Ыччат түһүлгэтэ
ТОП-7: сайыҥҥы тэрээһиннэр
Бу сайын хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх тэрээһин күүтэр. Ыччакка интэриэһинэй, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ кэтэһэр, тэрийсэр бастыҥ түһүлгэлэрин наардаан таһаарабыт.
«Хотугу Синергия» ыччат форума
Быйылгыттан “СахаСелигер” форум маннык ааттанан, ис хоһооно уларыйан ыытыллар. Бу форумҥа ыччат саастаах дьон “Эдэр салайааччылар”, “Киинэ эйгэтэ”, “Эн – предпринимательгин”, “Нэһилиэк”, “Я –ИНЖЕНЕР”, “Устудьуоннар бэйэни салайыныылара” хайысхаларынан арахсан үөрэниэхтэрэ. Форум түмүгүнэн бастыҥ бырайыактары, саҥа санаалары талан, олоххо киллэрэргэ анаан үп-харчы биэрэллэр. Быйылгы форум от ыйын бүтүүтүгэр ыытыллыа.
«Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу
6-с оонньуулар от ыйын 5-17 күннэригэр Дьокуускайга буолуохтара. Билигин «Азия оҕолорун» уота Кэбээйиттэн Эдьигээн хайысхатыгар айаннаата. Арыллыы сиэрэ-туома «Туймаада» стадиоҥҥа буолуоҕа. Билиэт сыаната 2000-4000 солк. тэҥнэһэр. Эдэр спортсменнар 22 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Билиҥҥитэ, саамай элбэх күрэхтэһээччини Индонезия хамаандата аҕалыахтаах – 234 оҕо. Салгыы Монголия, Кыргыстан кэлэр. Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Мирнэйгэ көстүбүт 207,29 караттаах алмааһы Ил дархан Егор Борисов «Азия оҕолоро» диэн аатыыр туһунан «АЛРОСА» хампаанньа салалтатыгар этии киллэрбитин өйөөтүлэр.
Дыгын оонньуулара
Туймаада ыһыаҕын «фишката», спорду сэҥээрээччилэр сылы быһа күүтэр күрэхтэһиилэрэ — Дыгын оонньуулара быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уоттаах-күөстээх буолуох курдук. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр бөҕөстөр ааттара чопчуланна. Олор истэригэр сэттэ төгүллээх чөмпүйүөн Иван Белолюбскай баар. Кини быйыл бэйэтэ дьарыктыыр уолаттарын кытта илин-кэлин түсүһүө турдаҕа. Супер-бириис – массыына. Үгэс курдук, массыынаны «Анаабыр алмаастара» хампаанньа туруоруохтаах. Маарката, билиҥҥитэ, биллибэт.
“Саха ыччатын – тыа сиригэр!” күрэхтэһии
“Саха ыччатын – тыа сиригэр” бырайыак “Эдэр Саас” хаһыат “оҕото” буолар. Уруккута “От — шоу”. Манна оройуоннартан, ыччат уопсастбаннай тэриллиилэриттэн аҕыс киһилээх хамаанда (5 уол, 3 кыыс) тэринэн кэлэн, от мунньууга, кэбиһиигэ, оту охсууга, күөс өрүүтүгэр, ынах ыаһыҥҥа уо.д.а. күрэхтэһэллэр. Кыайбыт хамандаларга харчынан 100 тыһ. солк. бириис туттарабыт. Быйылгы “СЫТС” от ыйын бүтүүтэ Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин кырдалыгар ыытыллыаҕа. Сыллата бу бырайыагы Ыччат, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ, олохтоох дьаһалталар, «Тймаада-Лизинг», «Көмүлүөк», «Биарек», «Сахабулт» о.д.а. хампаанньалар өйүүллэр. Былырыыҥҥы «СЫТС» Мэҥэ-Хаҥалас Томторугар ыытыллыбыта. Амма хамаандата кыайбыта.
Идэлээх сойуустаах ыччат форума
2008 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэриллэн ыытыллар этэ. Оттон бу тэрээһин быйылгыттан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таҕыста. Быйыл бэс ыйын 21-23 күннэригэр Хаҥалас улууһун Орто-Дойду сиригэр уотугар ыытыллар. Форум сүрүн сыала-соруга: бүтүн Арассыыйатааҕы профсоюзнай хамсааһыны сайыннарыы, ыччаты түмүү буолар. Хас биирдии киһи, сүрүннээн эдэр исписэлиис идэтин толору баһылаан, үлэһит быһыытынан быраабын билэригэр туһуланар.
Вайнердар Insta-Vine Fest фестиваллара
Аан бастакытын видео-блогердар (ол эбэтэр «вайнердар» – социальнай ситимҥэ көрүдьүөс видеолары устар дьон) норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваллара бэс ыйын 25-29 күннэригэр Дьокуускайга ыытылыаҕа. Манна «Инстаграм» социальнай ситимҥэ мөлүйүөнүнэн көрөөччүлэрдээх казахтар «Безумная женщина» — Эльдана Сатыбалдиева, Нурлан Батыров, Грач Вартанян уо.д.а ыҥырыллыбыттар. Ону тэҥэ Киргизия, Саха сирин вайнердара кыттыахтара. Биһиэттэрэ Денис Антипин @denzzl, Айсен Яндреев @y_ays, @olgatrvl, итиэннэ @hitsvine, @freakykokes сахалар инста-бырайыактара айар үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ.
Гитаранан ырыа куонкуруһа
Сахалыы ырыаны сэҥээрээччилэргэ Туймаада ыһыаҕа күн Уйгу-Быйаҥ Түһүлгэтигэр гитаранан ырыа куонкуруһун финала буолуоҕа. Бэс ыйын 15 күнүгэр диэри «Инстаграм» социальнай ситимҥэ 15 бастыҥ ырыаһыты талар түһүмэх ыытыллар. Хештег — #гитарананырыа. Саха киһитэ кэрэни, ырыаны-тойуку кэрэхсиирэ биллэр, онон кыттааччы ахсаана күн-түүн элбии турар. Бэйэлэрэ айбыт, араас сылларга хит буолбут ырыалары гитара доҕуһуоллаах толороллор. Кыайыылаах Вьетнамҥа путевканан наҕараадаланыаҕа. Тэрийээччи – Култуура министиэристибэтэ, Эстрада тыйаатыра.
P.S.: Бу тэрээһиннэр испииһэктэрин, биллэн турар, Ыччат ыһыаҕа иилиир-саҕалыыр. Ыһыах туһунан сиһилии матырыйаалы () сирэйгэ ааҕыҥ.
Надежда САМСОНОВА бэлэмнээтэ.