Тоҥ чыыр – бастыҥ ас  

Ааптар: 
24.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыскалары С. Чупчурҕан уонна А. Яковлев тиксэрдилэр

Саргылаах саҥа дьылбыт чугаһаата. Онон Саха сирин олохтоохторо Саҥа дьыллааҕы остуолларыгар тоҥ балыгы кыһан уураары бэлэмнэнэллэр. Ол эрээри үгүстэрин хайдах, ханнык  балыгы талар ордугуй диэн боппуруос мунаардар.

“Мап-маҥан хатырыктаах, сырдык буолуохтаах”

Саҥа дьыллааҕы остуолга саха ыалыгар тоҥ чыыр бастыҥ миэстэни ыларын күүтэн, болкуоҥ­ҥа дуу, хочуоҥкаҕа дуу салапааҥҥа чороччу эриллэн сыттаҕа.

Саҥа дьыл киэһэ, итии ас-үөл кэннэ, “тоҥ балык сиэххэ” диэн саҥа аллайыы минньигэс­тик иһиллэр. Таһырдьаттан, туманы бүрүммүтүнэн  ойутан киллэрэн, кыһан барыллар. Хас биирдии киһи ону астыыр кистэлэҥнээҕэр саарбахтаабаппын.

Тоҥ балык бүлүүдэтигэр ханнык баҕарар хоту күөл балыга барсар. Өрүс балыга сыата арыый кыра буолар.

Тоҥнуу сииргэ икки-үс киилэлээх чыыр саамай минньигэс. Кыһарга да табыгастаах. Устурууската олус кыра да, олус улахан да буол­бат. Атыыга дэлэй. Сатаан талыахха эрэ наада. Мап-маҥан хатырыктаах, сырдык уонна ыраас буолуохтаах.

Бөлтөркөй, төгүрүк харахтааҕы талыллар. Тоҥ чыыр араҕастыйар дьүһүннээх буоллаҕына, бу сайыҥҥы балык, рефрижераторынан кэлбит диэххэ сөп. Тоҥ балык сөбүгэр бөкүнүк,  хаһа­лаах, сиһэ  сыалаах буоллаҕына минньигэс.

Ириэрбэккэ кыһар ордук

Тоҥ чыыры таһырдьаттан киллэрээт да, тута кыһар ордук. Ириэрбэккэ эрэ. Бастаан  тирии­тин араарыллар. Лапчааннарын бысталанар.  Саха быһаҕынан туттар ордук. Хотуобай кынчаалынан кыстахха, устурууската сүгүн эриллибэт. Сатаан кыһарга, биллэн турар, үөрүйэх наада. Саамай эмис миэстэтэ – хаһата. Ол иһин өрөҕөтүттэн кыһан саҕаланар. Ол аата, сииргэ саамай кэлин буолар гына, бүлүүдэ түгэҕэр ууруллар.  Төгүрүччү дуу, көнөтүк дуу кыһартан балык амтана тутулуга суох. Онон ким хайдах сатыырынан кыһар.  Халтарыйбатын диэн  хаптаһыҥҥа дьөлө хаһыллыбыт дьөлөҕөскө тумсунан туруоран туран кыһар табыгастаах. Билигин  балтурмас диэн тэрил баар. Балыгы туруоран кыһарга аналлаах мас. Үчүгэй тэрил диэн туттар дьон биһирииллэр.

Тус бэйэм ыһаарыламмыт эриэппэ луукка томат соуһун, хара биэрэһи, тууһу булкуйан, тума оҥосторбун ордоробун. Тоҥ чыыр усту­руускатын уймаан сииргэ олус минньигэс буолар.

Онон саргылаах Саҥа дьылбытын тоҥ балык­таах көрсүөҕүҥ!

Василий Аржаков, Ньурба.

Санаалар

“МУОРА УОМУЛУН ЭБЭТЭР КҮӨЛ ЧЫЫРЫН ТАЛАЛЛАР”

Евгений Иванов, научнай үлэһит:

– Саҥа дьыл чугаһаан, кырдьык, дьон хайдах балыгы талабыт диэн интэриэһиргииллэр. Биллэрин курдук, дьон үксэ муора уомулун уонна күөл чыырын сииллэрин ордорор. Муора уомулугар тохтоотоххо, бу балык Булуҥ улууһугар Быков Мыска, Таймылыырга уонна Аллайыаха Русскай Устьетыгар бултанар. Ол эрээри Русскай Устьеҕа муора уомулун аҕыйаҕы бултууллар, онон бэйэлэрэ сииллэр, манна атыыга кэлбэтэ буолуо дии саныыбын. Өлүөнэҕэ бултанар муора уомула үөннээх буолааччы, онон сэрэниэххэ наада. Үөннээҕин киһи көрөн сүүс бырыһыан кыайан быһаарбат. Үөн үксүн «миксоспоридия» буолар, киһиэхэ куттала суох курдугун да иһин, сииргэ соччото суох буолар. Өссө киһиэхэ сыстыан сөптөөх лентецтээх буолар.

Онон Саҥа дьыллааҕы остуолга сүрүн сиир балыкпыт – чыыр. Күөл киэнэ көрүҥэ кэтит, модьу буолар. Холобура, ырыынактан, маҕаһыынтан атыылаһаргытыгар кыра чыыры ылар буоллаххытына, төкүнүк быһыылааҕы, улаханы ыларгытыгар кэтит көрүҥнээҕи таларгытыгар сүбэлиибин. Кыһар балыккыт хайаан да сибиэһэй, сырдык буолуохтаах. Сорохтор хайыҥа хааннааҕа үчүгэй дииллэр эрээри, ол хааннаах буолара бултанар кэмигэр турбут күнтэн-дьылтан эмиэ тутулуктаах.

БАЛТУРМАС – АБЫРАЛЛААХ МАС

Мин дьиэбэр балтурмас диэн тоҥ балыгы кыһарга туттар тирэх мас оҥорбутум. Маны туһанан кыыһым сиир балыгын бэйэтэ кыһар буолла.
Бу бэҕэһээ кыыһым (хаартыскаҕа көрүҥ) чомугур (майаҕас) кыстан сиэбитэ.

Андрей Яковлев, Бүлүү.

“АЛДАН КИЭНИН ОРДОРОБУН”

Тоҥ балык диэн хотугу сир олохтоохторун бастыҥ аһылык­пыт. Саха сирин номоххо киирбит, бренд буолбут бүлүүдэлэриттэн биирдэстэрэ.
Сорохтор күһүн илимнээн ылбыт балыктарын тоҥорор тэрилгэ хам тоҥорон баран, кыһын онтуларын кыһан сииллэр. Үгүстэр ырыынактан атыылаһан, дьоро киэһэ остуолун киэргэлэ гыналлар.

Ол эрэн, саамай минньигэс тоҥ балык – кыһыҥҥы.

Кыһын сэтинньигэ муус аннынан бултаммыт чыыр, уомул, муксуун, тиистээх, тууччах, майаҕас, күндүөбэй, быраҥаатта, майгы, хатыыс тоҥнуу сииргэ ордук барсаллар.
Илимтэн балыгы арааран ылан баран, тумсуттан уонна кутуругуттан тутан мускуйа, имитэ түһүллэр. Тыал кутуругуттан үрэрин курдук мууска тоҥоро ууруллар. Имиттэххэ, хатырыга арыллар, тыал кэнниттэн үрдэҕинэ, түргэнник тоҥор. Бастаан арҕаһын уҥуоҕун, тириитин, лапчааннарын, өрөҕөтүн кыһыллар. Онтон төбөтүттэн саҕалаан, тириитин араарыллар. Тириитэ кэбэҕэстик хастыы тардан ылыллар. Ыраас таҥаска кыһар маһы ууруллар. Кутуругуттан саҕалаан ча­­раастык кыһыллар. Сөпкө кыстахха, устуруус көөбүлүн кэриэтэ эриллэн кэлэр. Кыһан баран, ньолбоҕор бүлүүдэҕэ сааһылаан ууруллар. Хара биэрэһинэн, бөдөҥ кыырпахтаах тууһунан тумалыыр ордук.
Билигин эдэрдэр хартыыһанан, соя соуһунан, эриэппэ луугунан, чусунуогунан, күөччүбүнэн, майаныаһынан тупсараллар. Этэргэ дылы, ким тугу сөбүлүүрүнэн.
Мин эмис майгыны кыһан сиири ордоробун. Алдан бөдөҥ, эмис майгыта чыырдааҕар минньигэс буолар.

Сар Чупчурҕан, Дьокуускай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0