Томтор нэһилиэгин дьоллоох ыала Көмүс сыбаайбатын бэлиэтээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Өймөкөөн улууһугар ЗАГС тэрилтэтэ 1936 сыллаахха Өймөкөөн нэһилиэгэр тэриллибитэ.

edersaas.ru

Оҥоһуллубут докумуон Дьокуускайынан эргийэр эбит. Онтон 1947 сыллаахха тэрилтэни Уус-Ньараҕа көһөрбүттэр. Дьэ, онтон ыла докумуон миэстэтигэр толоруллар буолбут.

Улуустааҕы ЗАГС салайааччыта Авдотья Кондакова бэлиэтииринэн, Тымныы полюһугар быйыл сыл аҥарыгар 29 кырачаан киһи күн сирин көрдө: 10 уол, 19 кыыс.

 Быйыл Томтор нэһилиэгин сис ыала Иннокентий Дмитриевич уонна Раиса Давыдовна Скрыбыкиннар бииргэ олорбуттара 50 сылын — Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.

Кинилэри Ил Дархан  эҕэрдэлээтэ. «Дьиэ кэргэҥҥэ дойдуга бэриниилээх буолуу, чугас киһиэхэ убаастабыл уонна эппиэтинэстээх буолуу курдук киһи бастыҥ хаачыстыбата иитиллэр. Эһиги тапталгыт бырааһынньыга өр сылларга тэнийдин!» — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэ тылыгар.

Улууспутугар киэн тутта кэпсиир ыалбыт үгүс.  «Өрөспүүбүлүкэ көмүс ыаллара» кинигэ сериятыгар Өймөкөөн улууһуттан хас да ыал оройуоммутун дорҕоонноохтук ааттаппытттара. Ол курдук,   2008 сыллаахха Томтортон Зинаида Ивановна уонна Прокопий Михайлович Егоровтар, 2010 сыллаахха Төрүттэн Меланья Дмитриевна уонна Константин Георгиевич Чачуалар, 2013  сыллаахха Төрүттэн Акулина Кононовна  уонна Семен Семёнович Егоровтар, 2015 сыллаахха Өймөкөөнтөн   Рахима Николаевна уонна Петр Петрович Атласовтар, Томтортон  Елизавета Ивановна уонна Юрий Михайлович Мельниковтар «Өрөспүүбүлүкэ көмүс ыаллара» кинигэ сериятын дьоруойдарынан буолбуттара. 

Бииргэ олорбуттара 50 сылын — Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит  Иннокентий Дмитриевич уонна Раиса Давыдовна Скрыбыкиннар СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир  ЗАГС Управлениетыттан «Килбиэннээх дьиэ кэргэн» бэлиэни туттулар, — диэн кэпсиир Авдотья Прокопьевна.

Өймөкөөн улууһун 100 сылыгар уонна Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу суолталаах сылыгар Томтор нэһилиэгин киэн туттар ыала дьоһуннаах  үбүлүөйдэрин бэлиэтээбиттэринэн эҕэрдэлээн туран, кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, санаабыттара барыта туоларыгар баҕарабыт!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0