Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн бүгүн хомус күнүн бэлиэтиибит. Саха сиригэр кэнники кэмҥэ хомуһунан үлүһүйэр дьон олус элбээтэ. Биир үксүн ыччат ылсан эрэрэ үөрдэр. Бэл, норуоттар икки ардыларынааҕы, аан дойдутааҕы куонкурустарга хомусчуттарбыт куруук инники күөҥҥэ сылдьаллар. Билигин хомустуу, айа-тута сылдьар бастыҥ уон хомусчуту таллыбыт (уочарат бэрээдэгэ суолтата суох):
Иван Алексеев-Хомус Уйбаан – тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, ХИФУ профессора.
Спиридон Шишигин – аан дойду виртуоз-хомусчута.
Альбина Дегтярева – аан дойду виртуоз-хомусчута, “Айархаан” этно-бөлөх салайааччыта
Ким Борисов – аан дойду виртуоз-хомусчута
Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ – аан дойду виртуоз-хомусчута, “Айархаан” этно-бөлөх экс-толорооччута, Эстрада тыйаатырын артыыһа
Клавдия, Георгий Хатылаевтар – идэтийбит хомусчуттар, этно-ырыаһыттар
Ольга Подлужная-Уутай – эдэр хомусчут, ырыаһыт, “Айархаан” этно-бөлөх экс-толорооччута
Айсен Аммосов – эдэр хомусчут, ырыаһыт, “Айархаан” этно-бөлөх экс-толорооччута.
Василена Шарина – эдэр хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт. Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын артыыһа, быйылгы “Саҥа ырыа” күрэхтэһии кыттыылааҕа
Георгий Слепцов-Чаҕылҕан – эдэр хомусчут, Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын артыыһа, “Дохсун” этно-бөлөх солиһа. Быйылгы Бүтүн Арассыыйатааҕы “Живая нить” фестиваль кыайыылааҕа.