Альберт Трофимов: «Мөккүөр оонньооччулар таһымнара биир тэҥиттэн, күрэс баарыттан тахсар»
Альберт Иванович Трофимов – Саха сирин норуоттарын оонньууларын солбуллубат сүрүн судьуйата. Кини номнуо төрдүс оонньууларын иилээн-саҕалаан ыытта. Ыалдьыппыт Амматааҕы оонньуулар кэнниттэн санаатын, судьуйалар үлэлэрин, көрүҥнэринэн түмүктэри, уларыйыылары кэпсиир.
— Альберт Иванович, оонньуулар этэҥҥэ түмүктэммиттэринэн! Күрэхтэһии тэрээһинин туһунан санааларгын үллэһин эрэ.
— Оонньуулар үрдүк таһымнаахтык, олус тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Дьиҥэ, сэттис оонньуулар былырыын кыһын саҕаламмыттара, сүүмэрдиир түһүмэхтэргэ 60-ча күрэхтэһиини ыыппыппыт. Быйылгы оонньууларга спортсменнар 16 көрүҥҥэ илинкэлин түһүстүлэр. Аны, үгэс быһыытынан, спартакиаданы ыытар улуус биир көрүҥү эбэр бырааптаах. Аммалар пляж волейболун бырагыраамаҕа киллэрдилэр. Хамаандалары түөрт бөлөххө арааран түмүк таһаарабыт. Манна улуус сиринэн-уотунан уонна дьонун ахсаанынан уратытын көрөн балаһыанньа оҥоһуллубута. Бу оонньуулар ыытыллар буолуохтарыттан, улуустарга араас спортивнай эбийиэк бөҕөтө тутуллубута. Ол иһин волейболга, баскетболга, футболга, остуол тенниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа улуустар икки ардыларыгар күүстээх күрэс баар буолла. Холобур, урукку сылларга мини-футболга Дьокуускай хамаандата хаардыы хаамар эбит буоллаҕына, быйыл – атын хартыына. Бу көрүҥҥэ мэҥэ хаҥаластар соһуттулар. Кинилэр оонньуу бүтэһик мүнүүтэтигэр диэри утарсааччыларын кытта тиниктэстилэр, пенальтинан хоттордулар. Онон, спартакиада Саха сиригэр спорт сайдарыгар улахан суолталаах тэрээһин буолар.
— Элбэх күүстээх хамаанда баар буоллаҕына, мөккүөрдээх да түгэннэр элбэхтэрэ буолуо.
— Кырдьык, күүрээннээх, тыҥааһыннаах, ыһыылаах-хаһыылаах, мөккүөрдээх киирсиилэр буоллулар. Мөккүөр оонньооччулар таһымнара биир тэҥиттэн, күрэс баарыттан тахсар. Ол хаһан баҕарар, ханна баҕарар баар түбэлтэ буолар. Бэл, аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ мөккүөр тахсар.
СУДЬУЙА ҮЛЭТЭ
— Көрүҥ аайы судьуйа бөҕөтө үлэлээтэ. Бу дьону хайдах таллыгыт?
— Төрдүс оонньууларбар сүрүн судьуйалаатым, онон уопуттаахпын. Өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар чөмпүйэнээттэри, күрэхтэһиилэри кэрийэн көрөбүн, судьуйалар хайдах үлэлииллэрин кэтиибин-маныыбын. Сүрүн судьуйалыыр кэллиэгийэ диэн баар. Ханнык судьуйа, сэкирэтэрийээт хайа көрүҥҥэ үлэлиирин онно быһаараллар. Мин үлэлиэн сөптөөх дьону билиһиннэрэбин, оттон кэллиэгийэ хас биирдиилэрин үлэтин, таһымын үөрэтэн баран бигэргэтэр, уларытар кыахтаах. Судьуйа киһи быһыытынан үтүө майгылаах, дьону кытта биир тылы түргэнник булар буолуохтаах. Араас түбэлтэ буолар, ону барытын миэстэтигэр быһаарар кыахтаах буолуохтаах. Судьуйанан дьоҥҥо аптарытыаттаах, үлэлиир уопуттаах, таһымнаах киһи талыллар. Элбэх күрэхтэһиигэ үлэлээбит буоламмын, хас биирдии судьуйа хайдах үлэлиирин билэбин. Олус эппиэтинэстээх үлэ.
— Ааспыт оонньууларга өрөспүүбүлүкэ таһыттан судьуйалар кэлэллэрэ, быйыл оннук баара дуо?
— Быйыл кэлии судьуйалар остуол тенниһигэр уонна футболга үлэлээтилэр. Дьиҥэ, кэлии судьуйа көрүҥҥэ барытыгар баар буолуохтаах. Онно үөрэх ыытан, полуфиналлары судьуйалаан, мөккүөрдээх боппуруостары быһаарарга үлэлиэхтээх. Быйыл үп кыра буолан бу кыаллыбата, аныгыскы оонньууларга быһаара сатыахпыт. Оччоҕуна спортсменнарга, көрөөччүлэргэ, ыалдьааччыларга да үчүгэй буолуо этэ.
“ЛЕГИОНЕРДАР” ТУСТАРЫНАН
— Быйыл хамаандаларга «легионердар» (хантараагынан атын улуус, куорат аатыттан күрэхтэһэр спортсмен) элбээбитин бэлиэтээтибит. Бу хайдах быһаарылларый?
— Биһиги балаһыанньабытынан, хас биирдии улууска уон легионерга хантараак көрүллэрэ көҥүллэнэр диэн. Ол уон киһи улуустан төрүттээх эбэтэр олоро сылдьыбыт, икки бүтэһик сыл улууска олорбутун туоһулуур пааспарыгар суруктаах буолуохтаах. Сүүмэрдээһиҥҥэ эмиэ бу улуус аатыттан күрэхтэһиэхтээх. Усулуобуйа хамаандаларга барыларыгар биир. Спартакиадаҕа кыттарга хас биирдии спортсмен докумуонун бэрэбиэркэлиибит.
— Спартакиада кэмигэр батсаапка Москва олохтооҕо атын киһи аатынан кытта сылдьар диэн сурах тарҕаммыта. Ону хайдах быһаарбыккытый?
— Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитэлэ “Зубарева диэн араспаанньалаах дьахтар Четвертакова аатыттан кыттан бастаата диэн” диэн үҥсүү түһэрбитэ. Батсаабынан тарҕаммыт суоппар дастабырыанньатын хаартыската баара. Аны спартакиадаҕа регистрацияламмытынан Четвертакова диэн, дастабырыанньанан Зубарева диэн, ол эрээри хаартыскаларыгар биир дьахтар турар. Дьиҥэ, сайаапкаласпыт докумуона сөп түбэһэр. Дастабырыанньа хаартыската батсаапка эрэ баар, бэйэтэ суох. Бу боппуруоһу спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев быһаарыах буолбута. Ити үҥсүү оруннаах буолар түгэнигэр, мэтээл төннөрүллүө.
СПАРТАКИАДА – УЛАХАН ДЬОН КҮРЭХТЭҺИИТЭ
— Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарга анаан өрөспүүбүлүкэбитигэр туспа спартакиада ыытыллар. Быйыл күрэхтэһии балаһыанньата уларыйан, адаптивнай спорт көрүҥнэрэ киирэн биэрдилэр. Бу уларытыы туһунан санааҥ?
— “Спорт без границ” хамсааһын чэрчитинэн адаптивнай көрүҥнэр киирбиттэрэ. Бөтүҥҥэ спартакиада кэмигэр адаптивнай көрүҥнэргэ спорт комплекса үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Бу тэрээһин сабыдыаллаабыт да буолуон сөп. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон доруобай дьону кытта тэҥ усулуобуйалаах сылдьан күрэхтэһэллэрин кэтээн көрөөрү тэрийэр бөлөх бу уларыйыылары киллэрбитэ. Оонньуулар оройуоҥҥа ыытыллыбыт буоланнар, инбэлиит спортсменнары олордууга, аһатыыга, тырааныспарынан хааччыйыыга, арыаллаан сылдьыыга ыарахаттары үөскэппит буолуон сөп. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону ордук хос долгуппат, сылаппат туһуттан анал спартакиадаларынан муҥурданыахха сөп дии саныыбын. Бу – мин тус санаам.
— Оттон оҕолор эмиэ улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан күрэхтэстилэр дии.
— Спартакиада – улахан дьон күрэхтэһиитэ. Оҕолор сүүмэрдээһини ааһаары, дьарыктанаары, үөрэхтэригэр мэһэйдэтэллэр. Аны, күрэхтэһиибит былырыын буолуохтааҕын, бары билэрбит курдук, халаан мэһэйдээбитэ. Ол саҕана сүүмэрдээһини ааспыт оҕолор билигин номнуо саастарын ситэн, улахан дьон ахсааныгар хапсар буолан хааллылар. Онон, бу түгэҥҥэ эмиэ мөккүөрдээх боппуруостар бааллара. Оскуола оҕолоро туспа спартакиадалаахтар. Улахан дьон спартакиадатыттан оҕолору тохтоттохторуна күрэхтэһии тэрээһинэ арыый судургу буолуо этэ диэн толкуйдуубун.
КЭЛЭР ООННЬУУЛАР
— Сурах быһыытынан иһиттэххэ, аныгыс оонньуулартан фитнес-аэробиканы уонна боксаны бырагырааматтан устаары гыналлар дуо?
— Фитнес-аэробика олус наадалаах, интэриэһинэй уонна көрөргө интэриэһинэй күрэхтэһии буолар. Ол эрээри туспа бэйэтэ быраабылалардаах көрүҥ. Биһиги хас биирдии көрүҥҥэ тута көрөөччүлэргэ, спортсменнарга көрдөрөн туран сыана быһан, очукуо тахсан иһэрин ирдиибит. Оттон аэробикаҕа бу кыаллыбат. Аныгыс оонньуулартан быраабылаларын уларытан, оннук биир халыыпка киллэрээри гынабыт. Боксаны сыаналааһыҥҥа эмиэ улахан боппуруостар бааллар, ону оонньууну тэрийэр кэмитиэт быһаарыаҕа.
— Эн санааҕар, 2022 сыллаахха Бороҕоҥҥо буолар спартакиадаҕа эбии ханнык көрүҥ киириэн сөбүй?
— Улуус бэйэтэ быһааран, ханнык баҕарар көрүҥү киллэрэр бырааптаах.
СПАРТАКИАДА СЫЫППАРАЛАРА:
6863 киһи кытынна
34 хамаанда күрэхтэстэ
249 судьуйа үлэлээтэ
248 мэтээл кэмпилиэгэ оонньонно
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru