Толору хааччыллыылаах дьиэлээх Ойуунускай

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Командирокаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһуга сылдьан, саҥа дьиэ тутуута элбэҕин олус сонургуу көрбүтүм. Мэктиэтигэр, биһиги сылдьар түөлбэбит сибиэһэй мас сытынан дыргыйарга дылыта.

edersaas.ru


Кэлин истибитим, үлэһит буолбут ыччаттар дойдуларыгар олохсуйардыы төннүбүттэр уонна саҥа дьиэ туттар эбиттэр.

Биһиги, суруналыыстар, үлэбит сүнньүнэн сурутууга тиэргэннэринэн сылдьар буолан, хайа баҕарар сөбүлүү көрбүт дьиэбитигэр киирэбит. «Сурутууга үлэлэһэ сылдьабыт», — диэтибит да, дьон үөрэ көрсөллөр. Мин бары дьиэттэн биир уратылаах тэлгэһэлээҕи бэлиэтии көрбүт төрүөтүм – сиртэн үрдэтиллэн тутуллубута  ­буолар.

Дьиэлээхтэргэ киирэн, сурутуу ыыта таарыйа матырыйаал хомуйа сылдьарбытын эппиппэр, хаһаайын хоско ыҥырда.

Аҕам инсуллаан ыалдьа сытар. Ону көрө-истэ сылдьабын. Манна кэпсэтиэх. Оҕонньор да сэргэхсийиэҕэ, — диэтэ. Ньургун Ойуунускайдыын ити курдук би­листибит.

Төрөөбүт дойду ахтылҕана

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо Ньургун Ойуунускай оскуолаҕа физика уонна үлэ уруогун учууталынан үлэлиир. Бастаан утаа араспаанньатын истэн соһуйбуппар: «Ити аҕабын иитэ ылбыт киһи арас­паанньата. Далыртан дуу, хантан дуу төрүттээх, оҕото суох дьон ылан ииппиттэр», — диэн быһаарда. Сэһэргэһээччим аҕатын туруоран, иккиэннэрин хаартыскаҕа түһэрдим.

— Ыал буолаат, эр киһи быһыытынан, тута дьиэҕин туттубутуҥ дуо?

— Устудьуоннуу сылдьан, 2007 сыллаахха 23 сааспар ыал ­буолбутум. Онтон үөрэхпин бүтэрэн баран, кэргэним дойдутугар Тааттаҕа баран биир сыл үлэлээбиппит. Кэргэним бэйэтэ Таатта Ытык Күөлүттэн төрүттээх. Социальнай педагог.

— Онтон манна, төрөөбүт Ороһугар, төннөн кэллиҥ?

— Эр киһи дойдутугар тардыһар буоллаҕа. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит: икки улахан убайдаахпын, икки эдьиийдээхпин. Саамай кыралара мин. Көһөн кэлээт, аҕам уонна убайдарым көмөлөрүнэн, 2011 cыллаахха ­дьиэбин туппуппут. Бэйэбит «шуруповертунан» көтөҕөр кыраан уонна пилорама оҥостубуппут. Инньэ гынан, биир сайын иһигэр тутан, ахсынньыга дьиэбитигэр киирбиппит.

— Тоҕо түргэнэй?

— Тыа сиригэр кэлэн олохсу­йар эдэр исписэлиистэргэ анал­лаах 350 тыһыынча солкуобай субсидия көрүллүбүтэ. Оччолорго биирдии бэйэбитигэр 175 тыһыынча солкуобай  этэ. Онон тутуу маһын киллэрэн, тутуубутун уһаппатахпыт. Бэйэбит дьиэ кэргэммит биригээдэтэ буолан, түргэн этэ.

Толору хааччыллыылаах дьиэ – кэм ирдэбилэ

Ороһуга тыа сирин учууталын дьиэтэ – толору хааччыллыы­лаах дьиэлэртэн биирдэстэрэ. Онон «бастакы хараҥаччы» диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол иһин, иҥэн-тоҥон ыйыталастым.

— Хас хостоох дьиэний?

— 8х12  миэтэрэ эргимтэлээх үс хостоох дьиэ. Эрдэттэн икки мэндиэмэннээх толору хааччыллыылаах гына бырайыактаабытым.   Аныгы үйэҕэ толору хааччыллыылаах дьиэ – кэм ирдэбилэ. Өссө биир саҥа толкуйум  — дьон дьиэтэ хам­наан, сиргэ тимирэрин иһин, ирбэтин диэн анаан таас блоктары аҕалан, биир миэтэрэ курдук үөһэ көтөҕөн  туттубутум.

— Ол иһин да ити киирэн иһэн көрдүм ээ, таас үрдүгэр турар дьиэ эбит дуу диэн. Эһиги диэки дьиэни маннык тутталлар дуо?

— Суох, нэһилиэкпэр соҕотох уонна бастакы маннык үөһэ көтөҕүллэн тутуллубут дьиэ.

— Бу диэки халааннаабат эбит дии. Тоҕо, итинник дьиэни туттубуккунуй?

— Ирбэт тоҥҥо тутуллар дьиэ, сир ирэригэр-тоҥоругар хам­наан, тимирэн киирэн барар. Оттон дьиэ сиртэн үөһээ турар буоллаҕына, хамнаабат уонна тоҥу ириэрбэт. Сөпкө толкуйдаабыт эбиппин. Уонча сыл тухары дьиэм хамнаабакка турар.

— Оттон сиртэн үөһээ турар буоллаҕына, муостатынан тымныйбат дуо?

— Суох, икки муосталаах дьиэ: хара муостатын таһынан өссө муосталаах. Кутуйах киирбэтин диэн аллараа муостаны бетонунан бүрүйбүппүт. Онтон пенополистиролу тэлгээбиппит. Аллараа өттүгэр салгын оонньооботун диэн “завалинка” курдук оҥорбутум.

— Толору хааччыллыылаах гына хайдах оҥорбуккунуй?

— Дьон тыа сиригэр толору хааччыллыыны киллэрэр уустук дии саныыллар. Гааһа суох сиргэ оннук да буолуо. Биһиэхэ гаас баар буолан, судургу. Мин, нууччалыы эттэххэ, “двухконтурнай” дэнэр оһоҕу туруорбутум.

Онон бэ­­йэтэ дьиэни сылытар, уутун эмиэ туспа сылытар сирдээх. Душ, таҥас сууйар аптамаат-массыына, туалет – куораттан туох да атына суох толору хааччыллыы барыта баар.  Абыранныбыт аҕай. Оһох оттор, мас мастыыр туһунан санаа сүгэһэр буолбат.

Тыа сиригэр олорор – дьол

Ньургун аҕата кинини, ыал кыра оҕото диэн атаахтаппакка, үлэҕэ үөрэппитигэр махтанар. Кэрэхсэбиллээҕэ, элбэх оҕолоох аҕа оҕолорун кэскиллэрин эрдэттэн өтө көрөн толкуйдуур эбит.

— Аҕаҥ эйиигин олох кыра эрдэххиттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэттэҕэ буолуо?

— Тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, аҕам Үөһээ Бүлүүгэ уһаайба ылбыта. Мин улааттахпына, иккиэн бииргэ олорор толкуйдаах. Онон миэхэ анаммыт сир буолан, икки сылааҕыта биир бы­­раатым көмөлөһөн, 7х12  миэтэрэ эргимтэлээх дьиэ туттубутум. Ону дьон маҕаһыын оҥостоору уларсыбыттара.

… Үөһээ Бүлүү эдэр ыала ити курдук быр-бааччы дьиэ туттан, ыалдьар аҕаларын көрөн-истэн олороллор. Ньургун Ойуунускай аҕатын удьуордаан уус бэрдэ эбит. Кини Бүлүү улуустарын зонатыгар ат сүүрдүүтүгэр иннин биэрбэтэх,  20 сааһын туо­луор диэри сүүрбүт “Туочука” диэн  муҥутуур чөмпүйүөн акка өйдөбүнньүк оҥорбут.

Онон “Туочука” ыраахтан маҥхайан, Ороһу нэһилиэгэр киирии аартыгар ыалдьыттары айхаллыы көрсөр.

Эдэр киһи ити курдук бэйэтин нэһилиэгэр эмиэ туһа, көмө киһитэ. Ньургун Ойуунускай кэпсэтиибитин: “Тыа сиригэр олорор – дьол. Төрөөбүт дойдугар үлэлии-хамсыы сылдьаргыттан ордук күндү туох баар буолуой?”, — диэн тылларынан түмүктээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0