Цеолиты туһан, оккун тупсар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэмпэндээйигэ Хоҥуру хайатыгар кыыл-сүөл сөбүлээн сиир күөх дьүһүннээх тааһа баарын туһунан былыргыттан биллэр. Сунтаар олохтоохторо ол тааһы мэлийэн сүөһү аһылыгар, ууну ыраастыырга туттар эбиттэр. Кэлин бу минерал сииктээх оту кэбиһэргэ, сыты суох оҥорорго, айгыраабыт сири чөлүгэр түһэрэргэ, медицинаҕа көдьүүстээҕэ дакаастаммыта.

Цеолиты хостоон, бытарытан туһаҕа таһаарарга 1989 с. оччолорго Сунтаар райсэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Членов көҕүлээһининэн, «Сунтаарцеолит» диэн тэрилтэ тэриллэн бэркэ үлэлээн иһэн 1990-с сс. ыһыллыы-тоҕуллуу саҕана аҕырымнаан хаалбыта. Икки үйэ алтыһар кирбиититтэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх хаһаайыстыба быһыытынан тэриллэн, «АЛРОСА» АХ-ны кытары үлэлиир (рудниктарга бүө суурадаһынын оҥорорго уонна туттуллубут ууну ыраастыырга сылга 35 тыһ. тонна цеолиты хааччыйар) итиэннэ күннээҕи олоххо-дьаһахха туһаныллар дезодраннары, эбииликтэри оҥорор. Бүгүн биһиэхэ «Сунтарцеолит» ХЭТ Дьокуускайга бэрэстэбиитэлэ «САХА-Инновация» ХЭТ салайааччыта Степан Иванов бу дьикти таас туохха туһанылларын туһунан кэпсиир.

Оту кэбиһэргэ тэҥнээҕэ суох!

Ситэ куурдуллубакка кэбиһиллибит от иһиттэн итийэн, сытыйан, харааран тахсар, сүрдээх ыарахан сыттанар. Маннык «оттон» сүөһү иһэ ыалдьар, үөһүрэр, ырар, өлүөн да сөп. Ити иһин сииктээх эбэтэр ардах ылбыт отун туустуу-туустуу кэбиһэллэр. Ол эрээри туус сииги оборбот, сытыйыыны эрэ намыратар.


– Мин ардахтаах дьылга оту туустаан, цеолиттаан кэбиһэбин, — диир Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоо
ҕо Владимир Еремеев. – Быһа холоон икки туонна окко түөрт киилэ тууһу уонна алта киилэ мэлиллибит цеолиты кутабын. Онтум кыһын кубус кураанах, төрүт умайбатах уонна сыта-сымара суох буолар. Сүөһүлэрим сүрдээҕин сөбүлээн сииллэр, истэрэ ыалдьыбат. Цеолита суох туустаах эрэ окко тахсан киирэллэрэ убуур уонна ууну наһаа элбэҕи иһэллэр. Онон ардахтаах дьылга окко цеолиты туһанар ордук эбит.

Быйыл анныттан уу, үөһэттэн уу буолан оттуурга сүрдээх ыарахан дьыл буолла. Сииктээх оту туустаан кэбиһэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 455 тонна туус тарҕатылынна. Дьэ манна тууһу таһынан цеолиты туһанар көдьүүстээх эрэ буолуоҕа.

Оҕуруот аһын хаһаанарга ааттаах
Билигин хомуур үгэнэ. Айылҕа барахсан биэрбит быйаҥын хайдах харайабытый?
Туох кистэлэ кэлиэй, үгүс хаһаайыстыбалар сайыны быһа сыралаһан үүннэрбит о
ҕуруоттарын аһын харайар сирдэрэ суох буолан, дуона суох харчыга эргиэмсиктэргэ батараллар. Кыһыҥҥыга хаалларааччылар ыскылааттара мөлтөҕүнэн үүнүүлэрин аҥаарын кэриҥин таах сытытан кэбиһэллэрэ баар суол.
Үүнээйини өр кэм устата харайарга үүнээйи таһаарар этиленин уонна ордук сиигин оборон ылар, бактерияны өлөрөр дьикти күүстээх цеолит тэ
ҥнээҕэ суох. Ханнык баҕарар оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу цеолит бороһуогунан чараастык сотон уурдахха, сэттэ-аҕыс ый устата туох да буолбакка сибиэһэй тураллар.
Сунтаар кырдьа
ҕас олохтооҕо, цеолиты таҥастаан туһаҕа таһаарыы бэтэрээнэ, “Сунтаарцеолит” бастакы дириэктэрэ Михаил Афанасьевич Акимов цеолит көмөтүнэн биир да хортуоппуйун сытыппат. Күһүн умуһах түгэҕэр 5-10 сантиметр халыҥынан цеолит бытархайын кутар, ол үрдүгэр 20 сантиметр халыҥынан хортуоппуйу тэлгэтэр, салгыы эмиэ цеолиты, онтон хортуоппуйу кутар. Михаил Афанасьевич ити курдук дьапталҕалаан умуһахха төһө баҕарар хортуоппуйу харайыллар диир. Өссө умуһах муннуктарыгар мөһөөччүктэх цеолиты ууран хортуоппуйу, уопсайынан оҕуруот аһын куттала суох харайыахха сөбүн этэр.

Буор састаабын байытар

Үүнээйи үүнэригэр, ас кутарыгар буортан үгүс туһалаах элеменнэри иҥэринэн тахсар. Ити иһин оҕуруот аһын буоругар уоҕурдуу киллэриллэр. Уустук химическэй саастааптаах уоҕурдууну кутар оннугар иҥэмтиэлээх эттигинэн баай бэйэ айылҕатын минералын, цеолиты, туттар быдан көдьүүстээх.
Цеолит буор
у үүнээйигэ туһалаах элеменнэринэн байытар, сииги уонна сылааһы хааччыйар. Ол түмүгэр арассаада тахсыыта лаппа түргэтиир, үүнүүнү ылыы 60 %-ынан үрдүүр.


Атах таҥаһын куурдар
Бачыыҥка, саппыкы уһуннук кэттэххэ сиигирэллэр. Оннук атах таҥаһын биһиги оһох сылааһыгар эбэтэр ититэр ситимҥэ ууран куурдабыт. Ходуһаҕа оттуу, тыаҕа бултуу-алтыы, мас мастыы сылдьар дьон инчэҕэй саппыкыларын кулуһуҥҥа куурдаллар. Оттон цеолиты уган хоннордоххо, саппыкы кууран хаалар, ону ааһан куһаҕан сыта да мэлийэр. Ити кистэлэҥи билиэхпиттэн мин тыаҕа сир астыы дуу, бултуу дуу тахсарбар мэлдьи цеолит уктан барабын, саппыкыбын куурдуом этэ диэн уот оттон түбүгүрбэппин. Кыра мөһөөччүккэ кутуллубут цеолит элбэх миэстэни ылбат, ыйааһына баара суоҕа 300 грамм.


Куһаҕан сыты суох оҥорор
Сииги уонна куһа
ҕан сыты оборор, күүстээх айылгылаах цеолиты Сунтаар ыаллара холодильниктарын долбууругар ый аайы уларыта сылдьан 300 грамм цеолиты угар идэлээхтэр. Холодильник хос сыта суох буоларын таһынан, харайыллар ас-үөс мэлдьи сибиэһэй турар диэн бигэргэтэллэр.
Кэнники кэм
ҥэ убуорунайдарга, бэл, дьиэҕэ кыстыыр тэллэх ыттарын уонна куоска туалеттарыгар сүрдээҕин туһанар буоллулар.

Өлбүттээххэ эмиэ туһаныахха сөп. Биллэрин курдук, өлбүт киһи ураты сыттаах буолар, ити сылааска, куйааска ордук биллэр. Бүлүүгэ «Ритуал» тэрилтэ бокуонньук хоруобун икки өттүнэн цеолиты уурбута төрүт сыта суох эбит этэ. Ити иһин цеолиты бокуонньук сыттыгар туһаныахха сөп быһыылаах.


Сүөһү, көтөр аһылыгар бэртээхэй эбиилик
Саха учуонайдара 1980-с сыллар бүтүүлэригэр цеолиты ынах сүөһү аһылыгар эбиилик быһыытынан туһанан, бу минерал сүөһү уопсай туругун уонна төрүөҕү ылыыны биллэрдик тупсарарын, үүтү ыаһыны 12-15 %, эти оҥорууну 18-20 % үрдэтэрин дакаастаабыттара. Билигин СГТХА преподавателэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Наталья Черноградская оччолорго саҕалаан испит чинчийэр үлэтин «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибигэр салгыы ыыта сылдьар.
Цеолит сүөһү уонна көтөр аһылыктарыгар эбиилик быһыытынан туттуллар. Онуоха кээмэйэ хамсыыр харамай көрү
ҥүттэн уонна сааһыттан тутулуктанар. Холобур, ньирэйгэ, ыччат сүөһүгэ уонна ынахтарга бэриллэр комбикорм 3-5 %-ын, сибиинньэлэргэ бэриллэр комбикорм 3 %-ын саҕа цеолит сөп буолар. Оттон 50-60 хонуктаах чоппуускаларга нуормаламмыт комбикорм 1-3 %-а, улахан кууруссаларга уонна индейкаларга 5, онтон куска-хааска 7-8% бэриллэр. Цеолиты сиир куурусса ыйааһына 10-12 %, кус-хаас ыйааһына 10-15 % эбиллэр (Япония учуонайдара бу көрдөрүүнү 20-30 %-ҥа тириэртилэр), сымыыттыыр дьоҕура 5-10 % үрдүүр.


Раиса СИБИРЯКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0