Бэҕэһээ Сомоҕолоһуу күнүгэр Өймөкөөн улууһун Томторугар Улуу Өктөөп 100 сылыгар анаан нэһилиэккэ сэбиэскэй кэми санатар улахан бырааһынньык буолла.
edersaas.ru
Манна «Сэбиэскэй кэмҥэ эргиллии» быыстапка дьон болҕомтотун тарта. Ол курдук, кулуупка киирээти кытта уун-утары, дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт ыҥырыы былакааттар олохтоохтору суохтаабыттыы «көрсөн», ытык кырдьаҕастары ордук долгуттулар.
— Бу маннык тыллаах-өстөөх лозуннар төһөлөөх элбэх субуотунньуктарга, мунньахтарга дьону сомоҕолуу тарпыттара буолуой? Томтор олохтоохторо дьиэлэриттэн бэрт үгүс араас сэбиэскэй кэминээҕи тээбириннэри уура сылдьар кэллиэксийэлэриттэн аҕалан, быыстакаҕа кытыннылар.
Нэһилиэкпит киэҥ туттар киһитэ, кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Роза Дягилева ыстаада табаһыта киниэхэ тус бэйэтигэр бэлэхтээбит патефонун харыстаан, кэриэс гынан уура сылдьарын аҕалан көрдөрдө. Илиинэн эриллэн үлэлиир патефон билиҥҥэ диэри үлэлиир, бэрт былыргы ырыалардаах пластинкалардаах. Өссө ордук иннэлэрдээх, онтун уларытан биэрэ-биэрэ, былыргы ырыалары кыралыын-улаханныын сэҥээрэн иһиттибит.
Маны таһынан, сэбиэскэй кэм тиэмэтигэр аналлаах маарка, значок, артыыстар хаартыскалара, аккырыыкка арааһа элбэҕин сөхтүбүт. Сакыбайаас суумкаттан чох уган таҥас өтүүктүүр өтүүккэ, икки тутаахтаах баттах кырыйар массыыҥкаҕа, бэл, 1978 с. этикеткэлээх дьахтар сабыс-саҥа чулкутугар тиийэ баара сөхтөрдө. В.И.Ленин статуэткаларын, былакааттарын, хартыыналарын элбэх да киһи мунньа сылдьар эбит!
Онон бу муннук ордук элбэх кэллиэксийэни түмтэ. Дьон кичэллээхтик да уурунар эбит диэн сөхтүбүт.
Ааспыт дьоллоох уонна эйэлээх олохпутун санатан, «урукку, былыргы» диэн этэр историябыт биир кэрдиис кэмин утары уунан, быыстапкаҕа актыыбынай кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит, — диэн санаатын үллэһиннэ нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин чилиэнэ Дария Тихомирова.
Томтор нэһилиэгин олохтоохторо дьоро күн тэрилтэлэринэн кэнсиэрдээтилэр. 75- 80 саастаах ытык көлүөнэ дьон, ким олоппоско өйөнөн туран сололаан, ким хорга туран ыллаан, бу күн тус бэйэтинэн эмиэ Улуу Өктөөбү чиэстиир дьоллонно. «Сомоҕолоһуу күнүгэр сэбиэскэй кэминээҕи олохпутун ахтан-санаан ааһан, нэһилиэк дьоно олус сомоҕолоһуулаахпытын көрдөрдүбүт», — дииллэр Тымныы полюһун олохтоохторо.
Бу курдук бары улуустарга тыа сирин көхтөөх дьоно Улуу Өктөөп үбүлүөйдээх 100 сылын олус күргүөмнээхтик, дириҥ ис хоһоонноохтук тэрийэн ыыталлар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Дария Тихомирова хаартыскаҕа түһэриитэ.
—