«Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа дьэндэйдэ

Ааптар: 
20.02.2022
Бөлөххө киир:

В.В. Никифоров Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа Уус Алдан Бороҕонугар бар дьоҥҥо арылынна. Дыбарыаска бибилэтиэкэ, 270 миэстэлээх улахан аактабай саала, үөрэҕирии хосторо бааллар. Аныгы тэрилинэн дыбарыас хааччыллыбыт.

Дыбарыас үөрүүлээх арыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. Кини бүгүҥҥү тэрээһин бүтүн өрөспүүбүлүкэҕа улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.

«Норуоппут кута-сүрэ чөл буоларын туһугар маннык кииннэри салгыы тутуохпут. Сотору кэминэн Намҥа саҥа култуура уонна духуобунас киинэ арыллыаҕа. Ньурбаҕа судаарыстыбыннай драмтеатр саҥа дьиэлэниэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Уус Алдан улууһун баһылыгар Алексей Федотов бэлиэтээбитинэн, култуура дыбарыаһа, 2018 сыллаахтан аахтахха, улууска 30-с социальнай объегынан буолла. Дыбарыаһы икки сыллааҕыта «АЛРОСА» хампаанньа харчытынан Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө тутан саҕалаабыттара.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Пресс-сулууспата

БЫЙЫЛ АЛРОСА ҮС КУЛТУУРА ЭБИЙИЭГИН ТУТАН КИЛЛЭРЭР

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0