Томпо бырамыысыланнас киинин быһыытынан сайдыахтаах

02.08.2018
Бөлөххө киир:

Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бүгүн Томпо уонна Таатта улуустарыгар сылдьар. “Томпо оройуона Саха сирин илин өттүгэр бырамыысыланнас  киининэн буолуохтаах”, — диэн бэлиэтээтэ кини Хаандыгаҕа мунньах кэмигэр.

edersaas.ru

Айсен Николаев от ыйыттан улуустарга сылдьан социальнай-экономическай сайдыыларын стратегияларыгар мунньах ыытарын саҕалаабыта. Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саҥа “ыам ыйын ыйаахтарын”  уонна национальнай сыалы-соругу таһаарбытынан, Саха сирэ 2030 сылга диэри сайдыытын былааннаабыт стратегиятыгар уларытыы киллэриллиэхтээҕэ.
“Томпо оройуона 2032 сылга диэри сайдыытын торума баар. Ол эрээри ситэтэ суох курдук көрдүм. Томпо Саха сирин илин өттүгэр бырамыысыланнас  киининэн буолуохтаах. Бу оройуон өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһыгар  биир тутаах оройуоммут. Манна улахан хампаанньалар үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. Онон олохтоохтор олохторун тупсарар сыалтан билигин оройуон стратегиятын кытары кинилэр былааннарын дьүөрэлии тутуохпутун наада. Кэнэҕэскитин Томпо өрөспүүбүлүкэ уопсай сайдыытыгар төһүү буолуохтаах”, — диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ry

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0