Тохсунньуттан МРОТ үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. 2019 сыл тохсунньутуттан үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр (11 280 солк.) тиийиэхтээх.

Бу сокуон чэрчитинэн, хас сыл аайы тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ ааспыт сыл иккис кыбаарталыгар олохтоммут, үлэлиир нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын кээмэйигэр тэҥнэһиэхтээх. Санаттахха, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) кыбаартал аайы уларыйар.

Онон, Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, бу нуорма олоххо киириэҕиттэн, 3,7 мөл. үлэһит хамнаһа үрдүүрүгэр тирэх буолуохтаах.

Саха сиригэр, Уһук Хоту эргимтэҕэ сытар буолан, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ Арассыыйаҕа олохтоммуттааҕар үрдүк. 2018 сыл үһүс кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 17475 солк. тэҥнэһэр.

2018 сылга  өрөспүүбүлүкэҕэ МРОТ кээмэйин тохсунньуттан 38%, ыам ыйыттан өссө 17,6% үрдэппиттэрэ. Ол иһин, оройуоннай коэффициентан, хотугу эбиликтэн тутулуктанан, МРОТ кээмэйэ 17586 солкуобайтан 31256 солкуобайга тэҥнэспитэ. Хотугу эргимтэҕэ коэффициена үрдүк буолан, хамнас эмиэ үрдүк.

Хамнаһы үрдэтиигэ 2018 сылга 4 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтэ. Манна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2,6 млрд солк. тыырыллыбыта, уоннааҕыта федеральнай хааһынаттан кэлбитэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0