Тохсунньуттан хамнас алын кээмэйэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Былырыын үлэ төлөбүрүн эйгэтигэр улахан уларыйыы тахсыбыта. 82 №-дээх федеральнай сокуон ирдэбилинэн, хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) иккитэ үрдээбитэ: 2018 сыл тохсунньутуттан 22% (9489 солк.) үрдээбитэ, ыам ыйыттан үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын кээмэйигэр (Арассыыйаҕа — 11 163 солк.) тиэрдибиттэрэ.

Оттон Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр өссө 2014 сыллаахха тэҥнэспитэ. Тоҕо диэтэр, 2012 сылтан бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии кэнсиэпсийэтэ (2012-2017 сс.) үлэлээбитэ.

Бу туһунан СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ  Елена Волкова кэпсээтэ:

—2018 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйэ 1,6 төгүл үрдээн, хотугу эргимтэҕэ диэри — 27 908 солк., хотугу эргимтэҕэ сытар улуустарга — 31 256 солк. тэҥнэспитэ. МРОТ үрдүүрүгэр туһуламмыт дотация 1,383 млрд. солк. федеральнай бүддьүөттэн кэлбитэ.

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ өссө үрдээбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйэ: хотугу эргимтэҕэ диэри — 28 200 солк., хотугу эргимтэҕэ сытар улуустарга — 31 584 солк. тэҥнэһэр.

СӨ бырабыыталыстыбата, Идэлээх сойуустар федерациялара уонна Табаары оҥорон таһаарааччылар сойуустара үс өрүттээх сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. Ол чэрчитинэн, үлэһит ыйдааҕы нуорматын, үлэ бириэмэтин толорбут буоллаҕына, хамнаһа МРОТ кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. Ол эрээри, бу сууматтан НДФЛ нолуок суумата көҕүрүүрүн учуоттуохха наада.

Үлэ төлөбүрүн судаарыстыбаннай гарантиятын хааччыйар сыалтан, хамнас МРОТ-тан кыра буоллаҕына, эбии төлөбүр оҥоһуллар. Бүддьүөт үлэһиттэригэр ити ороскуот өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ылыллар. Онтон атыттар бэйэлэрин үптэриттэн хааччыйыахтаахтар.

Бу миэрэ дьадайыыны утары охсуһууга, олох таһымын үрдэтэргэ туһуламмыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0