Тоһуур (кэпсээн)

Ааптар:  Никита Новгородов, Кириэс-Халдьаайы, Томпо улууһа
12.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

(олоххо дьиҥ буолбут түбэлтэ)

Атырдьах ыйын бүтүүтэ. Ардаҕа суох сылаас ылааҥы күннэр тураллар. Учаастак милиисcийэтинэн үлэлии сылдьабын. Биир өрөбүл күн «тапталлаах» төлөпүөнүм тыаһаата. Биһиги курдук идэлээх дьоҥҥо төлөпүөн үчүгэйгэ тыаһаабат. Дьиэ кэргэммин кытта биир өрөбүлбүн тэҥҥэ атаарбат буоллум диэн тута сэрэйдим. Буоларын курдук дьуһуурунай эрийэн, мин учаастакпар «Берёзка» (аатын улларыттым) диэн маҕаһыыны түүн халаабыттарын туһунан иһитиннэрдэ.

Тута хомуна охсон ол маҕаһыыҥҥа тиийдим. Дьуһуурунай чаас уолаттара, силиэдэбэтэл, эксперт-криминалист үлэлии — хамныы сылдьаллар эбит. Ыйыталаспытынан, быһылаан буолбут сирин көрбүтүнэн-истибитинэн бардым. Бу нэдиэлэҕэ үһүс маҕаһыын халанна. “Биир дьон уорара саарбаҕа суох”, — диир силиэдэбэтэл Дима. Наар бородуукта уоруллар. Биир дьыл бу маҕаһыын турар сиригэр эбэ улаханнык халааннаабыта. Ол иһин, чугас эргиннээҕи дьиэлэргэ ким даҕаны олорбот. “Хаһаайын хамнастаах харабылы үлэлэтэр кыаҕым суох”, — диир.

Чугас ыаллар көһөн хаалан, табыгаһа суох сиргэ хаалан, сабыллар аакка баран эрэрин туоһулаата. Уоруйахтар ону билэр буолан, уулусса өттүнэн киирэр аан туорай тимирдээх күлүүһүн субуйа тардан киирбиттэр. Балайда элбэх бородуукта сүппүт. Дьааһыгынан «Доширак» лапса, батон сакалаат, бэчиэнньэ, кэмпиэт, кэнсиэрбэ… Таһырдьа тахсан маҕаһыын иннинээҕи сири чинчийдим. Массыына кэлэн барбыт сибикитэ суох. Ол аата илиинэн тастахтара. Уоруйахтар хас да буолан сылдьыбыттар диэн түмүккэ кэллим. Аан туорай тимирин көрбүтүм, токуруйан хаалбыт эбит. Мас ааҥҥа лом суола хаалбыт.

Олох куттаммакка сылдьыбыттар. Маҕаһыыҥҥа төттөрү киирэн криминалист Олегы кытта кэпсэттим. Туһаҕа барар суол — иис суох диэн быһаарда. Тоҕо эрэ итиччэ элбэх дьааһыгы ыраах илдьибэтэхтэрэ буолуо диэн санаа төбөбүттэн төрүт арахпат.

“Подворнай обход” оҥоро бардым. Маҕаһыын кэннигэр баар уулуссаҕа халаан уутун кэннэ иччитэхсийбит дьиэлэр кэчигирэһэн тураллар. Мин бу дьиэлэри барытын кэрийэн чинчийэр былааннаахпын. Бастатан туран, маҕаһыын олбуоругар ыкса турар, Сэбиэскэй кэминээҕи эргиэн тэрилтэтин икки улахан ампаара турарыгар тиийдим. Бастакы ампаары өҥөйөн көрдүм — туох да суох. Онтон иккис ампаарым диэки атыллаан иһэн, хараҕым кырыытынан көрө түспүтүм, дьааһыктарым бу тураллар! Сүрэҕим мөхсө түстэ, иэдэстэрим итийэн ыллылар. Хайыһа түспүтүм, ампаардар икки ардыларыгар икки киһи нэһиилэ батар хайаҕаһа баарыгар, уоруллубут дьааһыктарым бу кыстанан тураллар эбит! Тута уолаттарга рациянан биллэрдим. Дьааһыктарга чугаһаан, ол эрээри илиибинэн тыыппакка көрүтэлээтим. Чахчы уоруллубут дьааһыктар. Ол бириэмэҕэ дьонум аҕылаһан сүүрэн кэллилэр.

Силиэдэбэтэлгэ: «Тыытымыахха, осмотру билигин оҥорумуохха”, — диэтим. Уоруйахтар төннөн кэлэллэрэ чахчы, онон кэтээн, тоһуур оҥоруохха диэн түмүккэ кэллибит. Мин хаалар буоллум. Силиэдэбэтэлим: “Холуобунай ирдэбил уолаттарын булан көмөҕө, солбукка ыытыам”, — диэтэ. Атын дьыалаҕа ханна эрэ үлэлии сылдьаллар этэ.

«Рациябын арааран баран олоруом, кэллэхтэринэ үстэ сөтөллөн, кэлбиттэрин биллэриэм», — диэтим, уонна саһар сир көрдөнөр аакка түстүм. Ампаардарга саамай чугас турар дьиэ балай да тэйиччи турар буолан биэрдэ. Ампаардар кэннилэригэр тахсыбыппыт, урукку эргиэн тэрилтэтин быраҕыллыбыт хаптаһын сарайа турар. Онно иһирдьэ киирбитим «улуу» дойду эбит. Кимнээх эрэ “тахсан киирэр сир” оҥостубуттар. Эбиитин били сиргэ тэп диэбиккэ дылы, ыт өлүгэ сытар. Сытыйан бүппүт эрээри, сыта-сымара «мааны». Хаптаһын быыһынан көрбүтүм, дьааһыктарым бу сыталлар. Барыта көстөн турар — ким киирэрэ-тахсара.

Кэтииргэ мантан ордук табыгастаах сир суох эбит. Төһө да сиргэннэрбин, манна кэтиир эбиппин диэн быһаарынным. Испэр холуобунай ирдэбил опердара сотору солбуйа кэлэллэр ини диэн эрэнэ күүтэбин. Группа уолаттара кэтиир «точкабын» өҥөйөн көрөн күлүстүлэр эрээри, истэригэр эр санаабыттан сөҕөллөр быһыылаах. Сирэйдэригэр көстө сылдьар. Дьонум «Удачи!» эҥин дэһэн баран, суоллара сойдо.

“Сарсын отдел күлүүтүгэр барар буоллум”, — диэн санаабытынан сарайым таһыгар туран хааллым. Ол эрээри, булчут хааным онньоото, син биир ньоҕойдоһор санаалаахпын. Сарайым иһигэр киирэн турдум. Олорор сир суоҕа чахчы, оннук санаа киирбэт даҕаны. Балайда өр турдум. Киһи наадыйдаҕына бириэмэ баран испэтэ сүрдээх. Саатар чаһыыта суох кэлбит эбиппин. Таһырдьа өссө даҕаны сырдык. Сырдыкка кэлбэттэр ини диэн, таһырдьа тахсан салгын сиэн, сүһүөхтэри сынньатан хааматалаабыт киһи, диэн санаа киирдэ эрээри, туттуннум. Аны, баҕар, тиийэн кэлиэхтэрэ.

Хаптаһын быыһынан таһырдьаны көрөбүн, тиийэн кэллэхтэринэ хайдах хамсанарбын былаанныыбын. Сарайым аана ампаар өттүгэр буолбакка, утары өттүгэр. Онон дьааһыктарга сарайы эргийэн тиийэбин. Аны туран тыаһа суох тиийиэххэ наада. Сарай тула араас былыргы бөх, кэнсирбэ баанкалара эҥин ыһылла сыталлар. Дьэ ону хайдах тыаһа суох туора түһэрим буолла дии саныы турдахпына, халлааным хараҥаран барда. Дьэ уһуннук турбуппун. Муннум ыар дьаардаах сыкка син үөрэннэ эрээри, атаҕым тилэхтэрэ ыалдьан бардылар. Биир атахпын көтөҕөн сынньатабын, онтон иккис атахпынан солбуйабын.

Оннук «үнкүүлүү» турдахпына таһырдьа ыас хараҥа буолла. Опердарым сыттара да суох. Испэр үстэ сөтөллөр тыаһы, уоруйахтарбынааҕар ордук кэтэһэр буоллум. Ол туран бэйэбин туораттан санаан көрдүм. Собус-соҕотоҕун ыас хараҥаҕа, ыар сыттаах быраҕыллыбыт сарай иһигэр турарбын дьон көрдөҕүнэ өйдүө суоҕа этэ. Халлаан, хата, сылаас буолан абыраата, былытырда быһыылаах. Харах тэстэр хараҥата буолла. Аны туран өйдөөн кэлбитим — фонаригым суох эбит.

“Абаккам эбит! Хайдах эрдэ өйдөөбөтөҕүм буолла!”, — диэн абара саныы турдахпына, дьааһыктарым диэки тыас иһилиннэ. Мин ону иһиллээн кулгаах иччитэ буоллум. Тыыммат да алдьархайа буолла. Уу-чуумпу. Кулгаахпар сүрэҕим тэбэрэ эрэ тохтоло суох охсор. Сыыһа иһиттим быһылаах диэммин өрө тыынан эрдэхпинэ, дьон сибигинэһэн кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ. Хаптаһын быыһынан хараҕым аһыйыар диэри көрө сатыыбын. Хараҥата бэрт, туох да көстүбэт. Тыаһа суохтук бэстилиэппин кобуратыттан хостоон, тымныы тимири илиибэр бобо туттум. Буруһууна курдук ыгыллан турабын.

Долгуйуу кытаанаҕа. Дьонум дөрүн-дөрүн тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр. Онтон эмискэ фонарик холбонно. Уот сырдыгар көрдөхпүнэ үһүөлэр быһыылаах. Биир киһи ампаар анараа өттүгэр фонаригынан сырдатар. Оттон икки киһи ампаардар икки ардыларыгар дьааһык диэки турар. Фонарик көхсүлэригэр тыгар буолан сирэйдэрэ көстүбэт. Тугу эрэ сибигинэстилэр даҕаны, биирдэстэрэ дьааһыктарга чугаһаан кэлээт, аһы хонньутугар симиммитинэн барда. Кэннигэр турар киһитэ тугу эрэ сибигинэйэр.

ъ“Маны ыл, итини ыл”, — диир быһыылаах. “Үчүгэйдик «хаалана» түспүтүн кэнниттэн тахсыам”, — диэн былааннана турабын. Бүттэ быһылаах, дьааһыгы сабар, сыҕарытар тыаһа иһилиннэ. Дьэ, саҕаланна! Атаҕым төбөтүгэр үктэнэн, таьырдьа сыбдыйан таҕыстым. Маныаха диэри тыаһа суох иһэбин, сөп үчүгэй! Таһырдьа хараҥата бэрт буолан, туох эрэ баанканы үктээн кэбиһэн тыаһаан кэбистим. Дьэ куоттарар буоллум дии санаатым даҕаны, бэлэһим хайдарынан хаһытаан бытарыттым уонна дьааһыктарбар бэстилиэппин былаах курдук өрө туппутунан биирдэ баар буола түстүм. Дьонум дьэ кытаанах куотуу буоллулар. Фонариктаах киһим ампаар кэннигэр түстэ – хабыс-хараҥа буола түстэ. Биир эмиэ куотта быһыылаах. Ону эккирэтээри, били хоонньутугар ас хааламмыт киһибэр күүскэ кэтиллэ түстүм. Уолуйан туран хаалбыт быһыылаах.

Кэтиллибит күүспэр киһим тиэрэ эһиллэ түстэ. Мин тохтоло суох тугу эрэ хаһытыыбын, өйдөөһүн суох. Манан түстэ быһыылаах диэммин киһим үрдүгэр ыстанным. Хата сыыспатым, көхсүтүгэр баран түстүм. Илиитин булан көхсүн диэки тардыбытым, оҕо илиитэ эбит! Соһуйан хааллым. Саҕатыттан харбаан атаҕар туруордум. Сиэптэрин көрдум. Хата уҥа сиэбигэр фонарик баар эбит. Ону ылан, дьэ, сырдатан көрдүм. Уон үстээх эҥин уол оҕо. Куттанан салыбырас буолан хаалбыт. Биир кэм тугу эрэ ботугуруур. Өйдөбүтүм бэстилиэппин тута сылдьар эбиппин. Хайдах эрэ кыбыһынным, уонна кобураҕа төттөрү уган кэбистим. Оҕобун нэһиилэ уоскуттум. Рациянан дьуһуурунайга сибээскэ таҕыстым. Группа кэлэрин кэтэһэ олорон оҕо барытын кэпсээн биэрдэ. Хас маҕаһыыны халаабыттарын, «доҕотторо» кимнээҕин. Үс буолан дьиэлэриттэн күрээбиттэрэ нэдиэлэттэн ордубут.

Бөһүөлэги икки аҥы араарар үрэх муостатын анныгар «дьиэтийэ» сылдьыбыттар. Кэлин онно тиийбиппит, ый-күн ыһыаҕын ыспыт этилэр: уоруллубут ас, арыгы бытыылкалара, баанкалар өрөһөлүү ыһыллыбыт этилэр. Саамай киһи сөҕөрө диэн, үһүөн тоттук олорор, үлэһит дьон оҕолоро эбиттэр. Кэлин доппуруос кэмигэр төрөппүттэрэ: «Оҕолор бу даҕаны иннинэ күрүүллэр этэ, ол эрээри, буларбыт, эбэтэр бэйэлэрэ төннөн кэлэллэр этэ», — диэн быһаарбыт этилэр. Уон түөрт саастарын туола илик буоланнар дьыала тэриллибэтэҕэ.

Ол сэһэргэһэ олордохпутуна опергруппа тиийэн кэллэ. Уолаттар эҕэрдэ бөҕө, тохтоло суох санныбын таптайаллар, хайҕыыллар. Ол эрээри, мин үөрүөхтээҕэр төттөрүтүн санааҕа баттатан хааллым, кыра саастаах оҕолор итинник быһыыларыттан… Дьиэбэр халлаан сырдыыта тиийбитим. Кэргэним, кыракый уолчааным утуйа сыталлар. Суунан-тараанан, уолбун сүүһүттэн сыллаан баран аттыгар сыттым. Уум кэлбэт. Аныгы үйэ дьалхааныгар тэптэрэн, солото суох аатыран, оҕолорбутуттан тэйдэр-тэйэн иһэбит. Ол түмүгэ ити. Оҕо саас биирдэ бэриллэр. Ийэҕэ, аҕаҕа наадыйар кэмнэригэр элбэх бириэмэни оҕолорго аныах баара. Биир сири уһуннук көрөн баран сыттым. Аттыбар уол оҕом барахсан, миигин кууһан баран, биир тэҥник минньигэстик тыынар…

P. S: Ол түүн миэхэ түбэспит уол кэнники эмиэ уорууга хаста даҕаны түбэһэн хаайыыга барбыта. Ханна тиийээхтээтэҕэ эбитэ буолла? Икки «доҕотторо» ити кэннэ тупсубуттара. Билигин киһи сиэринэн, үлэһит дьон буолан сылдьаллар.

+1
7
+1
2
+1
0
+1
2
+1
6
+1
4
+1
8