Тойбохойго көмүс куоластаах Анатолий Андреевка стела аһылынна (видео)

Бөлөххө киир:

Өссө 2021 сыллаахха, САССР 100 сылын көрсө Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин олохтоохторугар Ыҥырыы сурук тарҕаммыта.

edersaas.ru

ЫҤЫРЫЫ:

«Биһиги эһиил, 2022 сылга, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһы ылыммыта 100 сылын бэлиэтээри олоробут. Бэлэмнэнии үлэлэр нэһилиэк  аайы бара тураллар. Онно мэҥэһиннэрэн, биһиги даҕаны нэһилиэкпитин киэҥ эйгэҕэ ааттаппыт дьоммутун дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарарга үлэни ыытыахтаахпыт дии саныыбын.
Ол курдук, кинилэртэн биирдэстэрин — биһиги нэһилиэкпитин, улууспутун өрөспүүбүлүкэ таһымыгар дорҕоонноохтук ааттаппыт, Магадан, Дьокуускай, Мииринэй куораттарга араас таһымнаах бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ ураты чөллөркөй куолаһынан дьон-норуот биһирэбилин ылан, үгүстүк лауреат, дипломант буолбут, «Мииринэй эйэ туһунан ыллыыр” бэстибээлгэ улуу нуучча норуотун бэрэстэбиитэллэрэ “Саха соловейа” диэн норуодунай ааты иҥэрбит Анатолий Яковлевич Андреевы үйэтитэргэ нэһилиэгинэн күүспүтүн түмэн хамсааһыны таһаарыахха диэн этии киллэрэбин», -– диэн ис хоһооннооҕо.


Тойбохойдор олус ытыктыыр, үтүө үлэһит киһилэрэ, Тойбохой уонна Тэҥкэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Валерий Петрович  Илларионов дьоһуннаах этиитин биир дойдулаахтара иилэ хабан ылан, үйэлээх дьыалаҕа кыттыспыттара түмүктээх буолбутуттан  үөрүүлэрэ муҥура суох.
Муус устар 16 күнүгэр, оруобуна Анатолий Андреев төрөөбүт күнүгэр, Тойбохой сэлиэнньэтигэр Клара Степановна уонна Александр Васильевич Тихоновтар ааттарынан «Кыталык» кулуупка үөрүүлээх түгэн тосхойдо. САССР 100 сылын көрсө норуот таптыыр ырыаһыта Анатолий Андреевка бэлиэ стела туруорулунна. Үтүө дьыаланы көҕүлээн, ыра санаатын олоххо киллэрбит Валерий Илларионов бу да иннинэ улуус үтүө, үлэһит дьонугар анаан, бэйэтин баҕатынан өссө хас да өйдөбүнньүк бэлиэлэри оҥотторбутунан биллэр.


Стела үөрүүлээх аһыллыытыгар Тойбохой олохтоохторо, ыалдьыттара уонна ырыаһыт бииргэ төрөөбүттэрэ, доҕотторо, аймахтара уо.д.а.кытыннылар.
Стеланы арыйар чиэс олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Семен Олегович Михайловка, Валерий Петрович Илларионовка,  ырыаһыт бииргэ төрөөбүттэриттэн Розалия Яковлевнаҕа бэрилиннэ.
Семен Олегович: «Бүгүн биһиэхэ бэрт мааны, сүдү күн үүннэ. Тойбохойбут биир биллэр киһитэ, көмүс куолаһа Анатолий Яковлевич Андреев сырдык кэриэһин үйэтитэр стеланы арыйар күммүт», -– диэн туран нэһилиэк баһылыгын уонна олохтоохтор ааттарыттан махтал суруктары Валерий Петрович Илларионовка, Туйаара Васильевна Еремееваҕа, Владимир Николаевич Ивановка, Анатолий Александрович Поповка, Григорий Кириллович Яковлевка, Владимир Николаевич Ивановка, Вера Софроновна Чоросоваҕа туттарда.


Бииргэ төрөөбүт балта Розалия Яковлевна:
«Бүгүн Толя төрөөбүт күнэ. Кини Тойбохойу иккис дойду оҥостон, оҕолоро манна улаатан, Тойбохойун аһара таптыыр этэ. Манна кэлэн Клара Степановна көмөтүнэн ырыаһыт быһыытынан биллэн-көстөн барбыта. Убайбытын дьон сэргэ күн бүгүҥҥэ диэри ахта-саныы сылдьарыттан киһи долгуйар. Кини аатын үйэтитэргэ үп-харчы хомуйбуккутугар биһиги бары наһаа долгуйдубут, маннык түргэнник бачча элбэх киһи кыттыһыа дии санаабатахпыт…  Толя наһа үчүгэй доҕоттордооҕун, элбэх ытыктыыр дьоннооҕун биллибит. Эһиэхэ түмсүүлээххитигэр, Толябытыгар ытыктабыллаах сыһыаҥҥытыгар махтанабыт», -– диэтэ уонна Илларионовтар дьиэ кэргэттэригэр  махтал суруктары туттарда.


«Норуот күүһэ -– көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр.  Норуот күүһүнэн оҥоһуллубут 40 х 60 см кээмэйдээх маҥан керамогранитка олордуллубут хаартыскатын анныгар «Андреев Анатолий ЯковлевичСаха көмүс куоластаах Ырыаһыта 16.04.1951 – 22.03.2004 с.с.» диэн суруллубут. Лавр венок үөһээ өттүгэр ырыаһыт буоларын кэрэһилиир ырыаһыт чыычаах олорбут, 50х100 см хара билиитэҕэ кыра быһаарыы суруктаах. Стеланы куораттан Петр Валерьевич Илларионов босхо аҕалбыт. Туруорааһыҥҥа сыбаарка үлэтин ДьУоКХ учаастагын маастара Анатолий Александрович Попов, сварщик Григорий Кириллович Яковлев оҥорбуттар. Холустаҕа мэтириэтин (кулууп иһигэр уурулунна) Санкт-Петербурга, өҥнөөх керамикаҕа мэтириэтин Уралга оҥорторбуттар. Үп-харчы хомуйуутугар, сүүрүүгэ-көтүүгэ Валерий Илларионов кэргэнэ Вера Софроновна Чоросова үлэлэспит.

«Тойбохой, Бордоҥ, Тэҥкэ, Сунтаар олохтоохторуттан Москва олохтоохторугар тиийэ 92 киһи кыттыһан, 110 тыһыынча хомуллан, ыра санаабыт олоххо киирдэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр култуура сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэн үлэлээн ааспыт дьоммутун маннык үйэтитэн истэхпитинэ, бэйэтэ туһунан аллея буолуо этэ. Федеральнай суолунан айаннааччылар да ыраахтан сөҕө-махтайа, сүгүрүйэ көрүө этилэр», -– Валерий Петрович биир норуот тапталлаах ырыаһытын  үйэтитэргэ үп-харчы хомуйан, кылааттарын киллэрбиттэригэр ис сүрэҕиттэн махтанар.
Силигин ситэрэн,  бэлиэ стела таһыгар кэлэн олорорго, сынньанарга уонна ырыаһыкка  сүгүрүйэн ааһарга аныгылыы оҥоһуулаах  бэртээхэй ыскамыайка ууруллубут.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күн  Анатолий Андреев көмүс куолаһа күөрэгэй буолан көттө, ырыалара ыраахха диэри иһилиннэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0