«Толоон» бааһынай хаһаайыстыба олох очурдарыттан толлубат

30.12.2017
Бөлөххө киир:

Уус Маайаҕа сүөһү-ас кэмчи. Улуус үрдүнэн 1232 ынах сүөһүлээхтэриттэн ыанара – 387 төбө. Петропавловскай олохтооҕо Василий Иванов “Толоон” бааһынай хаһаайыстыбатыгар 30-тан тахса ынах сүөһүлээх буолан, улууска орто баайыылаахха киирсэр.

“Туймаада” хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, АККОР бэрэсидьиэнэ Александр Артемьевтыын ахсынньы 8 күнүгэр Уус Маайаҕа тиийэ сырыттахпытына, “Толоон” бааһынай хаһаайыстыба 17 ынаҕар, 1 атыыр оҕуһугар уонна 14 борооскутугар 4 ньирэй, бэлиэр, эбиллибит этэ. Ону Василий Гаврильевич: “Сэтинньи бүтүүтэ төрөөбүттэрэ. Биһиги туббалыыһаҕа уонна улуустааҕы киин балыыһаҕа эмтэнэр ыарыһахтары үүтүнэн-этинэн хааччыйар буоламмыт, үүтү быспат туһуттан, сорох ынахтарбытын эрдэ саптарабыт”, — диэн быһаарда.

Василий Иванов бааһынайын 1997 с. тэриммит. Кини кэргэнэ Нина Степановналыын сүөһүлэрин иккиэн көрөн олороллор. Күтүөттэрэ, олохтоох оскуолаҕа учууталлыыр улахан кыыстарын кэргэнэ, тыраахтары уонна уу баһар массыынаны сүүрдэн, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөр эбит. Ивановтар 2014 сыллаахха “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн сүөһү иитэр фермаларын сайыннарыы”  федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, 4 мөл. солкуобай суумалаах грант үбүн ылбыттарынан киэҥ-куоҥ хотон туттубуттар.

“Толооннор” аны бөһүөлэктэн аҕыс биэрэстэлээх сиргэ сайылык туттар-тэринэр баҕалаахтар эбит. Бааһынайдарыгар 204 гектар сирдээхтэрин аҥаарын докумуоннаппыттар. “Сүөһү үлэтэ ночооттоох. Харчы кэлэр даҕаны, курдары ааһар”, — диир Василий Гаврильевич. Ити гынан баран, сүөһү-ас кэмчи сиригэр ынахтаах ыалга күн аайы килиэп харчыта киирэ турарын билинэр. “Толоон” бааһынай хаһаайыстыба “Уус Маайа” потребительскай кэпэрэтиипкэ 30 туонна үүтү киилэтин 45-тии солкуобайга туттарарын таһынан бөһүөлэк ыалларыгар күннэтэ ким наадыйарынан 75-тии солкуобайга утары харчытыгар атыылаан харах таһаарынар.

Василий НИКИФОРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0