Соторутааҕыта Тойбохой оскуолата бэйэтэ “валюталаах” диэни истэн улаханнык соһуйан турабын. Чахчытын билээри, Сунтаар улууһун Тойбохой орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы, ТОЙбаан үлэтин тэриллиэҕиттэн салайар Вера Максимованы кытта сибээстэһэ сырыттым. Ыйытыыбын бигэргэттэ эбээт!
Экэниэмикэ хайысхалаах
Биир дойдулаахтара, Тойбохой оскуолатын бастакы выпускнига, СГУ финансовай-экэнэмиичэскэй институтун оччотооҕу дириэктэрэ Анатолий Афанасьевич Попов сүбэтинэн, Тойбохой оскуолата экэниэмикэ хайысхатын өссө 1996 сыллаахтан тутуспут. Арассыыйа ырыынак экэниэмикэтигэр көспүт сылларыгар оҕолорго, нэһилиэнньэҕэ экэниэмикэ тутулун, ырыынак систиэмэтин ис туругун үөрэтэргэ, үп эйгэтин билэр буолан тахсалларыгар сирдиир сорук турбут. Ити курдук, “Воспитание качеств грамотного потребителя и организатора услуг рыночной системы” диэн бастакы тиэмэлэрин ылынан, оскуола учууталлара бары турунан үлэлэрин саҕалаабыттар.
Төрүттээччилэр — оҕолор
2002 сыллаахха, биир үтүө күн Вера Петровна Максимова экэнэмикэҕэ уруогар хамнас ааҕыллыытын тиэмэтин барбыттар. Оҕолор хас биирдии суоттаммыт садаача аайы хамнаста төлөө диэн этии көтөхпүттэр. Онтон Вера Петровна оччотугар хамнас ааҕыллар систиэмэтин толкуйдааҥ диэн сорудахтаабыт. Өр-өтөр гымматахтар, 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ Гриша Каженкин, Андрей Путров, Айвар Антипин ылсыбытынан барбыттар. Ол курдук, маҥнай үлэ уонна үөрэх ааҕыллыытын систиэмэтин толкуйдаабыттар. “Үөрэх туһунан киһи өссө сурунаалтан ааҕан билэр. Үлэ уонна атын хаамыыны хайдах гынан сыаналыыбыт диэн боппуруос күөрэйдэ. Оҕо үөрэҕин таһынан, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга, өрөспүүбүлүкэ, улуус, оскуола, кылаас тэрээһиннэригэр кыттар. Ону бэрт судургутук эрээри, сөптөөхтүк сыаналыыр систиэмэни тобулбуттара. Оскуола иһинээҕи тэрээһиҥҥэ кытыннаҕына – 5 баал, нэһилиэк иһинээҕигэ – 10 баал, улуус иһинээҕигэ – 15 баал. Ити курдук, кытыннаҕын аайы биэстии баалынан эбиллэн иһэр. Онтон кыттан баран миэстэлэстэҕинэ 5, 10, 15 баал өссө эбиллэр. Арассыыйаҕа тиийэ кытыннаҕына 30 баал кытта ааҕыллар. Ити курдук бааллаан систиэмэтин оҥорбуттара” – диэн 2003 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри таһаарыылаахтык үлэлии турар ТОЙбаан бырайыак айыллыбыт устуоруйатын кэпсиир.
ТОЙбохой диэнтэн сиэттэрэн
Үөрэнээччилэр харчыларын Тойбохой диэн нэһилиэктэрин аатыттан сирдэтэн ТОЙ диэн ааттаабыттар. Онон “ТОЙбаан” диэн бырайыак айыллан тахсыбыт. Итэҕэтиилээх буоларын туһугар валютатын эмиэ оҥорбуттар.
Кылаастар – фирмалар
Аны ити систиэмэни барытын ааҕар кыһалҕата турбут. Маныаха даҕаны оҕолор иҥнэн турбатахтар, кылааһы барытын фирма диэн ааттаталаабыттар. Оччолорго 23 кылаас-кэмпилиэк баар эбит. Кылаас аайы буҕаалтырдары, аудитордары анаабыттар. Итиэннэ нэдиэлэ түмүктэннэҕин ахсын аудиоторскай сурунаалга барытын тиһэн испиттэр. “Бэйэбит даҕаны сөҕүөхпүт иһин саҥаттан-саҥаны толкуйдаан, тобулан таһааран испиттэрэ. Аудиторскай сурунаалга оҕолор бэрээдэктэрин, кылаас төһө бэлэмнээҕин көрөн учуутал сыана туруорар. Инньэ гынан, ол сурунаал оскуола иһигэр бэрээдэги кэһии, хойутааһын, уруок толоруллубатаҕын барытын ырылыччы көрдөрөн, туспа кэтээн көрөр (мониторинг) сурунаалыгар кубулуйда”, – диэн санаатын үллэстэр.
Түмүк – сылга иккитэ
Кылаастарынан сыһыарыллыбыт оҕолор эбээһинэстэрин толору ылынан, барытын көтүтүүтэ суох сурунаалга толорон иһэллэр эбит. Нэдиэлэ бүтүүтүнэн баалларын ааҕаллар. Чиэппэр түмүгэр хамнастарын түмэллэр. Сылга иккитэ түмүгү таһаараллар. Миэстэни үс бөлөҕүнэн (алын, орто, улахан сүһүөх) араараллар эбит. Саҥа дьылга уонна Бүтэһик чуораан тэрээһинигэр оскуола дьаһалтата кылаастарынан туспа наҕарааданы туруорар – бириэмийэ эбэтэр туорт.
Рейтинговай мониторинг
17 сыл тухары бу рейтинговай система оскуола иһинээҕи үлэ-хамнас хаамыытын барытын кэтээн көрөр мониторинг буолбут. Оонньуу халыыбынан барар ырылхай мониторинг барыта оҕолор бэйэлэрин санныларыгар сүктэриллэр. “Инньэ гынан, бэрээдэк да көннө, үөрэххэ кыһаллыылара, ситиһиилэрэ даҕаны үрдээтэ. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр буолан “2” сыананы ылар даҕаны оҕо аҕыйаата, үөрэх хаачыстыбата кэнники сылларга 60-70 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Урут хаачыстыба 43-47 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэрэ”, — диэн Вера Петровна үөрэ кэпсиир.
Оҕо хамнас аахсар
Аны үөрэнээччилэр ааҕыллыбыт баалынан хамнас аахсаллар. Аудиторскай сурунаалга сигэнэн, хас биирдии оҕо уопсай сууматын таһаараллар. Саамай элбэх баалы ылбыт кылаастан биир оҕоҕо Бүтэһик чуорааҥҥа нэһилиэк иһинээҕи тэрилтэлэр бэлэхтэри, истипиэндьийэлэри туттараллар эбит. Күн бүгүн 19 кылаас кэмпилиэк баар, онон 19 оҕо бириэмийэҕэ тиксэр. “Тэрилтэлэрбит бу үлэни сэргиир буолан, олус көхтөөхтүк көмөлөһөллөр. Бүтэһик чуораан чугаһаата даҕаны кимиэхэ биэрэбитий диэн бэйэлэринэн ирдэһэллэр”, — диэн дириэктэри солбуйааччы олохтоох тэрилтэлэргэ, эргиэмсиктэргэ махталын биллэрэр.
Төрөппүт көҕө эмиэ учуоттанар
Ханна баҕарар төрөппүтү оскуола олоҕор сыһыарар сорук турар. Кистэл буолбатах, аныгы төрөппүт бу дьыалаҕа улаханнык кыттыһыан баҕарбат. ТОЙбаан бырайыак биир үчүгэйэ диэн, төрөппүттэр кылаас, оскуола, улуус тэрээһинигэр төһө көхтөөхтүк кытталлара барыта учуоттанар, баалынан ааҕыллар эбит. Ол эбэтэр, төрөппүт кытыннаҕына оҕо ылбыт баала икки бүк үллэ түһэр. Онон төрөппүккэ эмиэ интэриэс үөскээбит.
11 сыл мунньуллар харчы
Сыл бүтүүтэ баал харчыга кубулуйан, хас биирдии оҕоҕо ааҕыллар. Сорохтор 7-9 тыһыынчаҕа тиийэ аахсаллар эбит. Кылаас салайааччыта кимиэхэ төһө суума ааҕыллыбытын иһитиннэрэн туран, төрөппүттэргэ кибитээнсийэлэри туттарар. Төрөппүт оҕото оскуолаҕа киирээтин кытта кини аатыгар баан каартатын арыйар. Уонна сыл аайы кибитээнсийэҕэ ыйыллыбыт сууманы оҕотун каартатыгар уган иһэр. Инньэ гынан, бастакытынан, оҕотун үөрэххэ көҕүлүүр. Иккиһинэн, оҕото үөрэххэ туттарса барарыгар анаан 11 сыл устата харчы мунньар. Онон төрөппүттэр үөрүүнэн кытталлар эбит. “Биллэн турар, маҥнай утаа харчыбыт суох диэн счет арыйбат төрөппүттэр балачча элбэхтэр этэ. 17 сыл тухары үгэскэ кубулуйан, төрөппүт үксэ харчы кыралаан мунньарга талаһар”, – диэн этэр.
ТОЙбааны атыттар сэҥээрэллэр
Тустаах бырайыагы элбэх оскуола сэҥээрбит эбит. Ол курдук, Тойбохой уһуйаана иилэ хабан ылан, кырачааннар араас тэрээһиннэргэ кытталларын, төрөппүттэр көмөлөһөллөрүн көҕүлүүр буолбуттар. Аны Тойбохой оскуолатын кытта “Тэтим” “ТЕМП” (Технология единой мобильной программы) бырайыакка үлэлэһэр Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улууһун, уопсайа, уонтан тахса оскуола, ТОЙбааҥҥа ханыылыы бырайыагы олоххо киллэрэ сылдьаллар эбит. “ТЕМП” инновационнай бырагыраама билигин Политехнологическай култуура оскуолата диэн түһүмэххэ тиийбит. Бырагырааманы дириэктэри научнай-мэтэдиическэй үлэҕэ солбуйааччы Пальмира Егоровна Леонтьева салайар. Научнай салайааччы — педагогика билимин хандьыдаата, отучча кинигэ ааптара, мэтэдиис, “Сатабыл” ааптара, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС уонна Арассыыйа үөрэхтээһинин, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Петр Петрович Кондратьев. Быйыл Ньурба улууһун оскуолата кыттар баҕалааҕын биллэрэн, сайаапка суруйбут. Онон бырайыак өссө кэҥиир чинчилээх.
Арай…
Арай, оскуола үлэһиттэрэ “Оскуола үөрэнэр, билии ылар сир, тугун эмиэ хамнаһай, баанай” диэбиттэрэ эбитэ буоллар, бука, бу бааны олоххо киллэрбит ол үс оҕо билигин урбаан эйгэтигэр үлэлиэх этилэр дуо? Тойбохой оскуолатын үөрэнээччилэрэ 100 бырыһыан үөрэххэ киириэх этилэр дуо? Саарбах! Аны билиҥҥи курдук нэһилиэнньэ ортотугар үп-харчы эйгэтин билии намыһах кэмигэр, хайа эрэ өттүнэн төрөппүтү эмиэ үөрэтэр оруоллаах. Оскуола иитэр, үөрэтэр, сомоҕолуур күүһэ манна сытар эбээт. Онон эргиччи табыллыбыт бырайыак диэн биһириэх уонна хайаан даҕаны атыттарга холобур быһыытынан кэпсиэх тустаахпыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru