…Кырдьаҕас эдьиийдэрэ тиийэн кэллэ.
Атаҕа ыалдьан, түөрэҥэлээн хаамар. Бэйэтэ да ыалдьа сыппыт эрээри, кыһалҕа кыһайан, оронтон туран кэлээхтээтэҕэ. Уонча хаамыыны оҥороот, мэйиитэ эргийэн, тэмтэрийэн тиийэн, остуолтан, аан холуодатыттан тайана түһэр. Аһаҕас сиргэ, ким да суоҕар, сууллан түһэр кыахтаах, кутталлаах киһи…
Дьиэлээхтэр саба түһэн, остуол тардан чэйдэттилэр. Кэпсэтии кыайан тахсыбата. Бары тугу эрэ кэтэһэр курдуктар, дук-дах тутталлар, ботугураһан кэпсэтэллэр. Хайдах айаннаабыттарын, суол хайдаҕын, эдьиий оҕолоро хайдах олороллорун, сүөһү-ас хайдах турарын туһунан быһыта-орута кэпсэтэн баран, тохтоон хааллылар.
Уу-чуумпу бүрүүкээтэ. Истиэнэ чаһытын тыаһа сүрэх тэбэринии улаатан кэллэ.
Түгэх хоско ийэлэрэ кэтэһэн сытар. Ыраахтан кэлбит, өтөр көрсүбэтэх баар-суох эдьиийин көрсөөрү кэтэһэр. Оттон эдьиийдэрэ хоско киирэ охсубакка, саалаҕа баран тугу эрэ гыммыта буолан букунайан, тэмтээкэйдии-тэмтээкэйдии түөрэҥэлии сылдьарын, дьиэлээхтэр соһуйа көрдүлэр. Анаан-минээн көрсө кэлэн баран, тоҕо ыксаабатын бары дьиибэргээтилэр.
Куораттан кэлэн ийэтин ыарыылыы сылдьар кыыстара, тулуйбакка:
— Эдьиий, маама кэтэһэн сытар ээ… – диэн иһэн, эдьиийин аймаммыт сирэйин, уу-хаар баспыт хараҕын көрөн, «сык» гынна. Өр көрбөтөх соҕотох балта ыараханнык ыалдьан уҥуох-тирии буолан сытарын, олоҕун тиһэх күннэрин моҥуурун көрүөн баҕарбатын, ол түгэни уһата сатыырын, ханнык тыллары наардаан булан, тугу диэхтээҕин билбэтин, уйадыйан хаалан балтын аймыырыттан куттанарын Маайыс саҥата суох, ис иминэн сэрэйэн өйдөөтө, бэйэтэ да кэбирээн сылдьар киһи, сүрдээҕин аһына санаата.
—— Тоойуом, кэпсэтэр… дуо?.. – эдьиийэ ботугураан иһэн, бөтөн ылла.
— Ээ, үчүгэйдик кэпсэтэр ээ…
— Аһыыра хайдаҕый?..
— Хааһы сиир, бульон иһэр…
— Тугу илдьиэхтээххиний, аҕал, мин илдьиим эрэ…
Маайыс хатыҥ чээрэтиттэн чэй бэлэмнээн баран, ийэтигэр илдьээри тутан турарын, эмээхсин хапсаҕай үлүгэрдик хаба тардан ылан баран, хос диэки хардыылаата. Маайыс онуоха кыайан утарсыбакка, даллайан туран хаалла. Эдьиийэ чэйи тоҕоро биллэр, ол эрээри, чэ, бэйи…
Эмээхсин тэмтэрийбэккэ эрэ, син уонча хаамыыны оҥордо. Ол да буоллар, ааҥҥа ситэ тиийбэккэ, тэмтэрийэн тиийэн, аан холуодатыттан тутуста. Чааскылаах чэй аҥара тохтон, муостаҕа халыс гынна. Маайыс көмөлөһөөрү сүүрэн тиийбитин, эдьиийэ уҥуох харытын таһынан хаһыйа анньан кэбистэ.
Кылгас гына кырыттарбыт, маҕана баһыйбыт күкээркэй баттаҕын муос тарааҕынан туттарбыт кэтэҕэ чохойон, бүлүүс кэһиэччиктээх көхсө холбойон, уҥа илиитинэн холуодаттан тутуһан, аҥар илиитинэн быһаҕас чааскылаах чэйин туппутунан, эмээхсин боруогу кыайан атыллыыр кыаҕа суох, кылгастык тыынан аҕыластаабытынан, хоһу өҥөйөн турда…
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru