Трамп билиниитэ

Ааптар: 
18.02.2017
Бөлөххө киир:

Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп Арассыыйаҕа сыһыаннаах этиилэрин дойду сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ сыыска-буорга түһэрбэккэ, барытын тиһэн иһэллэр.

 

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Чэппиэр күн, Үрүҥ дьиэҕэ буолбут пресс-кэмпириэнсийэтигэр, СМИ-лэр кинини утары далааһыннаах кириитикэлэригэр, “саралааһыннарыгар” хардаран, АХШ Арассыыйаны кытта сөбүлэһии түһэрсиэҕин сымыйа сонуннар мэһэйдииллэр диэтэ. Ону сэргэ “Арассыыйаны кытта сатаһарбыт буоллар, ол олус үчүгэй буолуо этэ”, — диэн тезиһин өссө биирдэ хатылаата.

Бу да сырыыга АХШ бэрэсидьиэнэ быыбар кэминээҕи сүрүн утарсааччытын Хиллари Клинтоны хаарыйбакка эрэ буолбата, аны Арассыыйаны кытта сыһыаны “перезагрузкалаабытын” иһин буруйдаата. Ону кытта бэйэтэ “Арассыыйаҕа анаан тугу да оҥорботун” билиннэ.

Трамп СМИ-лэри кытта бэрэсидьиэн быыбара саҕаланыаҕыттан атааннаһар. Арай бэҕэһээҥи кэмпириэнсийэтигэр “үчүгэй суруналыыстар биир саамай ытыктанар дьонунан буолаллар” диэн бэлиэтээтэ.

Эмиэ онно Арассыыйаны кытта сатаһарбыт буоллар, ол олус үчүгэй буолуо этэ диэн туран, “талааннаах киһи” Рекс Тиллерсон сотору кэминэн Арассыыйа салалтатын кытта көрсөн кэпсэтиэҕин иһитиннэрдэ. Итиэннэ, бэлиитик хараҕынан көрдөххө, Арассыыйаны кытта сыһыаны тупсарыы киниэхэ туох да үчүгэйи эрэннэрбэтин өйдүүрүн билиннэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0