Тойбохойго — духуобунас киинэ, Туойдаахха — саҥа суол

28.12.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин олохтоохторугар үөрүүлээх түгэн. Өр сылларга туруорсубут кэтэһиилээх, күүтүүлээх духуобунай кииннэрин дьиэтин тутуута үтүө дьыала бырагырааматынан тутуллан үлэҕэ киирдэ.

edersaas.ru

Бу барыта Тойбохой нэһилиэгин саламтата, олохтоохторо бары ситиһиилэрэ буолар. Дьон-сэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Сунтаар улууһун саламтатыгар, чуолан улууспут аҕа баһылыгар Анатолий Григорьевка махталлара улахан.


Бу күннэргэ Туойдаах нэһилиэгин суолун-ииһин боппуруоһа быһаарылынна. Бу суол оҥоруутун кыратык сырдатан ааһар буоллахха, үбүлээһинэ улуус бүддьүөтүттэн, ол эбэтэр дивидиэн харчытынан «Сунтаарцеолит» ХЭТ Туойдаах — Сунтаар хайысхатынан 16 килэмиэтир уһуннаах суолу оҥордулар.

Суол аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр Туойдаах нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа өр сылларга туруорсубут боппуруостара быһаарыллыбытын этэн туран, Анатолий Григорьев оччолорго улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан үлэлии олорон суол оҥоруутугар улахан болҕомтоҕо ууран, билигин үлэтин тиһэҕэр тиэрдибитин иһин улаханнык махтанна.

Тимур Иванов, «Эдэр саас» сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0