Тохтоо, түгэн: Кыһыҥҥы «ыстаанын» уста илик тииҥ

Бөлөххө киир:

Социальнай ситимнэри биир көрүдьүөс хаартыска толордо. Аҥаар өттө түүлээн, кытархай өҥнөммүт тииҥ хаартыскатын дьон: «Саха сиригэр күн-дьыл туруга хайдах буолуо биллибэт, бээ, кыһыҥҥы «ыстааммын» бакаа устубат эбиппин» диэн суруктаах тарҕаталлар. Дьэ, диэх да курдук. Халлааммыт олус эрдэ сылыйан, хаарын уулларан баран, от-мас көҕөрө бытыгыраан эрдэҕинэ, аны хаарынан, тыалынан силбиэтэнэн эрэр. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр бөлүүн кылбаа маҥан хаар үллүктүү түстэ. Тиэтэйэ-саарайа үүнээйи олордубут дьон хайаспыттара буолла дии саныыгын.
Онон айылҕа оҕото — өй хаата тииҥ барахсан халлаан тымныйарын этинэн-хаанынан билэн сылдьар кыыл буолуохтаах, кыһыҥҥы түүтүн уста охсорго тиэтэйбэт эбит.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0