Сунтаар улууһугар үгэскэ кубулуйбут “Айан күрэх” ыытыллыбыта. Бу күөн күрэс араас түһүмэхтэртэн турар. Манна фольклорга, булт этиттэн астааһыҥҥа, араас быыстапкаларга күрэстэстилэр. “Айан күрэх” Сергей Зверевкэ-Кыыл Уолугар анаммыт буолан, бары түһүмэхтэр улуу ырыаһыт дьарыгын, идэтин көрдөрүөхтээхтэр, кэпсиэхтээхтэр. Холобур, кини туһунан уруһуй быыстапката, былыргы уонна аныгы ыһыахтары көрдөрөр быыстапка, о.д.а.
Кэнсиэргэ тойук, олоҥхо, оһуохай, үҥкүү, чабырҕах барыта киирэр. Бу түһүмэхтэри барытын баалынан сыаналыыллар. “Айан күрэххэ” улуус нэһилиэктэрэ бары кытталлар. Түөлбэлэринэн, тэрилтэлэринэн түмсэн, элбэх киһи кыттар. Бу кэннэ уопсай баал туруоруллан, ыһыах кэмигэр наҕараадалыыллар.
Сергей Афанасьевич бэйэтэ бэртээхэй булчут этэ. Онон былыргы булт тэрилин мусуойдартан уларсан, аныгы тэриллэри дьонтон хомуйан, эмиэ быыстапка оҥорбуттар. Оттон ас күрэһэр урут сылгы, ынах этиттэн сахалыы бүлүүдэлэри астыыр буоллахтарына, быйыл булт этиттэн астааҥ диэн сорудахтаабыттар.
Тойбохой нэһилиэгэр 2000 кэриҥэ киһи олорор. Аркадий Алексеев аатырдыбыт ырыатынан, киэҥ нэлэмэн сыһыыларынан, мусуойдарынан, оҕо дьиэтинэн, туруу үлэһит дьонунан биллэр.
Тойбохойдор эрдэттэн хантан булт этин ылары сүбэлэспиттэр. Нэһилиэк ыалларыттан хомуйбуттар, оннооҕор Дьокуускайтан, Мирнэйтэн, Светлэйтэн тиийэ ыыттарбыттар уонна тэрилтэлэринэн, ыалларынан ким тугу астыырын үллэрбиттэр. Биир да ыал туора турбатах. Кыһыҥҥы саппаастарын барытын хостоон, уопсай дьыала туһугар туран биэрбиттэр. Дьэ, ол түмүгэр 430 араас бүлүүдэ астаммыт.
Собо хаана, мэйииттэн паштет…
Туох-туох суоҕай, манна? Киһи оҥорон көрөр өйө баай, киэҥ да буолар эбит! Саха дьахтарын сатабылын сөҕөн эрэ кэбиһэҕин. Ону тэҥэ, биһиги дойдубут, кырдьык да, сүүрэр атахтааҕынан, тылбыйар кынаттааҕынан, булт маанытынан хадаҕалыыр да эбит диэн киэн тутта саныыгын.
Барыта 7 улахан остуолга баппат ас тардыллыбыт. Бүлүүдэлэри барытын сахалыы иһиккэ, кытыйаларга, чорооннорго, уо.д.а. киэргэтэн, сыа-сым курдук тутан уурталаабыттар. Оһуордаах ыскаатардарын да умнубатахтар.
Саха сиригэр баар балык арааһа: собо, чыыр, сыалыһар, муксуун, уомул, сордоҥ, күстэх, мунду, барыта манна баара! Ыһаарыламмыт, фарштаммыт, ууга, паарга буспут, үөлүллүбүт, бүскүтүллүбүт, бөрүөктэммит, кэтилиэттэммит, алаадьыламмыт, салаакка буккуллубут… Ону тэҥэ ураты бүлүүдэлэри айан таһаарбыттар.
Собо хаана диэн бүлүүдэни амсайбыккыт дуо? Собо оһоҕоһун сууйан баран, испирииһинэн ынах хаанын куппуттар… Хабаҕар искэҕин кутан ыһаарылаабыттар. Собо тылын саламаакка да булкуйбуттар, үтэһэҕэ да үөлбүттэр. Биир үтэһэҕэ төһө тыл киирэрэ буолуой? Мындыр үлэ диэтэҕиҥ… Тэриэлкэҕэ баппат Кэбээйи соболоро лиһигирэспиттэр. Аҥардас соботтон 30-тан тахса бүлүүдэ астаммыт, биир остуолу толору киэптээбит. Кырдьык да, собо барахсан саханы саха гыммыт, күчүмэҕэй күннэригэр үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт мааны ас буоллаҕа.
Улар куртаҕыттан, быарыттан, сүрэҕиттэн халбаһыны, кэтилиэти оҥорон, мэйиититтэн паштеты, этиттэн бэрэскигэ, голубцыга, шашлыкка тиийэ араас аһы астаабыттар. Биир күтүр улахан улары бүтүннүү буһаран, остуол үрдүгэр дархаһыппыттар. Ону тэҥэ куртуйах, куруппааскы, бочугурас, кус, хаас этэ эмиэ астаммыт.
Таба, тайах этиттэн 100-тэн тахса бүлүүдэ астаммыт. Туга да ордубакка, бүүс-бүтүннүү барыта туһаныллыбыт. Таба төбөтүн бүтүннүү буһаран, тылыттан “заливной”, халадьыас, саламаат оҥорбуттар. Таба иһэ ынах курдук соморсолоох, сылгы курдук харталаах буолан, ону кытта сиһин үөһүн кырбаан, оһоҕоһугар кутан, халбаһы оҥорбуттар. Ириис эбэн, билиинчиккэ суулаан, туспа бүлүүдэ айбыттар.
Манна лагманы, люля-кебабы, духуопка оһоххо бүскүйэ буспут тэллэйдээх “запеканканы”, араас кэтилиэти, шашлыгы ааҕа да барбаккын. Оннооҕор таба мунна бэртээхэй ас эбит. Эһэ этэ, сыата эмиэ мааны ас буолбут. Аҥардас миин арааһа биир остуолу баһылаабыт. Дьэ, уонна, ама, Байанай бэлэҕэ, саха аһын арааһа аҕыйах диэн мыыныахпыт дуо?
Бары – уопсай дьыала туһугар
Тойбохой курдук улахан нэһилиэккэ кулууп суох, саҥа тутулла сылдьар. Онон оҕо дьиэтин спортивнай саалатыгар остуоллары тардыбыттар. Хас биирдии бүлүүдэ ааттаах, табличкалаах эбит. Нэһилиэк дьоно бары кэлэн кыттыбыттар, амсайбыттар. Быһата, норуот бырааһынньыга буолбут.
Мария Саввинова, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, тэрийээччи:
- Нэһилиэк хаһаайката барыта кыттыста диэн бэлиэтиэххэ наада. Ордук үлэтэ суох олорор ийэлэр түмсэ түстүлэр. Тэрилтэлэринэн мустан астаабыттара. Бу күннэргэ хас биирдии ыал уопсай дьыала туһугар бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Билиҥҥи туругунан, бары түһүмэхтэргэ муҥутуур 120 баалтан 118,9 баалы ылан, бастаан иһэҕит дииллэр. Маннык күрэхтэһиилэр дьону түмэллэр, сомоҕолоһууну үөскэтэллэр.