Муус устар 30 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ, үбүлүөйдээх 40-с Москватааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын (ММКФ) “Кыһыл көмүс Сибэтиэй Георгий” –ын ылбыт, фестиваль Гран-при лауреата “Тойон Кыыл” (“Царь-Птица”) киинэни устубут айар бөлөҕү кытта көрсүһүү буолла.
edersaas.ru
Пресс-конференцияны СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин иилээн-саҕалаан ыытта. Кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар: СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов, “Сахафильм” дириэктэрэ Дмитрий Шадрин, киинэ туруорааччы-режиссера Эдуард Новиков, сценарий ааптара Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр, продюсер Сардаана Саввина уонна кылаабынай оруоллары толорооччу артыыстар Зоя Попова, Степан Петров. Итиэннэ пресс-конференцияҕа, айар бөлөх сүбэһитэ, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, этнограф Прокопий Ноговицын кыттыыны ылла.
Киинэ сценарийын Семен Ермолаев суруйааччы Василий Яковлев “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” кэпсээнинэн суруйбута. Бу көрсүһүүгэ Василий Васильевич олоҕун аргыһа, кэргэнэ Клавдия Трифоновна Яковлева-Кулаковская кыттыыны ылла, тыл эттэ. Кини бу киинэ суруйааччы Василий Яковлев аатын үйэтитиигэ биир дьоһуннаах хардыынан буолар, диэн, айар бөлөххө махталын биллэрдэ.
Сиэн Өкөр өссө 90-с сыллардаахха, суруйааччы “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” айымньытын интэриэһиргээн, Чурапчыга тиийэн Василий Яковлевтан бэйэтиттэн, тыыннааҕар, киинэ устарга көҥүл ылбыт эбит. Элбэх сыл ааспытын кэнниттэн, киинэ устарга ордук тоҕоостоох кэм үүммүтүгэр, суруйааччы дьиэ кэргэниттэн өссө төгүл көҥүл ыланнар, бу киинэ, дьэ, олоххо киирбит.
Владимир Тихонов, култуура миниистирэ:
—Саха киинэтэ бу улахан кыайыытынан аан дойду билиниитин ылла диэн сыаналыыбыт. Бу – биһиги уопсай кыайыыбыт! Бырабыыталыстыба, Култуура министиэристибэтэ «Сахафильм» баазатын тупсарыыга элбэҕи оҥорор – билигин бу саҥа оборудованиелаах, павильоннаах, былассааккалаах, аныгылыы оҥоһуулаах тэрилтэ. Үбүлээһинэ сыллата улаатар, өссө улаатыаҕын баҕарабыт. Бу кыайыы эмискэ кэлбэтэ, бу – биһиги кинематографистарбыт араас үрдүк таһымнаах киинэ фестивалларыгар кыттыыларын түмүгэр кэлбит ситиһии. Бу кыайыы “Сахафильм” иннигэр өссө үрдүк соруктары туруорар уонна эдэр айар үлэһиттэргэ, режиссердарга барыларыгар холобур буолар.
Дмитрий Шадрин, «Сахафильм» дириэктэрэ:
—Бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар, Култуура министиэристибэтигэр, Саха академическай тыйаатырыгар махталбытын биллэрэбит. Биһиги бу кыайыыга 25 сыл устата айаннаан кэллибит. Бу, эмиэ да олус үчүгэй, эмиэ да, киһи саллыан курдук. Соһуччу. Сэмэнниин, долгуйуу бөҕөтө буолан олорбуппут, киһи да итэҕэйиэ суоҕун курдуга. Бириис барыта бүттэ дии санаабыппыт… Дьэ онтон доҕоор – Кыайыы! Биһиги кыайдыбыт!.. Билигин биһиги өссө күүскэ үлэлиэхпит!
Эдуард Новиков, туруорааччы-режиссер:
— Семен Никонович сүбэтинэн, мин бастаан айымньыны аахпытым, сөбүлээбитим. Онтон 2015 сыллаахха “Сахафильм”-ҥа уларыйыылар киирбиттэрэ. Биһигини өйөөбүттэрэ. Василий Яковлев кэргэнэ, уола, айымньыны экранизациялыырбытыгар көҥүл биэрбиттэрэ. Семен Никонович сыл иһигэр сценарийын суруйан бүтэрбитэ. Хамсааһын тахсыбыта. Онтон мин суруйааччы Василий Яковлев дойдутугар Чурапчы Болтоҥотугар сырыттахпына, продюсер Сардаана Саввина телефоннаабыта уонна биһиги киинэбитин Москватааҕы киинэ фестивалын бырагырааматыгар киллэрбиттэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Билигин санаатахпытына – бу Бэлиэ эбит.
Семен Ермолаев, сценарий ааптара:
—Урут киинэ устар тиэхиньикэ билиҥҥи таһымтан быдан ыраах этэ. Биһиги, Эдуард Санкт-Петербурдааҕы Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ институтун бүтэрэн кэлбитин кэннэ, бу киинэ туһунан эмиэ толкуйдаан барбыппыт… Тоҕо диэтэххэ, сахаларга бу курдук, киинэ буолар айымньы – атын суох! Бу дириҥ бөлүһүөктүү айымньы.
Зоя Попова, СӨ үтүөлээх артыыската, сүрүн оруолу толорооччу:
—Кыахпытынан оонньоотубут… Тымныыны, кыараҕаһы аахсыбакка, ардыгар хаарга, сыарҕа үрдүгэр да чээйдээн, бу оҕолору, былыргы олоҕу хайдах билэллэрэ эбитэ буолла, өйүүр баҕалаах, тугу этэллэрин барытын толорон, үлэлээтибит. Мин урут Ньурба тыйаатырыгар үлэлиир кэммэр, дойду киин куораттарын тыйаатырдарыгар сылдьан, көрө сөҕөн, маннык үчүгэй оборудованиелаахпыт эбитэ буоллар, биһиги даҕаны кыайыахпыт-хотуохпут этэ, дии санаталыыр этим… Кириитиктэр киинэни олус ымпыктаан-чымпыктаан, дьэ сатаан ырыталлар эбит. Профессиональнайдык. Ол туһалаах. Биһиэхэ, киинэҕэ, тыйаатырга эмиэ, наар хайҕабыл буолбакка, итинник кириитикэ наада эбит.
Степан Петров, норуодунай тыйаатыр артыыһа, сүрүн оруолу толорооччу:
— Мин 8 сааспыттан сценаҕа тахсыбытым. Бүлүү улууһун, 100 саастаах биир түгэх нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Хаҥаласка олоробун. Киинэ устуутугар, көрдөххө судургу курдук да, уустуга элбэх. Режиссер этиитин толороҕун, биирдэ эмэ бэйэҕиттэн киллэрээри гыннаххына, “манна тыйаатыр буолбатах…”, — дииллэр. Дубль бөҕөтө. Үлэ бөҕөтө. Түмүгэр дьэ бу ситиһии кэллэ… Миигин киинэҕэ “дуруускалаабыт” киһибэр Прокопий Романович Ноговицыҥҥа махтанабын! II Дьөппөнүм олохтоохторугар, акция-кэнсиэр тэрийэн, киинэ бэстибээлигэр ыыппыттарын иһин олус махтанабын! Киһи үйэтигэр маннык дьол тосхойор эбит!
Иван Пономарев, Кытаанах нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа үтүөлээх фермерэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ:
—Суруйааччы Василий Васильевич Яковлев 1934 сыллаахха Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, 1942 сыллаахха, дьонун кытта хоту Кэбээйигэ күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ барбыта. Онтон тыыннаах эргиллэн кэлэн, Кытаанах оскуолатыгар үөрэммитэ. Ынах тириитэ атах таҥастаах Омскай куоракка тиийэн, үрдүк үөрэххэ ситиһиилээхтик үөрэнэн, инженер-гидротехник идэтин баһылаабыта. Айар үлэтин устудьуоннуу сылдьан саҕалаабыта. Кинини ардыгар суруйааччы Даланы кытта бутуйааччылар. Василий Яковлев “Өрүстэр кирбиилэригэр” диэн тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин үлэһит дьонун туһунан бастакы улахан айымньыны суруйбута. “Уот иитиитэ” диэн сахалар бырамыысыланнаска үлэлэрин туһунан эмиэ бастакы дьоһуннаах арамааны суруйбута. “Сардаҥа ардаҕа” диэн космофизиктар тустарынан эмиэ үчүгэй айымньылаах. Бу тиэмэҕэ атын ким суруйбута биллибэт. Улуус Мунньаҕар туруорсаммыт, харчы көһөрбүттэрэ, онон, бу киинэ уһуллуутугар Чурапчы улууһа кылааттаах.
Пресс-конференция бүтүүтүгэр айар бөлөх кыттыылаахтара суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар уонна бары күргүөмүнэн хаартыскаҕа түстүлэр.
Продюсер Сардаана Саввина, сахаларга быйыл Хотой Айыы сыла диэтэ. Кини иһитиннэриитинэн, киинэ премьерата Саха сиригэр аны күһүн буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, бу, Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивала биир саамай кырдьаҕас фестиваль буолар. Фестиваль бэрэсидьиэнэ — Никита Михалков. Быйыл, Италия продюсера Паоло Дель Брокко бэрэссэдээтэллээх норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллүүр сүбэ, 67 араас дойдуттан киирбит 300-тэн тахса киинэни көрбүт, сыаналаабыт. Дьэ манна сүрүн бирииһи ылары ситиһии — дьиҥнээх улахан кыайыы! Артыыстары, айар бөлөҕү эҕэрдэлиибит!
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru