ТОП-5: Саха сирин дьикти түбэлтэлэрэ

Ааптар: 
08.10.2018
Бөлөххө киир:

Арассыыйа интэриниэтин ситимигэр Сахабыт сиригэр урут-уруккуттан араас аномальнай сирдэр баалларын туһунан суруйаллар. Дьиктилэр-дьиибэлэр, түбэлтэлэр, кутталлаах кэпсээннэр сири-дойдуну аймыыллар. Олортон сороҕун түмэн билиһиннэрэбит. 

Лабыҥкыр күөл тымныы уутугар олохсуйбут харамай номоххо киирбитэ ыраатта. Күөлгэ үөскээбит аарыма күтүрү араас учуонайдар, үөрэхтээхтэр көрдүү сатаабыттара. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, былыр-былыргыттан Лабыҥкырга улахан да улахан дьикти харамай баара үһү. Сороҕор дьоҥҥо, кыылга-сүөлгэ саба түһэр эбит. Дьикти харамай туһунан 1953 сыллаахха Василий Твердохлебов диэн киһи киэҥ араҥаҕа биллэрэн суруйбутун кэнниттэн учуонайдар сэргээбиттэр. «Искатели» биэрии эспэдииссийэтэ уон сыл кэриҥэ сыралаһан, күөлгэ дьикти улахан, дириҥ хаспах баарын билбитэ уонна кыыл уҥуоҕун булбута.

Араас саайтарга өрөспүүбүлүкэбитигэр Өлүү Чөркөчүөх хочотун туһунан кэпсээн баар. Итини илэ харахтарынан көрбүт дьон суруйбут тиэкистэринэн аахтахха, Бүлүү баһыгар чахчы салгын баттааһынын нуорматыттан тахсар сир баар эбит. XIX-XX үйэлэргэ манна сиргэ көмүллүбут тимир солуурдары булбуттар. Сорох хочуол иһэ улахан, оннооҕор хостордоох үһү. Бэл, кыһын солуур иһигэр сылаас, ол эрээри манна хонон турдахха, биллибэт биричиинэнэн өлүөххэ сөбүн быһаарбыттар. Көрбүт дьон кэпсииринэн, хочуоллар улам-улам ирбэт тоҥ буоругар быһа киирэн сүтэн хаалбыттар. Хочуол туһунан бүтэһик сөп соҕус кырдьыктаах туоһу 1989 сылга бэлиэтэммит. Кэлин көрдүү сатаабыттарын үрдүнэн, биир да эспэдииссийэ хочуолу да, онно кыратык да майгынныыры булбатах.

1639 сыллаахха Индигир өрүс биир салаатын баһыгар Зашиверскай диэн ааттаах куорат төрүттэммитэ. Бу куорат  номнуо XIX үйэ саҕаланыыта эстэн, сүтэн-симэлийэн, сибиэн-куорат буолбут. Зашиверскай куорат олохтоохторо түүлээҕинэн эргинэн олорбуттара биллэр, чугаһынан кыыл-сүөл эстэн, устунан куорат эмиэ суох буолбут. 1820 сыллаахха куоракка быһа холоон 15 эрэ киһи хаалбыт. Зашиверскай эстиитин биир төрүөтүнэн уоспа дьаҥа буолуон сөп диэн эбии сабаҕалааһын баар. Олохтоохтор ойуун сэрэппитин истибэккэ, хантан кэлбитэ биллибэт дьааһыгы арыйбыттар, ол иһигэр ыарыы сыстыбыт мала баар эбит. Таҥастарын, малларын быраҕан быыһана сатаабыттар да, ыарыы «аһымматах». Хаалбыт дьон куораттан көһөн барарга күһэллибиттэр.

1990 сыллар саҕаланыыларыгар биир кыыс Покровскайтан Дьокуускайга диэри бараары аара массыынаны тохтоппут. Кыыһы куоракка диэри илдьиэн оннугар, суоппар кырбаабыт, таҥаһа суох кыһыҥҥы томороон тымныыга быраҕан кэбиспит. Итиччэ үлүгэр кэнниттэн кыыс ГАИ поһугар тиийбит, ааны тоҥсуйа сатаабыт. Утуйа сытар үлэһиттэр тоҥсууру истибэтэхтэр, ааны арыйбатахтар. Ол түмүгэр кыыс үлүйэн өлөөхтөөбүт. Бу түбэлтэ кэнниттэн кыыс сибиэнэ түүннэри суолга куоластыы турарын туһунан сурах тарҕаммыта.

1950-с  сыллардаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Суола сэлиэнньэтин таһыгар суолга иччини көрбүттэр. Бу иччи улахан уҥуохтаах уонна төбөтө суох үһү. Эргэ таҥастаах, төбөтө суох абааһы массыынаны сырсан иһэрин олохтоохтор хаста да көрбүттэр. Матасыыкылынан сылдьар киһи нэһиилэ кыараҕас ыллыкка туораан, бу абааһыттан куоппутун туһунан кэпсээбит. Отоннуу сылдьар дьахталлар түбэһэн көрбүттэр, ол эрээри тоҕо эрэ кинилэри тыыппатах. Биир дьахтар ол сибиэнтэн кэлэр өлүк сытыттан өйүн сүтэрэн кэбиспит.

Лера Льова бэлэмнээтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0