Торҕоннообут адьырҕалыын көрсүһүү (Кэпсээн)

Ааптар: 
20.10.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

1958 сыллаахха бу дойдуга улахан угут дьыл буолбута, ол эһиилигэр 1959 сыллаахха Баппаҕаайы сиригэр Баай Күөл таһыгар иккиэ, Иванов Марк уонна мин буолан, бултуу сылдьабыт. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар табаларбытын сынньата таарыйа хайыһарынан бэс чагданы батыһа, бэскэ олорбут тииҥнэри бултаһабын.

Биирдэ, күн аайы буоларын курдук, эрдэ илин саҕах айа кылыыта сырдыыта, аһаан-сиэн баран бүтэн, туут хайыһарбын кэтэн тиэтэйэ-саарайа айаннаан испитим. Аламай күн миигин утары кытаран тахсан киирэн барда. Кэрэ да кэмнэр этилэр. Бэс чагда сибиэһэй эмтээх салгына, Баай Күөл таһынааҕы бэс чагда кэрэ көстүүтэ. Айылҕа кэрэ абылаҥар ылларан иһэн, сэппэрээк хаарын тоҕо солоон ааспыт суолу тута көрбүтүм. Арай, көрө түспүтүм, туох эрэ суола тоҥуу хаары тоҕо кэһэн бадьаалаан барбыт. Аар тайҕа аарыма кырдьаҕаһын унньуктаах уһун чуумпу уутун туох ааттаах уйгуурдан уһугуннардаҕай? Кини бэйэлээх туох буолан сылаас дьиэтиттэн, тоҥ мутук тосту тоҥор тохсунньу томороон тымныытыгар күрэннэҕэй? Адьырҕа киҥэ-наара холлон харса суох иннин диэки тоҥуу хаары кэһэн хааман бадьаалаабыт суолун көрөн, мин этим сааһа аһыллан «дьар» гынна.

Улахан булт суолун көрөн сирэйим-хараҕым туран, чинчийэн, сирийэн төттөрү суоллаан көрбүтүм: кини улуу дьаалы бэйэлээх чагдаҕа оҥостубут дьиэтин угут дьыл буолан, уу киирэн, түлүк бараан уутун уйгуурдубут эбит. Өттүгүттэн тэллэх гыммыт хагдаҥ ото тохто-тохто, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһыран, иннигэр түбэспит оту-маһы үлтү барчалаан иннин хоту бара турбут. Тоҥмут-хаппыт, торҕоннообут адьырҕа кутталлааҕын билэр буолан, мин суоллаабакка, тута төннөр аакка бардым, тыас хомуннум. Балааккабар төннөн кэлбитим, бииргэ бултуур атаһым Марк, хата, булдугар бара илик эбит.

Бултуурга сүбэлэһэн, ол күн өрөөн, доробуонньугу уулларан, мас кутуруктаан саа уоһугар сүнньүөх куттубут. Сарсыарда эрдэ, тыҥ хатыыта туран, сып-сап чэйдээн баран мин хайыһарынан эккирэттим, киһим табаларынан миигин аргыый батыһан иһэр. Ол курдук, үһүс күммүтүгэр күн ортото дьэ ситтибит. Тыатааҕы үрүйэ куулатыгар, үрдэ сиҥнибит эргэ арҕахха үөһэ өттүнэн хаары хаһан киирбит. Күн аайы арҕахтан тахсан, дэгиэ тыҥыраҕынан хаары хаһан сытар тэллэх оҥостоору от көрдүүр эбит. От суох сиригэр түбэһэн, балайда киэҥ сири дэгиэ тыҥыраҕынан кыраабыллаабыт, от булбут сибикитэ, чинчитэ суох. Онон биһиги дьаарханарбыт өссө күүһүрдэ, адьас бэлэм сытар буолуохтаах. Ол да буоллар, мин сэрэнэн бүө маһа быстан, тэйиччи баран сонос үөл титириги быһан, титиригим синньигэс төбөтүттэн былас курдук сиргэ ыарҕа талаҕы үс сиринэн синньигэс талаҕынан курдуу баайдым. Иккис бүө маспын эмиэ оннук ыарҕа талаҕы баайдым. Икки илиибэр эр биир биирдии бүө маһы тутан саабын сүгэн, аргыый сэрэнэн-сэрбэнэн арҕахха чугаһаан истим, киһим саатын бэлэм тутан миигинниин сэргэстэһэн иһэр. Мин элбэхтэ ууга-уокка киирбит буолан, улаханнык долгуйбаппын. Кыра долгуйуу ханна барыай, баар буоллаҕа. Киһим эрэ сыыһа туттубатар дии саныыбын. Атаспын көөртүм, киһим улаханнык дьулайбыт сибикитэ көстүбэт, көлөһүн-балаһын бөҕө аллыбыт, тиритэрин тириппит. Атаспынаан бииргэ бултаабыппыт ыраатта, ол тухары элбэхтэ Аар тайҕа уйаммытын-хатаммытын тургутан көрдөҕө. Киһибэр эрэнэ саныыбын.

Мин сыбдыйан тиийэн бүө маһы арҕах айаҕар батары биэрдим, икки сиринэн курдуу баайбыт сигэ талахпын сытыы быһаҕынан быһа баттаатым, талаҕым төбө өттө ыһыллан арбас гынна, арҕах иһигэр сир аннынан бүтэҥитик, суостаахтык көҕүс тыаһа күрдьүгүнээтэ. Мин хайдах эрэ дьулахачыйан ыллым, иэним кэдэҥнээтэ, ол эрээри илиим хамсаабат, улахан долгуйуу суох. Санаабар, иккис бүө маспын түргэнник укпут киһи диэн баҕа баар.

Эмискэ арҕах айаҕар укпут бүө маһым ыарҕа талаҕын силэйбитинэн түөһүгэр мойбордоох, моойторуктуу маҕаннаах, хап-хара бэйэлээх аарыма адьырҕа түргэн үлүгэрдик синньигэс биилигэр диэри былтас гынна. Кырдьаҕас көхсүн түүтэ, самыыта кытарымтыйан көстөр. Көхсүн түүтүн боочугураһа маҥхайар. Мин бүө маспын быраҕан, саабын илиибэр ылан эрдэхпинэ, эмискэ саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Хара тыа аарыма адьырҕата төһө да тыын сирин таптардар, бүтэһик күүһүн мунньунан, үөлэс саҕа айаҕын кытарчы атан, биһиги диэки ыстанан кэбистэ. Кини да буоллар, икки атахтаах уотунан уһуурар сэбиттэн боҕуттан, биһиги атахпыт анныгар ыстанан кэлэн хаары уоба түстэ. Ардай аһыытын килэҥнэтэн өстөөхтөрүн сыыһа хаппыт абатыгар хаары уобалыы сытта. Өс-саас уотунан умайбыт өһүөннээх хараҕын уота умуллан өлбөөрөн барда. Бүтүн хаалбыт үөрүүбэр киһибэр испэр махтана санаатым. Атаһым барахсан дьолуо туттуулаах эр бэрдэ буолан, сап саҕаттан салҕанныбыт. Биир ытыынан тыын сирин булларбатаҕа буоллар, туох-ханнык буолара биллибэт этэ. Кэлин, кырдьан олорон ырыта санаан сааһылаан көрдөххө, кырдьык, дьулаан суолга киирэ сылдьыбыт эбиппит, оттон оччолорго буолуохтаах буолбутун курдук санаабыппыт.

Итинник Баай Байанай хара тыа иччитэ хабыр хапсыһыыга уолаттарын тургутан да, күндүлээн да турар. Дьэ маннык түгэҥҥэ эр бэрдэ уйана-хатана биллэр. Маннык сытыы түгэннэр уол оҕону буһарар-хатарар буоллахтара. Тимир уһаарыллан, эллэнэн, хатарыллан ыстаал буолар.

Уруһуй интернеттэн ылылынна.

* * *

Егор Картузов “Үүтээн үһүйээннэрэ” сериянан тахсыбыт «Адьырҕалыын хапсыһыы» кинигэтэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Бу кинигэҕэ эһиги «Баай Байанай хайыһарын тыаһа», «Тоҕус бөрөҕө түбэһии», «Булт сиэрин-туомун тутуспакка», «Халты харбатыы», «Байанай бүтэһик бэлэҕэ», о.д.а. булт мүччүргэннээх түбэлтэлэрин туһунан сэргии, сэҥээрэ ааҕыаххыт!

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0