Арассыыйа Уһук Илиҥҥи атын эрэгийиэннэрин холбоһуктаах IT-таска таһаарыыларыттан 4 төгүл элбэх. Сыыппаралаах бородууктаны таска таһаарыы алмаастааҕар уонна чохтооҕор биллэ барыстаах, таска атыыланар сырье хас биирдии туонната биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн букатыннаахтык барар. Оттон IT-эйгэтигэр төттөрү: Саха сиригэр хас биирдии табыллыбыт бырайыакка тугунан да сыаналаммат уопут мунньуллар, биһиги исписэлиистэрбит маастарыстыбалара тупсар.

Саамай ситиһиилээх IT-хам­паан­ньалар Саха сирин тас өттүгэр тахсыбыттара ыраатта. InDriver сыһыарыынан 32 дойдуга 80-тан тахса мөлүйүөн киһи туһанар, оттон онлайн-оонньуулары оҥорор уонна таһаарар Mytona хампаанньаҕа аан дойдуга барытыгар 1 000-тан тахса исписэлиис үлэлиир.

«Маннык түмүктэр ыччаттары көҕүлүүллэр. Кинилэр IТ-эйгэҕэ олус улахан кыах баарын өйдүүллэр – салааҕа саҥа бырайыактар, ааттар үөскүүллэр. IT-эйгэҕэ биһиги улахан куораттар хам­­паанньаларын кытары тэҥҥэ күрэстэһэр кыахтаахпыт: тиэрдии ороскуота – нуулга тэҥнэһэр, оҥорооччулар Москваҕа эбэтэр Дьокуускайга олороллоро – туһанааччыга син биир”, – диэн «Беги с Зиппи» стартабы оҥорооччу Петр Лукачевскай сыыппаралаах экэниэмикэ тэтимнээхтик сайдарын төрүөтүн быһаарар. Бу мобильнай сыһыарыы дьон успуордунан дьарыктанарыгар көҕүлүүр. Котик Зиппи хас күн аайы эрчиллии туһунан санатар уонна түмүктэри бэлиэтиир, оттон сүүрүүнү көтүттэххэ, уойар уонна хомойор.

«Билигин Дьокуускайга ус­­пуордунан дьарыктанарга элбэх кыах баар, – диир стартап салайааччыта. – Ол гынан баран, үксүгэр үлэ кэнниттэн мэйиигин сынньатыаххын уонна оҕуруот аһын эрэсиимигэр киирэн, киэһэҕин экран иннигэр атаарыаххын баҕараҕын. Биһиги сыһыарыыбыт үгүс дьоҥҥо эти-сиини эрчийиини, сайыннарыыны үтүө үгэскэ кубулутуоҕар эрэнэбит”.

Саха сирин стартаптара дьону успуорка эрэ уһуйбаттар, ону таһынан ыарыһах оҕолорго көмөлөһөллөр. Эдэр невролог-быраас Николай Сыромятников Planty Go оонньууну оҥорор исписэлиистэр хамаандаларын муста: хамаанда көмөтүнэн ДЦП-лаах кырачааннар хамсаналларын, тулуурдаах буолалларын уонна болҕомтолорун сайыннараллар.

«Мин маннык оҕолор до­­руобуйаларын чөлүгэр түһэрээри, быраабыла курдук, балыыһаҕа эрэ киирэллэрин көрөн хомойор этим. Бу улахан кыһалҕа, тоҕо диэтэххэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии тиһигин быспакка ыытыллыахтаах», – диир стартап салайааччыта. Видео-оонньуу – көрүдьүөстээх күөх сэбирдэхтиин остуоруйа эйгэтигэр көрдөөх-нардаах айан эмтэниини оонньууга кубулутарга көмөлөһөр.

СТАРТАПТАР ХАЙДАХ САЙДАЛЛАР?

«Саха сирин сыала-соруга – Арассыыйа биир инники иһэр IТ-киининэн буолуу”, – диир Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев. Кини көҕүлээһинэн Саха сиригэр инновация уонна сыыппаралаах эйгэ сайдыытын бырагырааматын оҥорбуттара уонна ылыммыттара, Ил Дархан көмөтүнэн “Дьокуускай” IТ-паарка тэриллибитэ.

Билигин IT-пааркаҕа 142 хампаанньа үлэлиир. «IT-паарка резиденин статуһа – улахан структураҕа кыттыгастаах буолуу. Маннык стартапка бииргэ үлэлэһээччилэр, инвестордар, потенциальнай үлэһиттэр ордук эрэ­нэллэр, – диир Boontar.Live сыһыарыыны оҥорбут хам­паанньа – табаары уонна өҥөнү атыылыырга видеотрансля­циялар сервистэрин бэрэси­дьиэнэ Сергей Протопопов. – Ону таһынан, IT-паарка көмөтүнэн биһиги дьиэ арендалыырбытыгар чэпчэтиинэн туһанар кыах баар. Бу биһиэхэ балачча биллэр көмө».

«IT-паарка уонна инновация сайдыытын пуондата ­куонкурустарга кыттарга, граннарга сайаапкалары бэлэмнииргэ көмөлөһөллөр. Сүбэлииллэр-амалыыллар, барытын хайдах сөпкө оҥорору ыйан-кэрдэн биэрэллэр, – диэн биир идэлээҕин этиитигэр Петр Лукачевскай эбиилэри киллэрэр. – Оттон саамай суолталааҕа – сайдыы бу механизмнара элбэх

ахсааннаах биир санаалаахтары, эдэр уонна уопуттаах стартапердары биир сиргэ түмэргэ көмөлөһөллөр”.

Саха сиригэр IТ-паарканы сэргэ 10 оройуоннааҕы IТ-киини тэрийдилэр. Кинилэр соруктара – IТ-эйгэтигэр дьоҕус уонна орто биисинэскэ көмөлөһүү. Саха сиринээҕи «B8» акселератор Арассыыйа Уһук Илинин араас эрэгэйиэннэрин стартаптарыгар көмөлөһөр. Оттон сайдар са­­лааны эдэр исписэлиистэринэн хааччыйар туһугар Саха сиригэр барытыгар 96 IТ-кылааһы арыйдылар. Манна үөрэнээччилэр көмпүүтэринэн үлэлииргэ үөрүйэҕи эрэ ылбаттар, ону сэргэ бырагырааманы, көмпүүтэр графикатын, интэриниэт-саайтары оҥорууну дириҥник үөрэтэллэр.

«Кэнники сыллар уопуттара экэниэмикэ креативнай салаалара сайдалларыгар суоттаныы эрэллээх быһаарыы буолбутун дакаастыыллар, – диир Айсен Николаев. 2024 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр IТ-хампаанньаларга 8,5 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаарарга, улуустарга өссө 17 IT-киини тэрийэргэ уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун 85-тэн кырата суох бырыһыанын түргэн интэриниэтинэн хааччыйарга былаанныыллар. “Саха сиригэр сыыппаралаах трансформацияҕа хайысхаланар барыта биир соругу толорорго – дьон олоҕун судургутутарга уонна олох хаачыстыбатын тупсарарга оҥоһуллар”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээн этэр.

edersaas.ru

Хаартыска: http://Ysia.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0