Топ-5: Салайааччылар

Бөлөххө киир:

Саха сирэхаһыат эрэдээксийэтин көрүүтүгэр, үйэ чиэппэрин, онтон да уһун кэм устата айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар култуура, искусство эйгэтин бастыҥ салайааччыларын билиһиннэрэбит.

 С.А.Новгородов аатынан СӨ “Бичик”  Национальнай кинигэ кыһатын Генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

1997 сыллаахха, куонкуруска олоҕуран, “Бичик” НКК салайааччытынан Август Васильевич Егоров анаммыта. Ол кэмнэргэ издательство моҥкуруут барар кутталлаах, уустук балаһыанньаҕа олороро. Кирэдьииккэ иэһэ 4 млрд солкуобайтан  тахса этэ. Тэрилтэни кириисистэн таһаарыы букатын атын, саҥа суоллары тобулууну эрэйэрэ.  Маныаха Август Васильевич үп-экэнэмиичэскэй уонна хаһаайыстыбаннай кыһалҕалары сатабыллаахтык быһаарар, дьаһаллаах уонна кэскиллээх администратор быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Кыра болдьох иһигэр нолуокка, хамнаска уонна поставщиктарга иэс суох оҥоһуллубута. Бэйэтин тула үчүгэй, үлэһит хамаанданы түмэн, тэрилтэ структуратын саҥалыы көрөн, тупсарбыта. Тарҕатыы уонна маркетинг сулууспата тэриллибитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустара кинигэни тарҕатыы схемэтинэн хабылыннылар.  Кыһа таһаарар кинигэтин арааһа уонна ахсаана сыллата улаатар. Ол курдук, өскөтүн 1997 с. 61 көрүҥ таһаарыы 228,5 тыһыынча ахсаанынан   бэчээттэммит буоллаҕына, бу көрдөрүү 2015 сыл түмүгүнэн 355 уонна 691,4 тыһыынча ахсааҥҥа тэҥнэспит.  Маны сэргэ кинигэ ис хоһоонунан уонна полиграфиятынан лаппа тупсубута бэлиэтэнэр. Ону “Бичик” НКК сыллата өрөспүүбүлүкэтээҕи, эрэгийиэннээҕи, Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаларга улахан ситиһиилээхтик кыттара туоһулуур.

 СӨ  “Туймаада”  судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбылын дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, СӨ искусствотын үтүөлээх, Арассыыйа искусствотын Бочуоттаах деятелэ.

1987 сыллаахха Дьокуускайдааҕы мусукаалынай училище преподавателэ Светлана Павловна Иванова дирижерскай-хоровой, вокальнай салаалар устудьуоннарыттан сүүмэрдээн ылан, “Туймаада” вокальнай ансаамбылы тэрийбитэ. Лоп-курдук үйэ чиэппэрин анаараа өттүгэр, 1993 сыллаахха, сахалыы ырыа култууратын пропагандалааһыҥҥа киллэрэр кылаатын, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна тас дойдуларга көрөөччү биһирэбилин, билиниитин ыларын иһин, Култуура министиэристибэтин иһинэн “Туймаада” кэлэктиипкэ судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл статуһа иҥэриллибитэ.  1997 с. Светлана Иванова “Ыллыыр “Туймаада”  диэн бастакы ааптарыскай ноталаах хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. Онтон салгыы “Саха таптыыр ырыалара”, “Үрүҥ түүн долгунугар” хомуурунньуктар тахсыбыттара. “Туймаада” 30 сылыгар ансаамбыл репертуарыттан 4-с ноталаах хомуурунньук бэлэмнэниллибитэ. Бу сыллар тухары ансаамбыл Саха сирин 33 улууһун хабан, гостуруоллаата. 30 сыл устата ансаамбыл араас куонкурустарга, бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттар. 20072013 сс. “Песни России” бэстибээл чэрчитинэн, Арассыыйа 100-тэн тахса  куоратынан, 16 эрэгийиэнинэн саха ырыанан култууратын киэҥник пропагандалаата.  Кэлэктииби Япония, Италия, Франция, Польша, Испания, Бельгия көрөөччүлэрэ дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ. Кэнники сылларга театрализованнай мусукаалынай испэктээктэр, артыыстар сольнай бырайыактара олоххо киллэриллэллэр.

 “Кэнчээри” оҕо образцовай, “Арассыыйа норуот айымньытын үтүөлээх кэлэктиибэ” ааты сүгэр ансаамбыл салайааччыта, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа киэҥник биллэр “Кэнчээри” оҕо образцовай кэлэктиибин солбуллубат салайааччыта Василий Степанович Парников бу, Саха сиригэр аан бастакы оҕо академическай хоробуой кэлэктиибин 1972 сыллаахха Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин Мүрү 8 кылаастаах оскуолатыгар тэрийбитэ. Онон,  үйэ аҥаарыгар чугаһыыр кэм устата Василий Степанович сылайары билбэккэ, дьүккүөрдээх, айымньылаах үлэтинэн саха оҕотун дэгиттэр талаанын сайыннаран, аан бастакынан Арассыыйаҕа, Сойууска уонна Аан дойдуга таһаарбыта. 2007 уонна 2012 сыллардаахха “Кэнчээри” Арассыыйа, Саха сирин историятыгар аан бастаан, Москва куоракка Храм Христа Спасителя уонна Санкт- Петербурга литургическай айымньылары сахалыы ыллаабыта. Василий Парников 2009 сыллаахха саха култууратын историятыгар аан бастаан оҕолорго “Ньургун Боотур” операны туруорбута. «Кэнчээри» ансаамбыл Саха сиринээҕи оҕо айар кэлэктииптэриттэн аан бастакынан Киин тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа тахсыбыта, «Весёлые нотки», «Творчество юных» Бүтүн Сойуустааҕы биэриилэргэ кыттыбыта, «Пионерская правда» хаһыакка суруллубута, «Мелодия» фирмаҕа грампластинкаҕа уһуллубута. «Кэнчээри» — академическай хорга уонна фольклорга өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар  лауреаттара. Быйыл, 2018 сылга Василий Степанович Парников айар уонна педагогическай үлэтин 55 сыла буолла.  Кини салайар «Кэнчээри» оҕо образцовай ансаамбыла — норуот фольклоруттан кылаассыкаҕа тиийэ толорор маастарыстыбаны дэгиттэр баһылаабыт кэлэктиип.   «Кэнчээриттэн» СӨ үтүөлээх артыыстара, култуура туйгуннара, эстрада сулустара, искусство исписэлиистэрэ, суруналыыстар иитиллэн тахсыбыттара. Бу үтүө үгэс салҕанар.

 Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан СӨ Судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыһа. Европейскай циркэ ассоциациятын дириэктэрдэрин Сэбиэтин чилиэнэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы циркэ режиссера. 1990 сыллаахха “Ойуун”  циркэ-синтез-тыйаатыр бөлөҕүн төрүттээбитэ. Айымньылаах, дьүккүөрдээх үлэтинэн, тэрийэр талаанынан биир санаалаахтарын түмэн, меценаттары, спонсордары көмөлөһүннэрэн, өрөспүүбүлүкэ салалтатын болҕомтотун тардан, бэйэтин ураты цирковой кэлэктиибин тэрийбитэ. 1994 с. балаҕан ыйын 5 күнүгэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай циркэтэ” тэриллибитэ. Сергей Васильевич уус-уран салайааччы буолар. “Тоҥ Джаз”, “Олоҥхо-этно-арт”, “Арт-денс” бастакы бэстибээллэр ситиһиилээхтик ыытыллаллар. 1998 с. Сергей Расторгуев СӨ Судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэринэн ананар. 1999 сылтан Саха циркэтэ аатырбыт “Мамонтенок” өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлин саҕалыыр. Манна Кытайтан, Монголияттан, Вьетнамтан, Японияттан, Германияттан, Италияттан, Францияттан тиийэ, Арассыыйа араас куораттарыттан итиэннэ Саха сириттэн талааннаах артыыстар кытталлар. 2004 сыллаахха циркэҕэ, Саха сириттэн Пекиҥҥэ (КНР) Норуоттар икки ардыларынааҕы искусство кэллиэһигэр 7 сыллаах үөрэхтэрин бүтэрэн,  үрдүк идэтийбит бэлэмнэниини барбыт бастакы выпуск кэлбитэ.  Билигин Саха циркэтигэр, бу үөрэх кыһатын бүтэрбит 40-чэ артыыс үлэлиир. Сотору кэминэн үһүс көлүөнэ артыыстар кэлиэхтэрэ. Циркэ артыыстара Монте-Карлоҕа,  Италияҕа, Францияҕа, Испанияҕа, Казахстаҥҥа, о.д.а. дойдуларга, Москваҕа, Санкт-Петербурга бэстибээллэргэ улахан ситиһиилэнэллэр. Бу 2018 сыл бүтүүтэ Саха циркэтин гостуруолун Белоруссия уонна Прибалтика олохтоохторо күүтэллэр. Сергей Васильевич өйүн-санаатын, билиитин, сүрэҕин сылааһын барытын ууран, сатабыллаах салайыытынан Саха сирин национальнай бэлиэтинэн буолбут, Арктикаҕа соҕотох, саамай хотугу цирк эһиил, 2019 сылга 25 сааһын туолар. СӨ Судаарыстыбаннай циркэтин инники кэскилэ – кини сайдыытыгар, онон, циркэ дьиэтин II уочаратын тутар билигин хаһааҥҥытааҕар даҕаны тоҕоостоох.

 Ем.Ярославскай аатынан Саха судаарыстыбаннай Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах мусуойун дириэктэрэ, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Арассыыйа Мусуойдарын сойууһун Президиумун чилиэнэ.

Үйэ чиэппэрин устата Саха сирин норуоттарын историяларын, култуураларын көрдөрөр сүрүн мусуойу өрөспүүбүлүкэ биллиилээх кыраайы үөрэтээччитэ, музееведа, историк, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, норуоттар духуобунай култуураларын, историяларын чинчийээччи, мусуой дьыалатыгар мэлдьи сонун, саҥа сүүрээннэри киллэрэргэ дьулуһар, айар куттаах  Егор Спиридонович Шишигин талааннаахтык салайан кэллэ. 1980-1990 сс. Е.С.Шишигин салалтатынан өрөспүүбүлүкэҕэ мусуойдары кииннээһин буолбута. Саҥа мусуойдары, ол иһигэр история уонна култуура пааматынньыктарын араҥаччылыыр сыаллаах заповедник-мусуойдары аһыыга улахан научнай-методическай, тэрийэр үлэ ыытыллыбыта. Егор Спиридонович  быһаччы салайыытынан 2012 сылга СӨ Мусуойдарын ситимин сайыннарыы уонна 2013-2016 сылларга итиэннэ сүрүн хайысхаларга 2020 с. диэри СӨ мусуойунай дьыалатын сайыннарыы кэнсиэпсийэлэрэ оҥоһуллан бигэргэтиллибиттэрэ. Егор Шишигин  салайар Саха судаарыстыбаннай мусуойа “ЭКСПО” Аан дойдутааҕы быыстапка чэрчитинэн араас сылларга Японияҕа, Шанхайга (КНР), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Күннэрин чэрчитинэн Францияҕа, ЮНЕСКО Штаб-квартиратыгар, Европа Сэбиэтигэр, Арассыыйа киин куоратыгар Москваҕа Храм Христа Спасителя ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы церковнай-историческай быыстапкаҕа, о.д.а. ситиһиилээхтик кыттыбыта. Дириэктэр көҕүлээһининэн, мусуойдар норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиннэрэ сайдар. Историческай наука хандьыдаата Егор Спиридонович кыраайы үөрэтиигэ улахан болҕомтотун уурар, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар мусуойдары тэрийиини мэлдьи ис сүрэҕиттэн өйүүр. Егор Спиридонович Арассыыйа, Саха өрөспүүбүлүкэтин кыраайы үөрэтээччилэригэр, историяны, култуураны сэргээччилэригэр, дойду, Саха сирин нэһилиэнньэтигэр  бөдөҥ аптарытыаттаах, ытыктанар салайааччы.

Бэлэмнээтэ Татьяна МАРКОВА.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0