Кыыдаан кыһын аргыардаах тымныы тыынынан бурҕачыйан, сылаас эттээҕи, тэбэр сүрэхтээҕи кыралыын-улаханныын бүүс-бүтүннүү ыгыта ытарчалыыр, аан ийэ дайды үрдүгэр аҥаардастыы айбардаан, хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыаҕыран, баһылаан-көһүлээн турар кэмэ.
Маннык тымныыга дьиэттэн быгыаҥ эрэ кэрэх – кыламаныҥ, хааһыҥ кырыанан бүрүллэр, силлээтээххинэ силиҥ сиргэ муус буолан түһэр. Тула барыта иһийэн, тыас-уус кыччаан хаалар. Бэл, мэҥэ халлаан тоҥмуттуу кумуччу туттан, кыарыыр, намтыыр. Оол тоҥмут халлаантан арай туох эрэ быыкаа боруҥуй дьүһүннээх, тыйыс салгыҥҥа уйдарыахча буола-буола кыайан уйуттубакка, аллара курулуу турда. Тоҥуу хаарга «топ» гына түстэ. Арыычча өгдөйөн, оронон кырыара мууһурбут дабыдалын сапсыммахтаан, хаартан быган турар хаптаҕас угун быыһыгар саһан ньимийдэ…
– Халлааммыт барахсан, дьэ, буолан-хаалан турда дии, – Маарыйа оһоҕун иннигэр олорон, чоҕун булкуйа-булкуйа, саҥа аллайда. – Аҕыс уон иккис хаарбын ууллардым даҕаны, бэйэбин өйдүөхпүттэн маннык тымныйбытын билбэппин. Арай, мин төрүүр сылбар өтөрүнэн биллибэтэх тымныы бүрүүкээбит бадахтаах. Ону түү суорҕаҥҥа сууланан ийэбин эмэ сытар эһээхэй хоҥоруубар хоҥнорбот буоллаҕым.
Аал уот – чоҕо булкуллубутуттан дуу, дьиэ далбар хотунун наҕыл куолаһыттан дуу – эбии тэбиэһирэн, күүһүрэн, кытархай кыымнарын ыспахтаата, сып-сылааһынан дьиэ иһин толорон кэбистэ.
Маарыйа күрүүкэтин туора ууран, эһэкээнин иннигэр иттэ олорон, санаатын салҕаата:
– Өссө биһиги, сылаас дьиэҕэ хорҕойон олорор бэдиктэр, тоҥор-хатар диэни билбэппит. Аһаҕас халлаан анныгар олохтоох айылҕа оҕолоругар дьэ тыйыс күннэр, доҕоор.
Сэттэлээх Айаал оһох утары дьоҕус остуолга уруогун аахта олорон, эбээтин тылларын болҕойон иһиттэ. Хараҕар токуччу тоҥмут туртастар, куобахтар, саһыллар көстүтэлээн бардылар.
Айаал кинилэри олуһун аһынна.
– Эбээ, кинилэри быыһыаххарыый! – уолчаан саҥа аллайда.
– Кимнээҕи, тоҕойуом? – Маарыйа соһуйан, сиэнин диэки хайыста.
– Айылҕа оҕолорун.
– Кэбис, һыллый, төһө да баҕарбыппыт иһин, биһиги кинилэри барыларын быыһыыр кыахпыт суох. Айылҕа оҕолоро туох-баар тымныыны-итиини тулуйан, туораан тыыннаах хааларга дьулуһуохтаахтар. Кинилэр дьылҕалара оннук.
Чочумча буолан баран, айылҕа оҕолорун дуу, тугу эрэ атыны дуу этэрин чопчулаабакка эрэ, эбэн биэрдэ:
– Ардыгар Дьылҕа Хаан оҥоһуута кытаанах буолар, доҕоор. Ону уларытар кыах суох.
Айаал кырыалаах түннүк нөҥүө арыычча көстөр тиэргэнин манаста. Таһырдьа туох барыта тымныы ытарчатыгар бас бэринэн, аны хаһан да саҥаттан тыллыа, силигилиэ суох курдук кырыара мууһурбут. Бэл, тиэргэн хабайар-хаба ортотугар үүнэн турар хаптаҕас уга, сайын күөҕүнэн бүрүллэн, кытархай отонунан хото күндүлээбитин мэлдьэспиттии, тоһута тоҥмут.
Мас эркин муннугунан тыйыс салгын үргүөрэ киирэн, дьоҕус дьиэни тилийэ көттө. Онно суоһурҕанан, аал уот күүһүрэн күүдэпчилэммитигэр, умайа сылдьар чох оһох иннинээҕи тимиргэ түһэн кытыаста сытта.
– Тыый, тугу биттэннэҕэй, – эмээхсин былыргы быдан дьылларга буолан ааспыты ахтан, өрө тыынан ылла.
Маарыйа күҥҥэ көрбүт соҕотох уола, хараҕын көмүскэтэ, Айаал аҕата Миитэрээс киһи үөйбэтэх-ахтыбатах ыраах дойдутугар кырыктаах кыргыһыыга ыҥырыллан барбыта лоп курдук сыл аҥаара туолла. Ол тухары туох да сурах-садьык суоҕуттан ийэ сүрэҕэ ытырыктатар.
Ынырыктаах сэрии сылларыгар оҕо саастарын былдьатан баран, Маарыйа даҕаны, үөлээннээхтэрэ даҕаны, саҥа сэрии буолуо диэн түһээн да баттаппат этилэр. Оҕолорбут, сиэннэрбит иллээх-эйэлээх олоххо олоруохтара диэн бүк эрэллээхтэрэ. «Оо, дьэ, киһи аймах барахсан атааннаһар оонньуута бүппэт буоллаҕа. Ханна-ханна тиийэр сордоохторбутуй»,
– Маарыйа эмиэ өрө тыынан ылла.
Түөрт уонча сыл анараа өттүгэр Маарыйа кэргэнэ Сэмэнниин иккиэйэҕин олорбуттара. Саастарын тухары оҕоҕо баҕаран баран, Иэйэхсит хатын биэрбэтэҕинэ биэрбэт эбит, аны кэлэн оҕолонор сааспыт ааста, алаһа дьиэбитигэр саҥа киһи ытаан бэбээриэ суох, оҕо-ыччат тапталын, өйөбүлүн билбэккэ иккиэйэҕин кырдьар буоллубут диэн кэри-куру буолаллара.
Биир киэһэ Маарыйа чоҕун булкуйа турдаҕына, обургу соҕус кытыаста сылдьар кыым тэйиччи көтөн муоста кырааскатын хоруорда сиэбитэ. Туох буолар баҕайытай диэн мөҕүттүү бөҕө буолбуттара. Аҕыйах хоноот, Маарыйа хат буолбутун билбитэ. Оо, онно дьоллоннохторуон! Чахчы да, соһуччу үөрүү этэ.
Төһө да хойутаан кэллэр, Миитэрээс, ийэтин эрэйдээбэккэ, этэҥҥэ күн сирин көрөн, муус чэгиэн, ону ааһан өйдөөх, сүрэхтээх, иһирдьэ-таһырдьа үлэҕэ көмө-ньыма оҕо буолан, ийэлээ-аҕатын үөрдэ-көтүтэ улааппыта. Аармыйаттан кэлэн баран, аҕалара суох буолбутун кэннэ, бэйэтигэр ханыылыы үчүгэйкээн кыыһы кэргэн ылан аҕалан, Маарыйа сүрэҕин дьолунан толорбута. Ааныс туох да аймаҕа-уруута суох тулаайах оҕо да буоллар, көрсүө-сэмэй майгылаах, бүгүрү этэ. Маарыйа кийиитин хара маҥнайгыттан сүрэҕин иһинэн киллэрбитэ, оҕотун курдук ылыммыта.
Аҕыйах сыллааҕыта кийиитэ былаҕайга былдьанан соһуччу суох буолбута. Эдэркээн аҕа саҥардыы сиртэн өндөйөн эрэр уолун туппутунан соҕотох хаалаахтаабыта.
«Өссө да кэргэннэниэ, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, туллар тутаах киһитэ буолуо этэ буоллаҕа, — Маарыйа өрө тыынан ылла. — Бу кыһыытын-абатын көрүҥ эрэ». Ол ыккардыгар оһох уота сөҕүрүйэн, суоһа кыччаан барда.
— Тоойуом, тахсаҥҥын эбии маста киллэрэн кулу. Уоппутун күөдьүтэн биэриэхпит. Сатаатар дьиэбит муннугунан тымныы аҥылыйа турдаҕа үһү. Быһайын, кыахтаах киһибит суох буолан, ханаппаахыламматаҕа бэлиэр билиннэ, — эмээхсин оргууй сиэнин соруйа олордо.
Айаал, эбии-хос этитиитэ суох, тута сонун бүрүнэн ойон тахсан көтөх муҥунан хардаҕаһы киллэрэн оһох иннигэр үҥкүрүттэ.
— Эбээ, күүлэҕэ маспыт бүттэ. Сарайтан эбии аҕала түһүөм дии.
— Ии, һыллый, оҕом барахсан. Оттон аҕаларгар тиийэҕин ээ. Ол эрээри уһуннук сылдьыма, һыллый, бу тымныыга үлүйүөҥ. Биир-икки күннээҕини аҕаллаххына сөп буолуо.
Эмээхсин сиэнин кэнниттэн аһыммыттыы көрөн хаалла. «Оокком барахсан, хайыы үйэ эр киһи үлэтин санныгар сүктэҕэ. Туох эрэйигэр-буруйугар. Ийэтин сирэйин да өйдөөбөт. Аны аҕатыттан матыах муҥа буоллаҕа дуу… Мин, кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт эмээхсин, ол-бу буолан хааллахпына, бу оҕо ханна бараахтыыр? Хайдах киһи-хара буолар? Күрүө намыһаҕыныы диэбиккэ дылы…»
— Эбээ! Эбээ! — аан аһыллаатын кытары, Айаал чуор куолаһа дьиэни толордо, сөрүүн салгын киирэн, эмээхсин саппаҕырбыт санаатын сайҕаата. — Көрүүй бу!
Уол илиитин түөһүгэр сэрэммиттии туттан, аа-дьуо чугаһаан кэллэ.
— Тугуй, һыллый, илиигин үлүттүҥ дуо?!
— Суох, эбээ. Көр бу!
Айаал үтүлүктээх илиитин эбэтин иннигэр үҥкүрүттэ.
Маарыйа өйдөөмүнэ түү үтүлүгү одуулуу олордо. Арай, өйдөөн көртө, үтүлүк үрдүгэр атын түү баар эбит. Түү мээчик. Оһох уотугар оҕуруо кэриэтэ кып-кыра, хап-хара харахтар чоҕулуһан ыллылар.
— Тыый! Чыычаах дии! Хантан буллуҥ, һыллый?
— Хаптаҕас угун анныттан.
— Эрэйдээҕи даа. Чооруос эбит дии.
— Чооруос дуо?
— Чооруос. Көрөҕүн дуо, төбөтүн оройугар кыһыл бэлиэлээх.
— Тоҥмут чооруос, — Айаал аҥаар үтүлүгүн устан, чыычааҕы тарбаҕын төбөтүнэн сэрэниин-сэрэнэн имэрийбэхтээтэ. Түү мээчик биллэ-биллибэттик хамнаан, ибигирээн ылла.
— Мантыкпыт өссө да тыыннаах эбит ээ! Аҕал эрэ, һыллый, манна сытыаран ириэриэххэ. Баҕар, тыыннаах хаалар, өрүһүнэр дьолугар көстүбүтэ буолуо.
Маарыйа остуол муннугар баайыы былаатын бүк тутан тэлгэттэ. Айаал чыычааҕы сэрэнэн онно сытыарда. Түү мээчик махтаммыттыы, сэниэтэ суохтук кынатын сапсыммахтаата.
— Эбээ, оһоххо чугаһаппаппыт дуо? Оһох уотун сыралыгар түргэнник сылыйыа этэ буоллаҕа.
— Кэбис, һыллый, тоҥмуту-үлүйбүтү тутатына аһара ичигэскэ чугаһаппат баҕайыта. Ыл, хата, ыскааптан эбиэс куруппатын хостоон бэлэмнээ. Турдаҕына, ама буоллаҕына, аһатан көрүөхпүт.
Киэһэнэн, чооруостара сэниэтэ суох орҕостон туран, ээл-дээл көрө олордо. Айаал истэкилээҥкэ хаппаҕар уу кутан, чыычаах тумсугар даҕайда. Эрдэ бэлэмнээбит эбиэ-
һин сыттатта. Чооруос, саарбаҕалаабыттыы, биирдэ-иккитэ хабыалаат, эмиэ хараҕа сабыллан, нухарыйан барда.
Ити курдук, эбээлээх сиэн чооруостарын көрөр-истэр, бүөбэйдиир түбүккэ түстүлэр. Кинини манаан, хас хамнаныытын кэтээн, бу иннинэ уку-сики олорбут бэйэлэрэ, хайдах эрэ элбээбит тэҥэ сананан, күө-дьаа, көх-нэм буоллулар.
Киһи сылаас сыһыанын, илии итиитин билэн чыычаах барахсан кыралаан бэттэх кэлэн, тиллэн, күнтэн күн күүс эбинэн, кыаҕыран истэ. Оҕуруо харахтарынан тулатын сэҥээрбиттии одуулуур буолла. Ону кытары тоһуттар тымныы арыый да намыраан, уҕарыйан барда.
Биир сарсыарда уһуктубуттара, чыычаахтара өһүө аннынан көтөн тырыпынайа сылдьар эбит.
— Эбээ, чооруоспут үтүөрбүт! — Айаал үөрэн чаҕаара түстэ.
— Ээ, барахсан. Айылҕа оҕото күөх халлаан анныгар көҥүл-босхо көтөрүн суохтаатаҕа. Бүгүн таһааран ыытыахпыт.
Эбиэт кэннэ Айаал эбээтинээн таҥнан-саптан ох курдук оҥоһуннулар.
— Быыһаабыт киһи бэйэҥ тут, — диэн Маарыйа сиэнигэр соруйда.
Айаал чыычааҕын эчэтимээри, сэрэнэн да буоллар, төлө көппөтүн курдук кытаанахтык тутта.
Эбээлээх сиэн дьиэлэрин иннигэр тахсан, сэргэстэһэ туран, бэлиэр саас чугаһаабытыгар дылы ыраас, чаҕылхай халлааны манньыйа одууластылар.
Айаал чыычааҕын көрөн саҥата суох турда. Бу аҕыйах хоннукка ыаллаһан, үөрэнэн хаалан хайдах эрэ ыытыан аһыйар курдук.
— Чэ, тоойуом, ыытан кэбис, — эбэтэ оргууй тиэтэттэ. — Көтөр кынаттаах барахсан төрөөбүт төрүт эйгэтигэр төнүннүн. Күөх халлаан урсунугар көҥүл-босхо күөлэһийэ көтөр — кини анала.
Айаал оргууй туппутун ыһыгынна. Чооруос, саарбаҕалаабыттыы, тулатын одуулаамахтаан баран, кынатын көннөрөн, биирдэ-иккитэ сапсынаат, көй салгыҥҥа күөрэйэн
таҕыста. Үөрүүтүттэн дуу, көҥүл-босхо барбыт дьолун итэҕэйиминэ дуу, биир кэм өрө тырыбынайа түстэ. Онтон тиэтэйбиттии, чэпчэки-чэпчэкитик салгыҥҥа уйдаран, үрдээтэр үрдээн, ырааттар ыраатан, мэҥэ халлааҥҥа тиийэн харах далыттан сүттэ. Тиэтэйиминэ. Кини да ханна эрэ күүтэр-көһүтэр ийэлээҕэ-аҕалааҕа, биитэр кэргэннээҕэ, оҕолооҕо-уруулааҕа буолуо эбээт. Оо, кинилэр төһө эрэ үөрэллэр!
«Өссө да кэлэ сылдьаар. Бааргын биллэрээр», — Айаал иһигэр ботугуруу хаалла.
Ити ый туолуута этэ. Эргэ ый өлөн, саҥа ый төрөөн, үүнэн-ситэн, эмиэ туолууга барда. Маарыйа сиэнэ оскуолаттан кэлэригэр аһын бэлэмнээн, оһоҕун чоҕун булкуйан түбүгүрэ сырытта. Бүгүн Айаал буостаҕа таарыйан, хаһыат ылан аҕалыахтаах.
Буруолуу сылдьар сонуннаах сабыс-саҥа хаһыат кэлиитэ — туспа күүтүүлээх, сэргэх түгэн.
Аан аһыллаатын кытта, Айаал хаһыатын бобуччу туппутунан дьиэ иһигэр баар буола түстэ. Хаһыат иһиттэн үп-үрүҥ кэмбиэри хостоон эбэтигэр уунна.
— Хайа, бу туохпутуй? — Маарыйа кэмбиэри сэрэнэн ылан, эргим-ургум тутта.
—Ити биһиэхэ сурук кэлбит, эбээ.
— Тыый, тугун дьиибэтэй. Бу үйэҕэ сурук кэлбэт этэ. Хантан ыыппыттара суруллубатах. Бээрэ, оттон аһан көрүөххэ буоллаҕа.
Маарыйа кыптыый ылан, кэмбиэри кырыйан, бүк тутуллубут тэтэрээт лииһин хостоото. Ол тухары тоҕо эрэ сүрэҕэ дьиктитик мөҕүл гынар. Айаал, оскуолаттан кэллэ-кэлээт айаҕа хам буол-
бат бэйэтэ, бу сырыыга тугу эрэ күүппүттүү, ууну омурдубут курдук таҥаһын уларытта сырытта. Иккиэн да суолталаах түгэн үүммүтүн сэрэйдилэр быһыылаах.
Эмээхсин лииһи арыйан, олус билэр буочарын аахта. Уолун Миитэрээс куолаһа субу баардыы кулгааҕар иһилиннэ: «Ийээ, тыыннаахпын, этэҥҥэбин, сотору тиийиэм…»
— Оҕом… Оокком, — Маарыйа суругун түөһүгэр сыһыары тутан, олох маска олордо. Уолун сылааһа, минньигэс сыта биллэргэ дылы гынна.
Айаал кэлэн эбээтин аттыгар турда.
— Һыллый, — Маарыйа сиэнин кууһан, сыллаан ылла, — аҕаҥ тыыннаах. Аҕаҥ сотору кэлиэ.
Эбээлээх сиэн куустуһан, өссө өөр да өр суругу хаста да төхтүрүйэн ааҕа олордулар…
Арай остуол үрдүнээҕи түннүк нөҥүө туох эрэ хамсаабытыгар, Айаал ол диэки хайыста. Өҥө-түүтэ биллэ тупсан, улаатан-төрөлүйэн, оҕуруо харахтара чоҕулуһан, чооруос чыычаах барахсан хаарын тэбэнэн дабыдалларын сапсыммахтыы олорор эбит. Ол тэбэннэҕин ахсын, кырпай хаар үрүҥ көмүс кэриэтэ үрүллэҥнии ыһыллан, сандаархай күн уотугар араас өҥүнэн күлэ-үөрэ күлүмүрдүүр. Дьиэ иһиттэн иһиллибэтэр даҕаны, чооруос туһугар тугу эрэ чубугураан тумса чорбоҥолуур. Бука, төһө да тоһуттар тымныыга токуччу тоҥнор-хаттар, ийэ айылҕа барахсан хаттаан күүһүн ылынан өссө да тыллыан, кыыдаан кыһын кырыктаах кымньыытын тулуйан тыыннаах ордубут оҕолорун күөх сирэмҥэ көччүтүөн туойан эрдэҕэ.
Светлана Егорова.
Үөһээ Бүлүү.