Бүгүн Арассыыйаҕа Киинэ күнүн бэлиэтиибит. Онон сибээстээн, үтүө сонуну иһитиннэрэбит: үбүлүөйдээх 40-с Москватааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин (ММКФ) “Кыһыл көмүс Сибэтиэй Георгий”-ын ылбыт, бэстибээл Гран-при лауреата “Тойон Кыыл” (“Царь-Птица”) киинэни Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар балаҕан ыйын 19 күнүттэн көрүөхпүт. Бу туһунан «Сахафильм» хампаанньа инста-страницата суруйар.
https://www.instagram.com/p/Bm-EqjAnHqg/?taken-by=sakhafilm
Киинэ туруорааччы-режиссера — Эдуард Новиков, сценарий ааптара — Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр, продюсер Сардаана Саввина, сүрүн оруолларга — Зоя Попова, Степан Петров. Киинэ сценарийын Семен Ермолаев суруйааччы Василий Яковлев “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” кэпсээнинэн суруйбута.
Сиэн Өкөр өссө 90-с сыллардаахха, суруйааччы “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” айымньытын интэриэһиргээн, Чурапчыга тиийэн Василий Яковлевтан бэйэтиттэн, тыыннааҕар, киинэ устарга көҥүл ылбыт эбит. Элбэх сыл ааспытын кэнниттэн, киинэ устарга ордук тоҕоостоох кэм үүммүтүгэр, суруйааччы дьиэ кэргэниттэн өссө төгүл көҥүл ыланнар, бу киинэ, дьэ, олоххо киирбит. edersaas.ru