Тохсунньу 1 күнүттэн «100 сыл оҕолоро» хапытаал үрдүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
СИА хаартыската.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «100 сыл оҕолоро» хапытаал үрдээн, 110 775 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ол туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Елена Тепялкова иһитиннэрдэ.

«Тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ сыллата үрдүүр. Тохсунньу 1 күнүттэн 110 775 солкуобай буолуоҕа. Ил Дархан сорудаҕынан, бу хапытаалы биэрии өссө биэс сылга уһаабыта, ол эбэтэр 2027 сыл бүтүөр диэри көрүллэр», — диэтэ Елена Теплякова.

Эрэгийиэннээҕи хапытаалы 20 345 ыал туһаммыт. Үгүс ыал бу үптэрин олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга уонна тырааныспар атыылаһыыга ыытар эбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0