Тохсунньутааҕы биэнсийэ кыраапык быһыытынан төлөнөр

Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи Биэнсийэ пуондата иһитиннэрбитинэн, тохсунньутааҕы биэнсийэни уонна социальнай хабааннаах төлөбүрдэри Арассыыйа почтатын салаалара тохсунньу 5 күнүттэн тиэрдэн саҕалыахтара. 

Ый 7-с чыыһылатыгар оҥоһуллуохтаах төлөбүр тохсунньу 6 күнүгэр ыытыллыаҕа.  Уоннааҕылар кыраапык быһыытынан тиэрдиллиэхтэрэ.  Тохсунньу 8 күнүгэр төлөнүөхтээх биэнсийэ уонна социальнай хабааннаах төлөбүрдэр үптэрэ тустаах кэридьиитинэй тэрилтэлэргэ өссө былырыын  ахсыннньы 30 күнүгэр ыытыллыбыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0