Томтордооҕу ниобий баайдаах учаастагы бэрэбиэркэлээтилэр

21.07.2017
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин, Ил Түмэн, “Восток Инжиниринг” ХЭУо, Өлөөн улууһун уонна Дьилиҥдэ нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ Томтордооҕу ниобий баайдаах учаастакка сылдьан, вахтовай бөһүөлэги көрдүлэр. Учаастакка промышленнай үлэ ыытылла илик. Манна билигин харабыллар уонна дизелистэр бааллар.

edersaas.ru

Санатар буоллахха, Томтордооҕу сэдэх баайдаах сир учаастагын лицензиятын “Восток Инжиниринг” ХЭУо бас билэр. 2016 сыллаахха төһө сир баайа сытарын билэр, чуолкайдыыр геологическэй-чинчийии ыытыллан түмүктэммитэ. Билигин хостооһунун уонна тулалыыр эйгэҕэ туох дьайыылааҕын быһаарар бырайыактары оҥоруу барар.
Сэдэх баайдаах руданы үрдүттэн туһаҕа таһаарыы былааҥҥа турбат, ол оннугар хостоон ылан, тиэйии боппуруоһа быһаарыллыахтаах. Бу 2020 сылга олоххо киириэхтээх.
От ыйын 14-19 күннэригэр “Өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-анаалыстыыр экологическэй киин” исписэлиистэрэ Томтордооҕу учаастак сирин-уотун бэрэбиэркэлиир сыалтан, буор, уу боруобаларын ыллылар уонна радиацияны кээмэйдээтилэр.

Киин I категориялаах экспертэ Елена Гусева:Соҕуруу”, “Хотугу” уонна “Бураннай” диэн учаастактары бэрэбиэркэлээтибит. “Соҕуруу” учаастак киэнэ радиациятын фона чааска 0,18 мкЗв (микрозиверт) буолла. Оттон “Хотугу” учаастак киэнэ чааска 0,16 мкЗв тэҥнэһэр. Бураннай ол эбэтэр вахтовай бөһүөлэк чугаһа чааска 0,2 микрозиВертэн үрдээбэт.
Итини тэҥэ, хаһыллыбыт скважиналарга гамма сабардамын таһыма чааска 0,25 мкЗв тэҥнэһэр”, — диэн кэпсээтэ.

Хас да сыллаах бэрэбиэркэ түмүгүнэн, Томтордооҕу учаастакка, ортотунан, чааска 0,12 миЗв эбит.
СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин көҕүлээһининэн, 2014 сылтан бу учаастагы сылын аайы бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. Манна хайаан даҕаны Өлөөн улууһуттан уонна Дьилиҥдэ нэһилиэгиттэн бэрэстэбиитэллэр кытталлар.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0