Сынньана тиийбит оҕо сүттэ

Бөлөххө киир:

Билигин социальнай ситимнэргэ Томпо улууһугар Тополинайга 14 саастаах оҕо сүппүтүн туһунан сурах тарҕанна. Сибээскэ тахсан билбиппит, Тополинайга буолбакка, Теплай Ключ сэлиэнньэтигэр тиийбит оҕо сүппүт. Сайыҥҥы сынньалаҥар эбэлээх эһэтигэр тиийбит оҕо ыстаадаҕа тиийэн тыаҕа муммут диэн сурах тилийэ көттө. Теплай Ключ баһылыга Евгений Атаковтыын кэпсэттибит. Кини иһитиннэрбитинэн маннык:

— Оҕо сүппүтүн туһунан сураҕы мин бэҕэһээ саҥардыы иһиттим. Дьоно бэйэлэрэ көрдүү сатаабыттар. 14 саастаах уол эбэлээх эһэтигэр буолбакка, аймахтарыгар Баишевтарга ыстаадаҕа ыалдьыттыы кэлбит. Кэккэлэһэ ыаллыы ыстаадаҕа сылдьан баран төннөн иһэн сүппүт. Илин Хаандыга диэн эбэ уута туолан турар. Суола итиннэ кэлэн сүппүт.  Сүппүт сирэ биһиги нэһилиэкпититтэн чугас  Черный прижим диэн федеральнай суолтан чугас соҕус.  Оройуоммут баһылыга Яков Иннокентьевич Степанов бүгүн ыксаллаах быһыы-майгы буоларын биллэрдэ.  Бөлөхтөрүнэн арахсан оҕону көрдөөһүн үлэтэ барар. Квадрокоптер уларыстым. Быыһааччылар, полиция үлэһиттэрэ кэлбиттэрэ.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0