“Тойон Кыыллаах” Нойукуоп

19.09.2018
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр “кинобум” салҕанар. Бүгүҥҥүттэн саҕалаан,  өрөспүүбүлүкэ  киинэ тыйаатырдарыгар, дьэ, күүтүүлээх-кэтэһиилээх “ТОЙОН КЫЫЛ” киинэбитин көрүөхпүт. Оттон, тоҕо “Нойукуоп”?! Саха норуодунай бэйиэтэ Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап бэйэтин “Нойукуоппун” дэнэрэ… Бүгүн биһиги, икки айар куттаах Нойукуоптартан биирдэһин — Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин кыайыылааҕынан буолбут “ТОЙОН КЫЫЛ” киинэ режиссерун Эдуард Новиковы билиһиннэрэбит.

 

Кытай кыраныыссатыгар…

 

— Эдуард, боппуруос судургу – кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный уонна эйигин киинэҕэ тиэрдибит суолуҥ хайдаҕый?

— Дойдум Хаҥалас, Хачыкаат. Билигин дьонум Нөмүгүгэ — Ойго олороллор. Ой орто оскуолатын бүтэрбитим. Иккис кылаастан сэттискэ диэри Сунтаар Бүлүүчээнигэр үөрэммитим. Онно эмиэ кылааһынньыктардаахпын. Оскуола кэнниттэн тута Сэбиэскэй аармыйаҕа барбытым. Алта ый “учебка” кэнниттэн Кытай кыраныыссатыгар сулууспалаабытым, онно байыаннай чааска 1,5 сыл устата повардаабытым, иккиэ буолан солбуһан, 150-нуу киһини аһатарбыт.  Аармыйа буоллаҕа – ханна аныылларынан, бирикээһи толороҕун. Сатаан астыыр туох куһаҕаннаах буолуой? Билигин ардыгар дьиэ кэргэммин, доҕотторбун күндүлүүбүн. Грузинскай бүлүүдэлэри сэҥээрэбин. Холобур, чахохбили. Амтаннаах уонна тотоойу…  Онон, сулууспа бэркэ ааспыта.

Саҥа идэ — оператор

 

— Аармыйа кэнниттэн табаарыспынаан,  үөрэххэ киирэр санаалаах, Дьокуускайга кэлбиппит. Ол саҕана, 90-с сыллар саҥаларыгар,  видео, видеоҕа устуу үгэнэ этэ. Онон, “мини-телеустуудьуйа оператора” диэн саҥа идэни  сэҥээрэн, ПТУ-7 үөрэххэ киирэн хаалбыппыт. Дьэ бу идэбинэн Саха тэлэбиидэнньэтигэр үлэҕэ ылбыттара. 1993 сыллаахха,  Татьяна Саввинованы —Танябын көрсөн, ыал буолбуппут. Арай биирдэ, оччолорго “Якутия” бырагыраамаҕа үлэлии сырыттахпына, соһуччу, Чурапчыга 2 нэдиэлэлээх командировкаҕа бараҕын, диэтилэр. Семен Ермолаев сценарийынан, режиссер Эллэй Иванов “Сэттээх сир” диэн киинэтин устар эбиппит. Уопуттаах оператор туох эрэ төрүөтүнэн кыайан барбат буолбут, миигинэн солбуйдулар… Онон, аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ, ыксалынан бэлэмнэнии буолла – хата оччолорго видеопрокат диэн баара, онно тиийэн, хайдах усталлар, уотун-күөһүн хайдах тутталлар эбит диэн, күннэри-түүннэри киинэ бөҕөтүн көрдүм… Арааһа, көмөлөстөҕө. Чурапчыга, Кындалга үлэлээбиппит. “Сэттээх сир” көрөөччү сэҥээриитин ылбыта. Онтон са­­наам көтөҕүллүбүтэ. Киинэни  устууга аан бастакы сүрэхтэниим ол этэ.

Онтон сыыйа “Айыы Уола” – ырыаһыт Александр Самсонов туһунан, Н.Габышев айымньытынан “Плисада”, Сэмэн Новгородов —“Лингвист”, Г.Ксенофонтов — “Ытык дабатыы”, хирург, мелодист И.Сивцев туһунан документальнай киинэлэри устубутум. 

“Таҥара”

— Эн хайыы үйэ дипломнай үлэҕинэн киинэ бэстибээлин лауреата буолбут этиҥ…

— Устудьуоннар киинэлэригэр “Бастыҥ киинэ” номинацияҕа лауреат буолбуппут. Күһүн этэ. Ол бэстибээлгэ барбатаҕым. Мин, 26 сааспар, өйбүн-төйбүн булбут киһи, Санкт-Петербурга үөрэнэ тиийдэҕим. Режиссер-оператор диэн экспериментальнай исписээлинэскэ киирэн хаалбытым. Үчүгэйдик үөрэммитим. Кэргэмминээн Татьяналыын иккиэн 5 сыл устудьуоннаабыппыт. Кини Санкт-Петербурдааҕы Римскэй-Корсаков аатынан Мусукаалынай училищеҕа үөрэммитэ. Сиэн Өкөр  сценарийынан “Таҥара”  дипломнай киинэбэр биир эрэ артыыс оонньуур – Михаил Скрябин. Итэҕэл туһунан киинэ.

“Саха итэҕэлин көрдөөтүм”

— Оттон, дьэ, бүгүн киэҥ көрөөччүгэ саҥа тахсар,  кыайыылаах киинэбит – “ТОЙОН КЫЫЛ” сүрүн идиэйэтин бэйэҕиттэн истиэххэ эрэ.

— Сахалар, биһиги, туох итэҕэллээхпитий, диэн… Бу, мин санаабар, үгүс киһини долгутар  боппуруоска хоруй көрдөөһүн… Ким эрэ, баҕар, хоруйу булуо. Көрөөччү бэйэтэ эрэ быһаарыа.

Бэйэм сэбиэскэй кэм оҕото буоллаҕым – өктөбүрүөнэк, пионер, хомсомуол…  Идеология баара. Хомуньууһуму тутабыт дии саныырбыт. Ол систиэмэ эмискэччи ыһыллан, аны тута хапыталыыһымҥа барбыппыт… Дьон мунар-тэнэр. Билигин идеология суох. Национальнай да идиэйэбит суох курдук…  Оттон ол аһаҕаһы-кураанаҕы дьон тугунан эрэ толоруон наада курдук. Маннык кэмҥэ  итэҕэлгэ хайыһар соһуччу буолбатах дии саныыбын. Киинэ итинник кыһалҕаны туруорар. Хоруйун хас биирдии көрөөччү бэйэтэ булуохтаах. Мин бу, киинэбит олоҕурбут, суруйааччы Василий Яковлев “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим”  кэпсээнин ааҕаат, тута сөбүлээбитим. Олус дириҥ, бөлүһүөктүү айымньы.

Итинтэн сылтаан ардыгар саныыбын: Биһиги суруйааччыларбытыгар үчүгэй айымньы үгүс. Тылбаас эрэ наада. Аны олоҥхолоохпут!  Тоҕо биһиги, омуктар — холобур, французтар, болгардар Саха сиригэр кэлэн устубуттарын курдук,  бэйэлээх-бэйэбит дойдубутугар, дьиэбитигэр-уоппутугар үрдүттэн олорон, маннык каассабай киинэлэри устубаппытый, диэн…

Барыта үбүлэниигэ кэлэн иҥнэ турар… Саха киинэтигэр систиэмэлээх өйөбүл наада.

— Бэстибээлгэ көннөрү дьон, көрөөччү реакцията хайдах этэй?

—Хотой – саха дьоно бары ытыктыыр көтөрбүт. Ити атын омуктарга эмиэ баар. Бу сайын Арассыыйа да куораттарынан элбэх бэстибээлгэ сырыттым. Холобур, Светлогорскайга – дьон сахалыы тыллаах киинэни тылбааһа суох көрөр. Ким да туран барбат. Барытын өйдүүллэр. Артыыстаргыт үчүгэйдик оонньууллар дииллэр. Киинэ уонна көрөөччү икки ардыгар туох эрэ көстүбэт ситим, сибээс үөскүүр…

Кырдьыгынан эттэххэ…

— Олох кырдьыгынан эт эрэ, Саха сиригэр “кинобум”  дии-дии,  саха киинэтин, киин сирдэртэн олус ыраахпыт эрэ иһин өйүүр, хайгыыр курдук буолбатахтар дуо, оннук санаа киирэн ылааччыта суох дуо?

—  Суох. Бэйэм производствоҕа быһаччы үлэлии сылдьар киһи көрүүбүнэн, биһигини ким да антах анаан өйөөбөт. Тоҕо инньэ диигин диэтэххэ, киинэ устууга федеральнай бырагыраама бөҕөтө баар – биһигиттэн ким даҕаны, билиҥҥитэ, кыайа илик! Онон, үбүлэнии чааһыгар хантан да, туох да өйөбүл суох. “Чыҥыс Хаан” уонна “Тыгын Дархан” курдук бөдөҥ бырайыактарга эрэ аадырыстаах үбүлээһин оҥоһуллубута…

Оттон биһиги өссө, сыананы “алдьата” сылдьар дьон, кинилэртэн сэмэлэниэхпитин сөп. Чэп-чэпчэки сыанаҕа киинэ уста сылдьабыт. Аҥаардас, “на голом энтузиазме” үлэлиибит. Оттон идэлээх дьон дьиэ кэргэттэрин иитиэхтэрин эмиэ наада эбээт. Бу – бүтүн производство. Биир режиссер, биир оператор, биир артыыс биир хоско устар киинэтэ буолуо суохтаах. Хаһааҥҥа диэри, холобур,  реквизити — былыргы саха иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын, туттар сэбин-сэбиргэлин мусуойтан дуу, биирдиилээн дьонтон дуу, ааттаһан-көрдөһөн, уларса сылдьыахпытый?! Бу — бүтүн индустрия буолуохтаах. Биһиэхэ Саха сиригэр ол сабыс-саҥа кэлэн эрэр… Оттон “кинобум” диэн сөпкө этэллэр. Эдэр дьон, араас ньымалары булан, киинэ бөҕөтүн усталлар, араас бэстибээллэргэ кыайаллар. Ити олус үчүгэй.

“Оскарга” барбатыбыт

—Киинэҥ “Оскарга” барбатаҕыттан хомойдуҥ дуу, суох дуу?

—Эс, суох. Сэрэйиллэр этэ. Американскай “Оскарга”, үгэс быһыытынан, улахан үбүлээһиннээх киинэлэр кытталлар.  Биһиэнэ эппиэттэспэт буоллаҕа… Уонна “Оскарга” барар “Собибор” киинэ,  идиэйэтин ааптара – РФ култууратын миниистирэ Мединскэй бэйэтэ…

—Кэпсээниҥ иһин махтал! Саха киинэтигэр ситиһиилэри! 

 

Сэмсэ тыл

 

Семен ЕРМОЛАЕВ-Сиэн ӨКӨР, драматург, киинэ сценариһа, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ:

— Эдуард 1996 сыллаахха, “Сэттээх сир” диэн Эллэй Иванов режиссердаан, мин сценарийын суруйан, устубут киинэбитигэр, кинооператордаан турар. Онтон үөрэҕин бүтэрэригэр, мин “Таҥара” диэн пьесабынан дипломнай киинэтин устан, хас да киинэ бэстибээлигэр лауреаттаабыта. Онтон ыла биһиги бииргэ үлэлээн, “Ыыт миигин дойдубар”, “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык” диэн уус-уран, “Осуохай — танец жизни” диэн документальнай киинэлэри уһуллубут. Онон, “ТОЙОН КЫЫЛ” диэн киинэбит — бу сүүрбэччэ сыл анараа өттүттэн саха киинэтигэр  бииргэ үлэлээн кэлбит үлэбит түмүгэ буолар.  Эдуард туруорбут сыалын ситиһэр,  тулуурдаах, үрдүк ирдэбиллээх айымньылаах үлэһит. Манан тохтоон хаалар санаабыт отой суох. Иннибит эрэ диэки барабыт!

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru


Ыспыраапка:

Новиков Эдуард Алексеевич

1971 с. Хаҥалас улууһун Хачыкаат с. төрөөбүтэ.

1989 с. Ой орто оскуолатын бүтэрбитэ.

Икки сыл аармыйаҕа сулууспалаабыта.

Дьокуускайдааҕы 7№-дээх ПТУ-га үөрэнэн, “Мини-телеустуудьуйа оператора” диэн саҥа идэни ылан баран, “Саха” НКИХ операторынан үлэлээн, идэтин баһылаабыта.

Санкт-Петербурдааҕы Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ институтун бүтэрээт,

2001 с. “Сахафильм”-ҥэ үлэлии кэлбитэ.

Кэргэннээх, икки оҕолоох, сиэннээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0